Былдьаама, дьылҕам, тапталбын. Айталина Никифорова
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Былдьаама, дьылҕам, тапталбын - Айталина Никифорова страница
– Лиза? Лизаа-а… – атын хоско утуйа сытар оҕолорун уһугуннарымаары, оргууй кэргэнин ыҥырда. Эппиэт суох.
Сааланы, куукунаны өҥөйөн көрдө. Дьиэҕэ суох. Кураанах. Тыый, бачча тымныыга түүннэри таһырдьа туохха таҕыстаҕай? Көхөҕө ыйанан турар дьиэ таһыгар кэтэр кууркатын харбаат, таһырдьа ойон таҕыста. «Лиза-а, Ли-иза-а!» – хаһыытыы-хаһыытыы олбуорун биир гына тилийэ сүүрдэ. Аа-дьуо, сымнаҕас сыа хаар түһэн наскыйар. Уруккуну барытын бүрүйэн, мэлдьэһэн, ыраастаан кыстык хаар сири үрүҥ көбүөрүнэн тэлгээбит. Бүөтүр хараҕын уута сирэйинэн сылаас сүүрүк буолан таммалыырыгар аахайбакка, барыах-кэлиэх сирин билбэккэ, өр дөйүөрэн турда. Онтон ким эрэ сирдээбитинии, олбуорун аанын аһан күөл диэки сүүрдэ.
– Лиза-а! Лиза-а! – хаһыытын кытта хаар саба баттаан иһэргэ дылы.
Ыраахтан күөл кытыытыгар туох эрэ боруоран көстөр. Бүөтүр сүрэҕэ биирдэ хам ылла, тыына кылгаата. Саҥа таһааран киһи куйахата күүрүөх хаһыытаата. Сүүрэн тиийдэ. Кэргэнэ аҥаардас сиидэс утуйар ырбаахылаах хаары бүрүнэн олорор эбит. Эр киһи тута кууркатын устан бүрүйдэ, хам кууста.
– Оо, Лиза-а! Тоҥмуккун ахан дии! Ыл, тур, дьиэлиэх!
Кэргэнин көтөҕөн ылаат, дьиэтин диэки сүүрдэ. Киирээт, утуйар ырбаахытын уһулла, ыскаапка турбут буокканы ойутан таһааран этин бүтүннүү сотто.
– Хата, наһаа тоҥмотоххун. Тугуҥ да үлүйбэтэх. Бу курдук сып-сылаастык соттуохпут, таҥныахпыт, итии мүөттээх чэй иһиэхпит.
– Мин, мин… Син биир киһи буолбаппын. Тоҕо да быыһаатыҥ… Бу ыарыыттан үтүөрбүт суох… Таах эйигин, оҕолорбун эрэйдиэм эрэ… – Лиза сэниэтэ суохтук сибигинэйдэ.
– Суох, суох! Итинник санааны кыйдаа, чыычааҕым! Билигин медицина сайдан ахан турар! Манна кыаллыбатаҕына, омук дойдутугар эмтэниэхпит! Мин Соҕуруу Кореяҕа, Германияҕа сурук ыыппытым. Кыайар буоллахтарына, эппиэттиэхтээхтэр. Санааҕын эрэ түһэримэ! Санаа, санаа күүһэ абырыа! Мин эйигин ханнык да ыарыыга биэриэм суоҕа, тапталлааҕыам! – Бүөтүр кэргэнин биллэрдик чарааһаабыт санныттан күүскэ кууһан ылла. – Көрөөр-истээр, барыта этэҥҥэ буолуо!
Ол икки ардыгар халлаан суһуктуйда. Сотору ол уҥуоргу тыалар быыстарыттан күн таҕыста, саҥа күнү уруйдаан үөрэн чаҕылыйда. Тула сырдаата. Сырдык хараҥа түүн аймалҕанын мэлдьэстэ. Михайловтар дьиэлэригэр сарсыардааҥҥы сүпсүлгэн турда. Оҕолор оскуолаларыгар хомуннулар, аҕалара – үлэтигэр.
– Ийэбит тоҕо турбата? – уоллара, ийэлэрин муннун бүөтэ, остуолга олороот, ыйытта.
– Ыалдьар буолбат дуо? Мэ, түргэнник аһаа, – улахан кыыс Маша быраатын буойда, ыһаарыламмыт сымыыты иннигэр уурда. – Люба-а! Кэл, аһаа! Хойутаары гынныҥ! Аҕаа, эйиэхэ кофе кутабын дуу, чэй дуу?
– Суох, чыычаахтар, бэйэҕит аһааҥ. Мин үлэбэр чэйдиэм. Ыксаатым. Киэһэ үчүгэй сонуннары күүтэбин! – Бүөтүр оҕолорун төбөлөрүттэн сыллаан ылла. Уолун санныттан кууспаҕалаата. Эмискэ хараҕын уута халыс гынна. Онтун кистээн түргэнник ааны былдьаста.
– Оттон миигин илдьибэккин да? – уола, массыынанан таһылларга үөрэммит киһи, ыйытта.
– Уоскуй, Максик. Дядя Коля кэлэн илдьиэҕэ. Уруоккут кэннэ иккиэн онно-манна барбакка, массыынаны күүтэҕит.
– Куорат таһыгар олорор наһаа эрэйдээх. Киһи ханна да сылдьыбат да, хайаабат да! Мин үҥкүүм куруһуогун иккитэ куоттардым! – Люба атаахтаан уоһа толлоҥноото.
– Хата кыргыттарбын кытта күүлэйим аҕыйаата диэ. Куруһуокка бары сылдьабыт. Аҕабыт хайаан да сылдьыҥ диир буолбат дуо. Баара-суоҕа киинэҥ эрэ аҕыйаатаҕа! Ийэбитигэр сибиэһэй салгын наада! – улахан кыыс Маша идэтинэн балтын буойда.
– Хайа, бу тугуй? Бай! Өйдөөбөтүм! Быһаар. Хайдах маннык эппиэттээх кэмҥэ уурайаары гынаҕын? Эн курдук кыахтаах финансиһы өрөспүүбүлүкэ хантан булар? Суох, Петр Николаевич, мин маны баттыыр кыаҕым суох. Дуоһунаскын, хамнаскын баҕар мыынарыҥ буолуо? Билэҕин. Мин эйигин миниистир солбуйааччытынан оҥороору сылдьабын, ирдэнэр докумуон үөһэ барбыта. Бэрэсидьиэн уураахха бүгүн-сарсын илии баттыыра эрэ хаалан турар. Улахан киһи бэйэтэ эйигин өйүүрүн биллэрбитэ. Онон бу сайабылыанньаны букатын ылыммаппын!
Миниистирэ кутан-симэн кэбистэ. Быһаарыныыны ыла үөрэммит киһи, салайар дьонун истэ үөрүйэҕэ суох буолан, быһаарбыт курдук сананан сайабылыанньаны ылан төттөрү уунан баран, көмпүүтэрин диэки хайыста.
– Суох, Кирилл Иннокентьевич, бу мин бүтэһиктээх быһаарыныым. Баһаалыста, илиигин баттаа. Мин дьиэ кэргэним балаһыанньатынан үлэлиир кыаҕым суох.
Петр Николаевич итэҕэтиилээхтик саҥарбытыттан тойоно улаханнык соһуйда. Чочумча тургутардыы көрөн олордо.
– Чэ, Михайлов, бэйэҥ дьыалаҥ. Бачча үлэҕэр өрө тахсан иһэн, барабын дииргин олох өйдөөбөтүм, – диэн баран сайабылыанньатыгар илии баттаата. – Оттон хайдах үлэлээбэккэ олороору гынаҕын?
– Идэбинэн үлэлиэм, университекка