Иччи. Сибиэн. Абааһы. Народное творчество

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Иччи. Сибиэн. Абааһы - Народное творчество страница 5

Жанр:
Серия:
Издательство:
Иччи. Сибиэн. Абааһы - Народное творчество

Скачать книгу

аҕыйах маһы булан киллэрэн, көмүлүөк оһоҕу тигинэччи оттон кэбиспит. Өлөрбүт куһуттан үргээн, илдьэ сылдьар биэдэрэтигэр уу баһан, күөһүн оһоҕун чанчыгар оргута уурбут. Өр-өтөр буолбатах, күөһэ оргуйан будулуйан тахсыбыт. Аҕам тото-хана аһаан, кэтэ сылдьар сонун уһулан кэтэҕириин ороҥҥо тэллэх оҥостон тэлгээбит, сылайбыт-элэйбит киһи быһыытынан сытынан кэбиспит. Умайа турар көмүлүөк оһоҕо балаҕан иһин сыдьаайан сырдатара үһү. Аҕам бу сытан нухарыйан киирэн барбыт. Ол сыттаҕына, сирэйин биллэр-биллибэттик салгын имэрийэн ылбыт уонна:

      – Тур, киэр буол! – диэн саҥа иһиллибит. Онуоха аҕам уһуктан кэлбитэ, ким да суох үһү. Балаҕан иһэ, иһийбит курдук, уу чуумпу. Көмүлүөк уота уостубут. Им балай хараҥа сабардаабыт. Аҕам туруон ыарырҕыы сыппыт. Иһиллиириттэн туох да туһа тахсыбытах, сотору соҕус буолан баран эмиэ минньигэс уутугар биһиктэнэн утуйан барбыт. Арай:

      – Киэр буол! Куһаҕан буолуо! – диэн бардьыгыныыр саҥаттан уһуктубут. Тула өттүн эргим-ургум көрүтэлээбит да, туох да суохха дылы. Арай куһаҕан баҕайы сыт саба биэрбит. Мин аҕам өсөһүнэн аатырбыт киһи буолаахтаатаҕа, тахсыбаттыы санаммыт. «Хайабыт буолар» диэн иһигэр ботугуруу сыппыт. Ол сыттаҕына, туох эрэ кэлэн аҕабын тэлгэммит сонун кытта суулуу туппут да, таһырдьа кыыратан кэбиспит. Онуоха аҕам (оччотооҕу кэмҥэ тоҥ маһы тосту тардар, тоҥмут буору тобулу үктүүр күөгэйэр күнүгэр сылдьар эр бэрдэ эбитэ үһү):

      – Син биир киирэммин хонон баран барыам, – диэн баргыытаабыт да, киирэн оннугар сытынан кэбиспит. Өр-өтөр буолбатах, иккиһин таһырдьа быраҕыллыбыт. Өсөһө-өсөһө киирэн, эмиэ сытынан кэбиспит. Били баҕайы таһаҕас оҥостубакка, кумааҕыны кыыратар курдук, бэрт чэпчэкитик ылан таһырдьаны булларбыт.

      – Ити буоллаҕына, миэхэ даҕаны кыра баардаах оҕотобун! – диэт, аҕам хаана-сиинэ хойдон хаһыытаан тоҕо барбыт. Тымырдара күүрбүт, иҥиирдэрэ чиҥээбит уонна эмиэ киирэн хат сытынан кэбиспит, кэтэспит. Били күтүр кэлэн саҥардыы харбыалаан ылан таһырдьа эһээри гынан эрдэҕинэ, аҕам тутуһан киирэн барбыт. Куһаҕан баҕайы сыт саба биэрбит да, аҕам хотуолаан ыһылыннарбыт. Ол да буоллар, төһө да сиргэннэр, сииктээх, ньалҕархай түүлээх баҕайыны харбаан ылбыт. Онон-манан туох түбэһиэҕинэн бырахсыбыттар, ол курдук охсуспутунан халлааны сырдаппыттар. Ол түбэлтэ кэнниттэн аҕам улаханнык ыалдьа сылдьыбыта үһү, – диэн Сүөдэр оҕонньор кэпсээнин түмүктээтэ.

      Чойбалсан Гоголев

      Нам

      Утуппатах

      Арай биирдэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар маннык түбэлтэ буолбуттаах. Мин кыра сырыттахпына, сааһым, арааһа, алта-сэттэ буолуо. Былыргы сыбахтаах балаҕан дьиэҕэ көмүлүөк оһох имик-самык умайа турара. Биһиги биир дьиэ кэргэн: сорохтор ороннорун оҥостон утуйбут этилэр, сорохтор утуйаары төттөрү-таары хаамса сылдьыбыттара. Таһырдьа күһүн этэ. Тыйыһырбыт хараҥа былыттаах түүн буолаары турара. Биһиги үс ыал дьукаахтаһан, эн-мин дэсиһэн, ыал сиэринэн эйэ-дэмнээхтик, син буруо таһаарынан, үчүгэй баҕайытык олорбуппут.

      Эмискэ

Скачать книгу