Иччи. Сибиэн. Абааһы. Народное творчество

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Иччи. Сибиэн. Абааһы - Народное творчество страница 2

Жанр:
Серия:
Издательство:
Иччи. Сибиэн. Абааһы - Народное творчество

Скачать книгу

да эмээхсин суоҕа үһү. Көрбүт эмээхсиммит оҕону өлөрөн тугу туһаныа эбитэ буолла?».

      «Ыйтан кэлбит»

      Сылаҥ, Чурапчы

      Абааһылар

      Билигин киһи көтөр тэриэлкэни көрдөҕүнэ даҕаны, дьиктиргээбэт кэмигэр олоробут. Оттон былыр алаас абааһы адаарыҥнас этэ диэтэххэ улахан омун буолбат ини. Хайа-хайалара даҕаны айылҕа дьиктилэрэ дэнэн эрдэхтэрэ. Айылҕа барахсан таайыллыбат кистэлэҥнэрэ хонон турдах аайы хойдон иһэллэрэ сүрүкэтэ бэрт. Олортон сорох-сорохторуи, илэ бэйэм көрбүттэрбин, кэпсээтэхпинэ, эмиэ түптэлээтэ диэххит да буоллар, итэҕэйээччи итэҕэйдин, итэҕэйбэт итэҕэйбэтин.

      Дьэ онон…

      Чөчүөккэ

      Күүлэкээн диэн сайылыкка үспүн саҥардыы ааһан эрэр бэдик чөчүөккэ кэлэрэ диэни көрөн турардаахпын. Оччолорго остуоруйаны да удьумаайдаабат уу ньуулдьаҕай оҕо этим. Онон дьон кэпсиирин өйбөр оҥорон көрүөх туһум суох.

      Сайылык оҕолоро сыһыы уҥуор олорор ыалга мустан оонньуур идэлээхтэрэ. Миигин, боҕуу гынымаары, утутан кэбиспиттэр. Куйаас баҕайы күн хатыйа күрүө күлүгэр утуйа сытан уһукта биэрдим. Оҕолор уҥуор оонньоон аймалаһалларын көрөрүн көрдүм эрээри, тоҕо эрэ онно барбатым. Сөрүүнү талаһан дьиэҕэ киирэр киһи буоллум. Туруорбах балаҕан хаптаһын аанын атытан иһирдьэ көтөн түстүм. Арай көмүлүөк оһох хаҥас өттүгэр, холумтан үөһэ үүт-маас бэйэм курдук сыгынньах, хаһан да харахтаабатах оҕом турар. Аан тыаһаабытыгар кэннин хайыһан мин диэки көрдө. Онно көрдөхпүнэ, куп-кугас баттахтаах, күп-күөх харахтаах. Иккиэн уун-утары көрсөн баран турдубут. Уота өспүт оһох күлүн хаспыт быһыылаах, илиитэ хап-хара.

      Төһө өр утарыта көрсөн турбуппут буолла, аан бастаан кини хамсаата. Миэхэ утары кэлиэх курдук эргиллэн эрдэҕинэ, хаһыытыы түһээт, таһырдьа ойдум да, дьэ уонна, ытаан марылыы-марылыы, сыһыы уҥуор олорор ыалга муҥ кыраайбынан түһүнэн кэбистим. Тиийэн тугу көрбүппүн кэпсээн биэрдим.

      Кэлин улаатан баран чөчүөккэ диэннэрин кэпсииллэриттэн иһиттэхпинэ, үүт-үкчү мин көрбүт оҕобун ойуулааччылар. Онон чөчүөккэни, дьонтон истибэккэ сылдьан, бэйэм эт харахпынан көрбүтүм уонна онтон ыла айылҕаҕа баар ол-бу киһи ылбычча итэҕэйиэ суох көстүүлэрин сэргиир идэлэммитим.

      Кустуу сылдьан

      Сеня диэн табаарыспынаан Таалаҕа кустуу бардыбыт. Күн арҕаалаан турара. Арай туран ойуур отун-маһын тоҕо барчалаан сыһыыга көтүөккэлэһэн киирдибит. Саҥардыы суолга тахсыах курдук гынан эрдэхпинэ, эмискэ баҕайы иннибитигэр суол устун биир дьахтар баран эрэрин көрө биэрдибит. Маҥан былаатын көхсүгэр намылыччы түһэрэн бааммыта хаамтаҕын аайы имиллэҥниирэ кытта көстөр. Отучча хаамыы баара дуу, суоҕа дуу, оннук чугас.

      Биһиги тоҕо эрэ көрбүппүт соһуччута бэрдиттэн тохтуу биэрдибит, саҥата суох сирэй-сирэйбитин көрсөн ыллыбыт. Улахан баҕайытык кэпсэтэ иһэн сибигинэйэн эрэ тыл бырахсар дьон буола түстүбүт. Кэриигэ киирэрбитигэр ким да сүоҕа ээ. Төннүөххэ диэн буолла. Суол устун,

Скачать книгу