Иччи. Сибиэн. Абааһы. Народное творчество

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Иччи. Сибиэн. Абааһы - Народное творчество страница 10

Жанр:
Серия:
Издательство:
Иччи. Сибиэн. Абааһы - Народное творчество

Скачать книгу

Уол барыта торбуйах таҥастааҕа. Ордук торбуйах ыстааннааҕа биһигини соһуппута. Оччотооҕу оскуола оҕолоро торбуйах ыстааны кэппэт этибит. Оскуола үрдүнэн торбуйах ыстааннаах суос-соҕотох оҕо. Эбиитин туос кэлэҕэй этэ. Оҕолор, кырдьык, киниттэн арахпакка муокастыыллара. Арай саһарчы буспут ыһык лэппиэскэтигэр иҥсэрэр этибит. Уолу кытта түүн, күнүс кэпсэтэн, оонньоһон, аһаҕас эттээҕин туһунан билбиппит.

      – Мин торбуйах абааһытын көрөөччүбүн, – диэн бэрт эрэйинэн эппитэ.

      – Ол торбуйах абааһыта хайдах буоларый?

      – От-тон с-с-сыгынньах оҕо б-б-буоллаҕа дии, – диэн тардыалатара. Биһиги дьиэбитигэр абааһы буулаабытын туһунан билэр, истибит этэ. Биһиги аһаҕас харахтаах киһибитигэр:

      – Тиийэн кэллэҕинэ, көрөөр эрэ, хайдах бодолоох кыс устатыгар куттаан олорбут эбитий? – диэтибит.

      – Сөп, к-к-көрүллүө.

      Биһиги оччоҕолорго кырдьык, итэҕэйбиппит, уолбут көрөн биэрэригэр олуһун эрэммиппит.

      Сааскы өрөбүл иннинэ били моһуоктааччыбыт кэлэр кэмэ тиийэн кэлбитэ. Биһиги үс буолан киирэр аан чанчыгын диэки уҥа ороҥҥо сыппыппыт. Өр көһүтүннэрбэтэҕэ, идэтинэн тыаһаан-ууһаан барбыта. Бу сырыыга оһох кэннигэр тимири аалардыы киһи куйахата күүрэр, уҥуоҕа кычыгыланар тыаһы таһаарара, оһоҕу тула эргийэр курдук тыаһыыра.

      – Көр эрэ, ити оһох кэннигэр туох сылдьарын, – дэстибит. Уолбут оронугар өттүгэстээн сытан көрө сатыыр, соруммута сүрдээх, хараҕын илиитинэн сотто-сотто көрөр.

      – Туох да к-к-көстүбэт, с-с-суох! – диэн төлө биэрэр. Ити бириэмэҕэ тыас-уус элбиир, уол суорҕанын анныгар киирэр. Ыксаабыт куолаһынан «айа, абытай» диир саҥата баара. Сыппыппыт, сырдык этэ. Уол туохтан айакалаабытын ыйыппыппыт, кэпсээбэтэҕэ. Онуоха кинини кытта кэпсэтэр олус сылаалаах этэ. Саас буолан атахпыт таҥаһын: этэрбэспитин, куллукабытын холумтаҥҥа куурда уурар буолбуппут. Бу сырыыга ол таҥаспытынан быраҕаттыыр буолбута. Ордук миэнин барытын бырахпыта. Биирдэ били Тойбохойго соҕотох торбуйах ыстаан биһиги үс сирэйбитигэр кэлэн түспүтэ. Оо, онно Тимофей кыыһыран, ыстааны киэр элиппитэ.

      – Куһаҕан ыстаанын кыайан харайбакка киһи сирэйигэр бырахтарда. Кэһэтэн биэриэм! – диэн буолла.

      – Уол тугун буруйай, – Сергей намыраппыта.

      – Оттон оронугар, тэллэҕин анныгар укта сытыах этэ, – диир уҕараабыт Тимофей. Уол эрэйдээх кэлэҕэйигэр куттала эбиллэн, биир да тылы сатаан саҥарбат буола сытара. Салҕалас этэ. Били аһаҕас эппит туһалаабатаҕа. Тыас-уус, айдаан кыс устата биһигини салгытан, олус куттаммат буолбуппут. Түүн хойут хараҥарар буолан, сырдык этэ. Оннук сыттахпытына эмискэ уолбут тапчаана дьиэ ортотун диэки сыҕарыс гынна. Уол биһиги диэки кэлтэччи сыппыта буолуо. Сыгынньаҕын, били сыттанан баран ыксары тута сыппыт ыстаанын кытта муостаҕа төкүнүйдэ. Көрүөххэ сүрдээх, киһи күлүөх да хомойуох да көстүүтэ. Биһиги күлэн тоҕо бардыбыт. Сыгынньах уол таҥас үрдүгэр балбаах курдук

Скачать книгу