Үһүйээннэр, номохтор. Багдарыын Сүлбэ
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Үһүйээннэр, номохтор - Багдарыын Сүлбэ страница 27
Григорий Самсонович Сметанин (1921). Кэбээйи улууһа, Кэбээйи нэһилиэгэ. 1975 с. кэпсэппитим.
КЫРГЫС ҮЙЭТИГЭР
Улуннаах диэн киһи аата. Тоҥус атамаанын аата. Былыргы Бадьаайы диэн ааттаах саха бухатыырын кытта охсуспут. Бадьаайы Улуннааҕы өлөрбүт уонна кутаҕа киллэрэн, тимирдэн кэбиспит. Онтон аатырбыта үһү диэн.
Малыыда буоллаҕына. Былыр манна тоҥустар олоро сылдьыбыттар. Уоспа ыарыы кэлэн, онно улаханнык өлбүттэр. Эстибиттэр. Онно эбиитин Бүлүүттэн Бадьаайы баһылыктаах сахалар оруодалара киирэн, кыргыһан, сахалар кыайаннар, тоҥустар кыайтаран, аҕыйахтара ордон, куоппуттар. Ол куотан баралларыгар: «Биһиги манна кэлэммит, малыйан бардыбыт. Онон Малыыда буоллун», – диэбиттэр. Күөл аата.
Кэбээйи эмиэ Малыыда курдук. Кыргыска уонна уоспаҕа эстэннэр, тоҥустар: «Биһиги манна кэлэн, кэбэлийэн бардыбыт», – диэбиттэр.
Иван Яковлевич Сметанин (1932). Кэбээйи улууһа, Кэбээйи нэһилиэгэ. Үөгүлүүр аҕатын ууһа. «Мин бу кэпсээни 1966 сыллаахха күһүн Кэбээйи нэһилиэгиттэн төрүттээх Сметанин Дмитрий Дмитриевич, Миитэрэпээн диэн сахалыы ааттаах аатырбыт булчут, оччотооҕуга 60 саастаах кырдьаҕастан истибитим», – диэбитэ. 1994 с. суруйбутум.
ҮӨГҮЛҮҮР АҔАТЫН УУҺА
Былыр, сахалар маҥнай ньуучаларга сүрэхтэнэллэрин саҕана, билиҥҥи Кэбээйи нэһилиэгин сириттэн, Умсаннаах диэн күөл кытыытыгар олорор Мөкү Сирэй диэн ааттаах киһи ньууччаларга сүрэхтэнээри билиҥҥи Дьокуускай сиригэр кэлбит. Сүрэхтэнэр манньатын үс кыһыл, биир хара саһылы көҥүччэххэ 1 уган кэлбит.
Кэлэн күбэрнээтэргэ киирээри гыммытыгар, харабыл хаһаахтар саһылларын былдьаан ылаары гыммыттар. Ону биэрбэккэ, утарылаһан, улаханнык ыһыытаабыт-хаһыытаабыт. Ону күбэрнээтэр тойон, бэйэтэ тахсан, буойан тохтоппут. Кэлбит киһи туохха наадыйан кэлбитин эппит. Ону күбэрнээтэр, аҕалбыт манньатын ылан баран, Сметанин диэн араспаанньа иҥэрбит. Онтон тахсарын саҕана: «Эн ыһыытыырыҥ, үөгүлүүрүҥ улахана бэрт эбит. Онон эн аҕаҥ ууһа Үөгүлүүр аҕатын ууһа диэн аны мантан ыла ааттаннын», – диэбит. Онон Кэбээйигэ баар Сметанин ааттаах аҕа ууһун дьонноро Үөгүлүүр аҕатын ууһун дьонунан ааттаналлар.
Кэпсээнньит тылы быһаарыыта:
1 Көҥүччэх – тириинэн оҥоһуллубут иһит.
Егор Прокопьевич Кычкин-Дьөгүөрсэ (1902). Кэбээйи, Мукучу. Кырыкый аҕатын ууһа. 1990 с. кэпсэппитим.
ЭМЭЭХСИН БААРЫН БИЛЛЭРЭ СЫТАР
Эмээхсини атаҕастаан, дүҥүрүн ылан барбыта. Бандьыыт сэриитин бэтэрээ өттө. 25–26 сыллааҕы эргин буолуо. Бука. Киэсэ Сэмиэнэп быраата. Тааһаҕарга учууталынан олорон. Дүҥүрэ эһэ тириитинэн оҥоһуллүбут кыракый дүҥүр этэ. Этэр баҕайы.
Ол дьон эстэн хаалбыт үһүлэр. Убайа,