Чиҥ туруктаах оҕону иитии. Кулан хан
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Чиҥ туруктаах оҕону иитии - Кулан хан страница
Сэбиэскэй кэмҥэ, уопсай үлэни өрө тутуу саҕана, дьааһыла, оскуола оҕо иитиитин үүннээччи-тэһииннээччи буолбуттара. Интернаттар, сайынын үлэ-сынньалаҥ лааҕырдара оҕо улаатарыгар, ситэригэр-хоторугар улахан оруоллаах этилэр. Ол бэйэтэ эмиэ да үтүө, эмиэ да мөкү өрүттээх буолбута мэлдьэҕэ суох.
Биһиги бу кинигэбитигэр билиҥҥи кэмҥэ оҕону иитиигэ ордук туохха болҕомтону ууруохтаахпытын, өбүгэ дириҥ билиититтэн тугу сомсуохтаахпытын, айылҕа тутулун быһыытынан оҕо иитиитигэр тугу билиэхтээхпитин-көрүөхтээхпитин бэрт кыратык сэгэтэ түһүөхпүт. «Тоҕо кыратык?» диэн ыйытар буоллахха, хас биирдии киһи айылҕаттан бэриллибит уратылаах, туспалаах, ол сиэринэн барыга сөп түбэһэр ыйыылары-кэрдиилэри ким да биэрэр кыаҕа суох. Бэйэбит тутан-хабан, өйдөөн-ылынан эрэ ситэри билэр кыахтаахпыт.
Ол эрэн биир чопчу көстүү хас биирдии төрөппүккэ баар буолуохтаах – оҕоҕо таптал. Ол аата аһаҕас сүрэхтээх, аһыныгас майгылаах уонна кэмигэр мындыр өй ирдэбилинэн кытаанах буолуу. Оҕотун дьиҥнээхтик таптыыр киһи бэйэтин баҕатын ханнара сатаан, киниттэн кими эрэ оҥорон таһаара сатаабат. Оҕотун дьиҥнээхтик таптыыр киһи кини инникитин санаан атаахтаппат-тараҥнаппат. Оҕотун дьиҥнээхтик таптыыр киһи… Дьэ ити туһунан бу суруйууга төһө кыалларынан сиһилии сэһэргэһиэхпит.
Билиҥҥи дьон дьикти кэмҥэ олоробут. Биллэн турар, хас биирдии кэм бэйэтэ уратылаах буолар. Ол эрээри биһиги үйэбитигэр информационнай технология аһара балысханнык сайынна. Урут ким да маннык технологическай сайдыылаах кэмҥэ олорботоҕо, биһиги суол тэлээччилэр буолабыт. Ол эмискэ дириҥник ааҥнаан киирбитэ сүүрбэччэ сыла да буола илик. Күннэтэ туох барыта күүскэ сайда турар буолан, саҥаттан саҥа үөдүйэ-үөскүү турар.
Аны интернет ситимнэрин информационнай технология эйгэтигэр сайдыылаах, үптээх-харчылаах, элбэх ахсааннаах омуктар баһылыы-көһүлүү туталларын быһыытынан, бу эйгэҕэ аҕыйах ахсааннаах омук, биллэн турар, баһыйтарар. Ону аҕыйах сыл иһигэр оннооҕор тыа оҕолоро нууччалыы тылламмыттара, бэйэлээх бэйэлэрин ийэлэрин-аҕаларын, эһэлэрин-эбэлэрин кытта нууччалыы кэпсэтэллэрэ кэрэһилиир.
Ол да буоллар биһиги, тыйыс дойдулаах саха дьоно, өбүгэ утумун салгыыр, айылҕа үрдүк аналын толорор туһугар ити ыарахаттары баһыйар, кыайар албастары тобулуох кэриҥнээхпит.
Олох саҕыллыыта
Оҕо кыайан үөскээбэтин төрүөтэ
Былыр, киһи аймах айылҕатыттан күүскэ тэйэ илигинэ, оҕо үөскээһинигэр улахан суолта уураллара. Кыыс оҕону кырыы харахтаахха таба көрдөрбөккө кистээн-харыстаан, бүөбэйдээн улаатыннаралларын өбүгэбит олоҕуттан билэбит. Былыр кыыс оҕону улахан сулуу төлөөн кэргэн кэпсэтэллэрэ, ол иһин атыыласпыт киһиттэн сирэй-харах анньыллымаары харыстыыллар этэ диэн сорох дьон этиэхтэрин эмиэ сөп. Хайата да баара.
Оннооҕор күн бүгүҥҥэ диэри сорох илиҥҥи омуктар кыыс уоллуун холбоһон баран хоонньоспут бастакы түүнүн кэнниттэн утуйбут таҥастара хааннаах дуу, суох дуу, ол эбэтэр кыыс төһө ыраас эбитий диэн билэ сатыыллар. Бу былыр сүрдээх киэҥник тэнийбит үгэс.
Билиҥҥи олоххо бу үгэстэр эргэрэн, сөп түбэспэт буоллулар. Ол иһин ити урукку кытаанах үгэстэр оннуларыгар билии-көрүү, итэҕэл, олоххо таптал көмөтүнэн ыал буолар эдэр дьон оҕо үөскүүрүүгэр-төрүүрүгэр тус бэйэлэрэ ирдэбиллээхтик сыһыаннаһыах тустаахтар. Ол, биллэн турар, биирдиилээн эрэ ыал оҕолорун кыра эрдэхтэриттэн оннук өйдөбүлгэ иитиилэринэн кыайтарбат. Дьон-сэргэ бүттүүн өй, билии үрдүк таһымыгар тахсан, олоххо эппиэтинэстээхтик сыһыаннастахтарына эрэ кыаллар суол. Билигин биһиги киһи аймах өйүн-санаатын, кутун-сүрүн оннук үрдүк таһымҥа тахсары саҕалаан эрэбит.
Саха аймах көрүүтүнэн, Ахтар Айыыһыт хотун эр киһиэхэ төбөтүн оройунан оҕо кутун угар. Ону эр киһи дьахтар киэлитигэр киллэрэр. Оччоҕо дьэ ол киэлигэ Айыыһыттаах Иэйэхсит көрсөн, оҕо кута-сүрэ үөскээн, таҥыллан барар. Билигин бу өйдөбүл оһуорга тиһиллибитин көҕүөр ойууга көрөбүт.
Аныгылыы тыыннаан көрдөхпүтүнэ, Айыыһыт да, Иэйэхсит да дьоҥҥо туругу биэрэллэр. Айыыһыт эр киһиэхэ сүрдээх көхтөөх, айар-оҥорор туругу биэрэр, ис кыаҕын уһугуннарар. Иэйэхсит дьахтарга иэйиини саҕан кинини сымнатар, арыйар, иэйэр-куойар туругу биэрэр.
Орто дойдуга туох барыта бэрт бытархай эттиктэртэн таҥыллан оҥоһуллар. Дьиҥэр, орто эрэ дойдуга буолбатах, ити сокуон туох баар Кудул Куйаарга барытыгар үлэлиир. Ол иһин саамай үрдүкү, туох баары барытын айааччыны, оҥорооччуну, тутааччыны сахалар Таҥара диэн ааттаабыттар. Ыһылла сылдьар бытархай эттиктэри таптал – магнетизм күүһүнэн таҥан оҥорор Улуу Күүс диэн. Таптал эрэ тардыһар күүстээх, онтон атына тус-туһунан сылдьар, сороҕор бэл диэтэр төттөрү анньыһар,