Иччи. Сибиэн. Абааһы. Народное творчество

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Иччи. Сибиэн. Абааһы - Народное творчество страница 6

Жанр:
Серия:
Издательство:
Иччи. Сибиэн. Абааһы - Народное творчество

Скачать книгу

кэрдиэм». Ону истиэхтэрэ баара дуо? Син биир бырахпыттарын кубулуппатахтар. Арай били мас эрбээн аҕалбыт эмээхсин улахан кыыһын таппыттар, уоннааҕы дьону сыыһа-халты быраҕаллар үһү.

      Онтон ыксаан, түүн ый быыһа хараҥаҕа дьиэлээх ыаллар бары оҕолордуун биһиги балаҕаммыт хоту өттүгэр холкуос техникатын уурар улахан баҕайы сарайга ат сэбин уурар үчүгэй баҕайы муосталаах хос баарыгар туох баар утуйар таҥастарын илдьэ баран, утуйардыы оҥостубуттар. Сыппыттарын кэннэ, арай эмискэ бурдук астыыр массыыналарынан, саппаас чаастарынан быраҕаттыыллар. Кыра оҕолор куттанан өй-мэйдээх тулуйбат айдаанын тардаллар. Улахан дьон оҕолорун илдьэ сылгылары тутар сэнэх, улахан баҕайы ампаар көнньүүһүнэ баарыгар баран дьэ уоскуйан, оҥостон үчүгэйдик утуйаллар. Ити, арааһа, халлаан сырдыыта буолуо.

      Сарсыарда туран истибиппит, били таптарбыт кыыстара эмискэ төбөтүнэн ыалдьан, иирэн хаалбыт. Кыыһы иччитэх ампаар дьиэ баарыгар илдьэн хаайан кэбиспиттэр. Кыыс эрэйдээх иирэн, дьиэ истиэнэтин устун хаама сылдьар үһү. Ону оҕо-уруу түннүгүнэн уоран көрөр эбит. Дьиктиргээн кэпсэтии-ипсэтии бөҕө буолаллар. Кыыс улахан быраата, били бэрэбинэни эрбэспит уол, ас илдьэн биэрдэҕинэ, өлөрө сыһан таһаарар, оттон кыра быраатыгар кыһаммат үһү.

      Баҕар, улахан өрүһү туораатаҕына үтүөрүө диэннэр, кыыһы кэлгийэн баран куоракка (Дьокуускайга) илдьэллэр уонна иирээки барааҕар туттараллар. Ол кыыстара онтон дьиэтигэр эргиллибэтэҕэ. Арааһа, өллөҕө. Быһылаан мин алталаах эрдэхпинэ дьиҥ-чахчы буолбут түбэлтэ. Билигин сылыктаатахха, ол эрбээбит бэрэбинэлэрэ, арааһа, ойуун сэргэтэ буолуо. Дьэ онон кэрэх мастар уонна ойуун сэргэлэрэ абааһылаах буоллахтара, эһиги туох дии саныыгыт?

      Петр Попов

      Дьукаах

      Бу чахчы буола сылдьыбыт суолу суруйан хаалларарга бэрт өр толкуйдаан быһаарынным. Итэҕэйиэхтэрэ суоҕа, күлүү-элэк оҥостуохтара диэн кистии сылдьан баран, кырдьар сааспар ыарыһах буолан баран, ыйааһыҥҥа ууран ыараҥнатан, санааҕа холбоон халбаҥнатан көрдөхпүнэ, буолбут чахчыны суруйарга туох да куһаҕан баар буолуо суохтаах. Төттөрүтүн, суруйбатахпына, санаабар ыар баттык буолуох курдук диэн түмүккэ кэллим. Айылҕа араас кистэлэҥнэрэ арылла турдахтарына, баҕар, биһиги түбэспит түбэлтэбит кэмниэ кэнэҕэс быһаарыллан хаалыан сөп. Ол иһин туох буолбутун эппэккэ-саппакка суруйдахпына, кэнэҕэс туһалаах буолуон сөп курдук өйдөөтүм.

      Ситэтэ суох орто оскуола оччолорго Тойбохойго эрэ баара. Бэһис-сэттис кылаастарга оҕолор ыраах нэһилиэктэн өйүөлээх кэлэн олорон үөрэнэллэрэ. Оччолорго Тойбохойго ыал аҕыйах этэ, онон биир ыалга элбэх буолан мустан хааларбыт, ордук күһүн үөрэх аһылларын саҕана. 1936 сыл күһүн Дүлээйэҕэ Огдооччуйа диэн тулаайах огдообо эмээхсиҥҥэ уон биэс буолан олорбуппут. Кини дьиэтэ оскуолаттан биэрэстэ кэриҥнээх харыйа ойуур саҕатыгар турара. Сахалыы, хоһо суох, түөрт кыараҕас түннүктээх, аһаҕас мас сарайа өр туран хараара сатаан баран, муох үүнэн

Скачать книгу