Үһүйээннэр, номохтор. Багдарыын Сүлбэ
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Үһүйээннэр, номохтор - Багдарыын Сүлбэ страница 24
ЛУОҔА БООТУР ТӨРҮТТЭЭБИТ
Былыр Луоҕа Боотур диэн киһи, Тыгынтан күрээн иһэн, онтон быстан хаалан, бу нэһилиэккэ олохсуйбута үһү. Ол иһэн, Арыылаах бэтэрээ өттүгэр улахан алаас баар, Хомустаах диэн, ол күөлүнэн тоҥус сирэ эбит. Тоҥустар олоортор. Луоҕа Боотур кэлиэр диэри. Оччотооҕу Арыылаах дуоланнаан турар 1 улахан күөл эбитэ үһү.
Ити күөл соҕуруу өттүгэр Чыыбы хайата диэн үрдэл баар. Ити күөлтэн көс кэриҥэ ыраах бэскэ турар. Луоҕа Боотур онно кэлэн көрбүтэ, туос тыылаах киһи тыыраахы курдук үһү. Тоҥустар барыта. Ыалдьыттаабыттар. Онуоха Луоҕа Боотур дьонугар эппит: «Мин хайдах хамнанабын да, ол курдук хамнанаарыҥ. Айаннаан, сылайан иһэр дьоммут».
Онтон Арыылаахха кэлбиттэрэ, киһи аҕыйах эбит, ураһа диэн элбэх эбит. Дьэ, били баар дьоннор тиит хатырыгынан остуол бөҕөнү тарпыттар уонна онно хаппыт балык бөҕөнү туруорбуттар. Ыалдьыттарыгар. Уонна туос тордуйаҕа балык сыата бөҕөнү туруорбуттар. Балыктарын быыһын аайы. Хас биирдии киһи аайы мас биилкэни туттарбыттар, балыгы хоргуҥҥа булкуйан сииргэ анаан.
Онно Луоҕа Боотур мас биилкэни, хомуйан ылан, ууран кэбиспит. Уонна хаппыт балыгы били хоргуҥҥа булкуйан сиэн барбыттар.
Дьэ, онуоха ойууртан ох тутуурдаах тоҥус бөҕө киирэн кэлбит.
Ол түөрүйэтэ буоллаҕына, балык сыатын биилкэнэн сиэбиттэрэ буоллар – ытыалаан барыах эбиттэр. Ону буоллаҕына балык сыатын илиитинэн сиэбит киһи ох кирсин кыайан туппат буолар эбит. Ол аата сэриилэһэр санаата суох диэн. Ол иһин тоҥустар ойууртан киирбиттэр. Эйэлээх дьон кэлтэр диэн.
Ол дьоннортон икки киһи быстан, бу дойдуга хаалбыт. Убайдыы бырааттыы. Биирдэһэ Тааһаҕар диэн ойуун эбит. Биирдэһэ Бахсы Боотур диэн улахан күүстээх уонна баай киһи эбит. Ити дьон баһылыктааннар, манна хас да киһи хаалбыт. Онтон тэнийэн-ууһаан, тоҥустар үтүрүллэн, өрүс уҥуор хоту диэкки баран биэрбиттэр.
Ити Бахсы Боотур сүрдээх дохсун, баттыгастаах баҕайы киһи эбит. Аҕатын ууһа элбээбитин кэннэ, биир аҕа ууһун Күүлэт диэкки үүртэлээн кэбиспит. Сир биэрбэккэ. Онтон кэлин, быраата Тааһаҕары кытта иирсэннэр, Бахсы Боотур кэлин бэйэтэ эстэн хаалбыт. Ол иһин бу нэһилиэк Тааһаҕар аатын сүгэн хаалбыт. Ол ойун тэнийбитинэн сибээстээн.
Онтон кэлин киһи ньуучча аатын ылбытын, сурук-бичик үөскээбитин кэннэ ол үүрүллүбүт аҕа ууһуттан, Күүлэттэн, үс бырааттыы төттөрү дойдуларыгар киирбиттэр. Онтон ол бырааттыылар улахан убайдарын аата Баатаҕай диэн эбит. Биир бырааттара Аччыгый Киһи диэн баар эбит. Биирдэрин аатын умнан кэбиспиппин. Баатаҕай диэн киһиттэн Хаппытыан диэн кулуба буолар киһи төрөөбүт. Ол буор дьадаҥы киһиттэн.
Кэпсээнньит тылы быһаарыыта:
1 Дуоланнаан турар – тобус-толору уулаах. Хаһан даҕаны түспэтэх уулаах.
ГОРНАЙ
Анатолий Степанович Максимов. Горнай, Атамай. 1996 с. кэпсэтэрбэр сааһын ыйыппыппар: «80-муттан чорбойдум. 70-ҥар дылы лоппоччу ааҕан биэрэҕин. Онтон 70-ҥуттан чорбойдоххуна, өстөөх сааһым диэн, чорбойдум диэн сыыппаратын эппэккин. Барыахтарыгар диэри. 80-мар үктэнэ сылдьабын диир.