Биһиги Аан Дархаммыт. Тумарча

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Биһиги Аан Дархаммыт - Тумарча страница 20

Автор:
Жанр:
Серия:
Издательство:
Биһиги Аан Дархаммыт - Тумарча

Скачать книгу

түһүмэҕин оҥорор биэс сүүстэн тахса киһилээх хамыыһыйатын чилиэнинэн бигэргэммитэ. Бу улахан суолталаах солону кини бэрт үгүс мэһэйи, бобууну-хаарчаҕы бэйэтин кыаҕынан, хорсун санаатынан туораан ситиспитэ. Соппуруон Сыраанап саха улуустарын аатыттан аҕыс суол боппуруоһу туруорсубута:

      1. 1768 сыллаахха Дьокуускайдааҕы бойобуода кэнсэлээрийэтэ дьаһаах хомуурун таһынан сокуоннайа суох олохтообут эбии хомуурун кэлэр сыл төлөбүрүгэр түһэрэргэ;

      2. Сахалар дьаһааҕы, анал хомуйар дьон күһэйиилэринэн буолбакка, бэйэлэрэ көҥүл өттүлэринэн төлөөһүннэрин олохтуурга;

      3. Сахалар нууччалыы билбэттэрин уонна нуучча тылбаасчыттара анал билиитэ суохтарын учуоттаан, сахалары, ыар буруйтан уратыга, бойобуода кэнсэлээрийэтэ сууттуурун тохтоторго;

      4. Саха тойотторугар үлэлэрин иһин сүүрбэ сыллааҕыта тохтотуллубут хамнас төлөбүрүн хат олохтуурга;

      5. Сахалар Россия киин куораттарыгар айаннарын бэйэлэрэ уйунан мөккүөрдээх боппуруостары тиийэн быһаарсалларыгар көҥүлү биэрэргэ;

      6. Урукку сокуонунан, дьаһаах төлүүр дьоҥҥо атын төлөбүр соҥноммотун быһыытынан, дьону таһыы эбээһинэһин атын ханнык баҕарар үлэнэн солбуйарга;

      7. Иркутскай уонна Охотскай трактарын 41 дьаамнарын тутууттан сахалары босхолуурга. Ол кыаллыбат буоллаҕына, онно үлэлиир дьону дьаһаах төлөбүрүттэн босхолуурга;

      8. Быыбарынан талыллыбыт улуус тойотторун уонна ыстаарыһалары дьаһаах төлөбүрүттэн босхолуурга.

      Алта маҥнайгы пууну империя салалтата сөптөөҕүнэн ааҕан ылыммыта. Бу эмиэ биир улахан ситиһии этэ. Тыҥааһыннаах кэмнэргэ норуот ортотуттан бас-көс дьону кэм-кэрдии бэйэтэ таһаарар. Ол дьон соруктарын төһө ситиһиилээхтик толороллоро кинилэр тус бэйэлэриттэн тутулуктаах.

      Соппуруон Сыраанап кэнниттэн сүүрбэ сыл буолан баран Бороҕон улууһун тойоно Сэһэн Ардьакыап Санкт-Петербург куоракка тиийэн, икки сылы быһа күүтэн, Екатерина II кытта көрсөн, бэйэтэ суруйбут анал «Сахалар тустарынан былаанын» дьүүлгэ туруорар. Бу былаан тоҕус пууннааҕыттан икки маҥнайгытыгар сахалар урукку уонна билиҥҥи олохторо кэпсэнэр. Сэттэтэ – сахалар олохторун хайдах гынан тупсарыахха сөбүн туһунан көрүүлэр:

      1. Быыбарынан талыллар уобалас кулубатын дуоһунаһын олохтооһун. Киэҥ сиринэн тарҕанан олорор аҕа уустарын кыһалҕаларын, туруорсууларын, иирсээннэрин быһаарыыга олохтоох омуктан баһылык баара табыгастаах буолара болҕомтоҕо ылыллыахтаах.

      2. Сахалыы суобас суутун олохтооһун. Дьүүллээччилэ-ринэн уобалас баһылыга уонна сууттаһар дьон улуустарын тойоно, кинээһэ буолуохтаахтар. Кинилэр дьыаланы, сокуонунан буолбакка, омук үгэһигэр, абыычайыгар олоҕуран көрөллөрө ирдэниллиэхтээх.

      3. Сахаларга өрүс устун оҥочолору соһуу сэнэбиллээх ыар үлэтэ соҥнонор. Ону сыылкаҕа ыытыллар хаайыылаахтарга сүктэриллиэхтээх.

      4. Иркутскайга

Скачать книгу