Үһүйээннэр, номохтор. Багдарыын Сүлбэ
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Үһүйээннэр, номохтор - Багдарыын Сүлбэ страница 28
Мин ол Тыҥкый Сырааҥҥа баар өтөҕүн бастаан 1968 сыл күһүнүгэр, кэлин эмиэ 1984 сыл күһүнүгэр муҥхаҕа сылдьан көрбүттээхпин. Ол онно кэлиҥҥи да көрүүбэр өтөх баҕаналара, кубарыһа хатан баран, өссө да тулуктаһан тураллара.
ЛЕНСКЭЙ
Нина Январьевна Симонова (1953). Ленскэй, Орто Наахара. Үрдүк үөрэхтээх, учуутал.
КҮӨБҮРГЭТТЭР
Күөбүргэн диэн сир олохтоохторун күөбүргэттэр дииллэр.
Күөбүргэҥҥэ Тэриэскиттэр кэлбиттэр. 5–6 ыал кэлбит. Сүөһү иитиитинэн дьарыктаналлар үһү. Күөбүргэттэри олорбут сирдэриттэн үүрэн кэбиспиттэр.
Онуоха туран, күөбүргэттэр үҥсүү түһэрэллэр. Бастаан Аанньаахха кинээстэригэр, Өлүөхүмэҕэ – кулубаҕа, онтон Дьокуускайга Киин Суукка үҥсүбүттэр. Дьокуускайтан: «Күөбүргэттэр кэллиннэр», – диэн сурук кэлбит. Онно барарга кырымахтаах саһыл мунньубуттар. Ол саҕана күөбүргэттэр Сиэн Төрдө диэн сиргэ олорбуттар. Биирдэ ол Сиэҥҥэ балыктыы сылдьан, биир сордоҥу ылбыттар. Сордоҥнорун иһин хайытан көрбүттэрэ, тааһы сиэбит эбит. Таастан уот күндээрэ түһэр. Дьиктиргииллэр, саба тутан кэбиһэллэр. Ол таастара эрбэх саҕа үһү. Ити таастарын саһылларын кытта бииргэ Дьокуускайга илдьэ барбыттар. Суут тойонун дьиэтигэр киирэллэр. Тойонноро хоһугар олорор эбит. Күөбүргэттэр: «Саһылларбытын уурталыахха», – дииллэр. Үрүт үрдүгэр буолбакка, биир-биир кэккэлэччи уурбуттар уонна били таастарын биир саһыл өрөҕөтүн анныгар ууран кэбиспиттэр.
Тойонноро хоһуттан тахсыбыт, дорооболоругар хардарбатах. Саһыллар өрөҕөлөрүн көрөөрү атаҕынан тиэрэ уурталаабыт. Күөбүргэттэр аҕыйаҕы уурдубут быһыылаах дии санаабыттар. Онтон тойон били тааһы көрө биэрбит уонна хоһугар илдьэ киирбит. Сотору буолаат, хоһуттан тахсыбыт. Дорооболоспут, кимнээхтэрин ыйыталаспыт. Дьыалаларын дьүүллээбит уонна: «Тэриэскиттэр көстүннэр», – диэн кулубаҕа сурук ыыппыт.
Онон Тэриэскиттэр Күөбүргэнтэн көспүттэр. Биир Тэриэскин Бэлиэдэйгэ барбыт, биир – Чамчаҕа, биир – Бүлүүгэ, Хочо диэн сиргэ, биир – Нүүнэ баһыгар, биир – Наахараҕа.
Владимир Иванович Попов (1904). Ленскэй, Бэтинчэ. 1979 с. кэпсэппитим.
ТҮӨРТ КИЛИЭП
Ат Кытыла диэн сир. Былыр сүүрүк аты сүүрдэллэр. Сунтаартан киллэрэн сүүрдэллэр этэ. Түөрт Килиэп диэн киһи сүүрүк аттаах этэ. Моҕол диэн. Нэлэкэ диэн күөлгэ таххан, биир дьахтарга килиэп биэрбит. Түөрт килиэби. Түүн онтугар барбытыгар: «Кимҥиний?» – диэбит. Ону: «Били, түөрт килиэп», – диэбит. Ону дьон истибит уонна Түөрт Килиэп диэн ааттаабыттар.
Дьахтар хоойугар киирэбин диэн ааттанан хааллаҕа ол.
Фаина Васильевна Захарова (1930). Ленскэй, Орто Наахара нэһилиэгэ. 2002 с. кэпсэппитим.
ЗАХАРОВКА