Үһүйээннэр, номохтор. Багдарыын Сүлбэ
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Үһүйээннэр, номохтор - Багдарыын Сүлбэ страница 21
Уол көрбүтэ – кэлэллэр. Сүгэһэр бөҕөнү аҕалан, таһырдьа тамнаан баран, аһаан-сиэн дьаабыланан бараллар. Ийэтэ эппитин курдук, кэчигирэһэн олороллор. Биир киһи үөһэ олорор. Ийэтэ буолуо, ураһаны дьөлө анньар. Онон курдаттыы тыыннарар. Киирэн ныһыйталаан баран, ийэтин илдьэ барар.
Мас үйэтэ бэрт эбит. Ол тииттэр билигин даҕаны тураллар.
Һаараа эмээхсин диэн балтараа сүүһүн туолбут эмээхсин баар этэ. Ол эбэм сэһэргиир этэ диэн сэһэргиирэ. Иккис тиис үүнэн баран өлбүт эмээхсин ол Һаараа. Ол эмээхсинтэн, син улахан киһи буолан баран, истибитим. Отучча саастаахпар.
Федор Павлович Кононов. Үөһээ Бүлүү улууһа, III Күүлэт нэһилиэгэ. 1970 с. Бүлүү Үгүлээтигэр суруйарбар 73 саастааҕа.
ҮГҮЛЭЭТ ТӨРҮТТЭНИИТЭ
Үгүлээттэр тоҥус төрүттээхтэр. Төпүрүүн диэн. Онтон эбиллибиттэр Наахара аҕатын ууһа, Дьаархан аҕатын ууһа. Дьаарханнар – Марха быстахтара. Хааһыналарын онно киирэн төлүүллэр үһү. Тоҥус аҕатын ууһа: Чорду тоҥустар, Оһоҕостоох аҕатын ууһа.
Онон онтон-мантан самсанан, киэҥ, улахан нэһилиэк буолбут. Сэһэҥҥэ итинник этэ. Төпүрүүнтэн төрүттэммит аҕа ууһа эстэн турар. Арай ити Луукун Хаппытыан, Сутукаанап Хабырыыл бааллар уонна барыта туораттан кэлбиттэр. Төрүт Үгүлээттэр итилэр уонна, ааҕыстахха, биир эмит баара дуу?
Быстах Үгүлээт диэн сороҕо Торуой Күүлэт арҕаа, хоту өттүгэр олорбуттар. Кинээстэрэ – манна. Торуойуҥ диэн быычыкаан. Орто Бүлүү Тааһаҕарын быстаҕа. Эмиэ Орто Бүлүүгэ хааһыналарын төлөөн олорбуттар. Булдугар-аһыгар тартаран, олорон хаалаллар уонна аҕа ууһун төрүттүүллэр.
Василий Федотович Яковлев. Бүлүү, Үгүлээт нэһилиэгэ. 1970 с. кэпсэтэрбэр 80 саастааҕа.
НААХАРАЛАР ҮГҮЛЭЭККЭ
Биһиги – наахараларбыт. Наахара Үгүлээккэ элбэх. Сорох аҕа ууһа имиттэн да суох. Үксэ наахара олорор.
Төрүппүт Дьокуускайтан кэлбит. Сээпилэ – маҥнай кэлбит. Онтон Хаандыр төрөөбүт. Онтон – Чөҥөчөк диэн. Күүстээх киһи үһү ол. Олоҥхону кэпсиир курдук. Ол иһин Чөҥөчөк диэбиттэр. Улахан, ити атыыр оҕус, ону, икки муоһуттан ылан баран, үтүрүйэн өрө анньан таһаарара үһү. Сылгы атыырын, сайын таалалаан сытар атыыры, туруорбат үһү. Чөҥөчөктөн төрөөбүт киһи сүрэхтэммит. Ол аата Бүөтүр диэн буолбут. Ол Бүөтүртэн төрүүр мин эһэм. Дьаакып диэн. Онон Яковлевтар диэн ааттанабыт биһиги. Онтон мин аҕам төрүүр. Сөдүөт диэн. Онтон ити мин төрөөн олоробун. Ити дьон диэн үйэлэрэ уһун үйэлээх дьон. Мин эһэм сүүһүн туолуо сыл аҥарынан тутайан өлбүт. Аҕам буоллаҕына 95 сааһыгар өлтө.
ТӨПҮРҮҮН
Үгүлээти олохтообут киһи Төпүрүүн эбит. Тоҥус. Бу мантан 12 көстөөх сир Амаһаах баар. Бастаан бу тоҥустар бу сиргэ олорон испиттэр. Онтон икки көс бэттэх Манабычаан диэн баар. Онно сыҕарыйан