Иччи. Сибиэн. Абааһы. Народное творчество

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Иччи. Сибиэн. Абааһы - Народное творчество страница 7

Жанр:
Серия:
Издательство:
Иччи. Сибиэн. Абааһы - Народное творчество

Скачать книгу

сыттаҕа диэн санааттан ырааппатаҕа.

      Ый курдук симсэн олорон баран, үгүс оҕолор көспүттэрэ. Ыалбытыгар түөрт уол, биир кыыс буолан хаалбыппыт. Оччотооҕу оҕолор сиэрдэринэн аһылыкпытын астанан, бэйэбитин көрүнэн, үөрэнэн, күнү-дьылы бараан испиппит.

      Сергей биһикки Тойбохойтон отут килэмиэтир тэйиччи сытар Чуукаар диэн күөл уҥуор-маҥаар өттүгэр олорорбут. Сергей Иванов орто уҥуохтаах хатыҥыр, чинэччи соҕус тутта сылдьар, икки илин үөһээҥҥи тиистэрэ үтэн тахсыбыт, хойуу хаастаах, кылдьыылаах киэҥ харахтаах, улахан эминньэхтээх кулгааҕа туора тахса сылдьан сарайан көстөр, хара хааннаах, алтыска үөрэнэр уол этэ. Кини миигин, ыарыһах киһини, мэлдьи аһына-харайа сылдьар буолара. Күөспүтүн бииргэ өрүнэн, арыт сылаас буоллун диэн хоонньоһон утуйарбыт.

      Улуу Өктөөп бырааһынньыгар оччолорго өрөбүл суох этэ. Үс күн өрөбүл түбэспитинэн Сергейдиин дьиэбитигэр барбыппыт. Биһиги суунан-тараанан, тото-хана кэһии сиэн сынньаммыппыт. Күнү көтүппэккэ атынан аҕалан биэрбиттэрэ. Кэлбиппит уолаттар аҕаларын наадалаах туттар сэптэрин алдьаппыт оҕо курдук уку-сакы тутта сылдьар этилэр. Оскуола бастыҥ үөрэнээччитэ Тимофей, күүстээх, сымса уол Миитэрэй урукку курдук үөрэн-көтөн, оҕолору бэйэлэригэр биллибэт күүһүнэн түмэ тардар көрүҥнэрэ сүппүтүн тута өйдөөбүппүт. Сергейим: «Уолаттарбыт улаханнык иирсибиттэр быһыылаах, туохтан буолуой?» – диэн ыйыталаспыта. Киэһэ утуйуох иннинэ, төрдүөн хаалбыппыт кэннэ, дьэ кэпсээтилэр. «Эһиги суоххутуна дьиктигэ түбэһэн олоробут. Киһи кэпсиэн да санаата буолбат», – диэтэ Миитэрэй. «Дьиэбит абааһыламмыт быһыылаах. Таах сибиэ манна олорон. Атын ыалга көһөргө сананан баран, куортаммын биэрбит буолан көспөтүм», – диэтэ Тимофей. Ыйыталаһан, ыаһахтаһан билбиппит, дьыала маннык эбит.

      Оскуолаҕа оонньуу оччолорго олус уһаабат этэ. Тимофейдаах Миитэрэй оонньуу бүтээтин кытта дьиэлэригэр кэлбиттэр, уот умаппыттар, оонньуу туһунан кэпсэтэ-кэпсэтэ, саахыматтаабыттар (бэйэбит быһаҕынан кыһан оҥорбут хаалаах саахыматтаах этибит). Оонньуу олорон балыйсан барбыттар. «Мэкчиргэ төбөтүн курдук уларыта сылдьыма», – диэн Миитэрэй Тимофейы ыыстаабыт. Тимофей Мэкчиргэлэр аҕа уустарын сыдьаана буоларын киһи барыта билэр, онон кыыһырыа дии санаабатах буолуохтаах диэн эппит Миитэрэй. Анарааҥҥыта «бандьыыт курдук балыйа олорума» диэн кэбиспит. Миитэрэй бу дойду биллэр бандьыытын төрөппүт уола буоларын бары билэрбит уонна онон сирэй-харах аспат буоларбыт. Уолаттар этиспиттэр, кыыһырсыбыттар. Саахыматтарын остуол үрдүгэр тоҕо садьыйан кэбиһээт, орон оҥостон утуйаары сыппыттар. Саҥа суох. Ол сыттахтарына, саахыматтара тыаһыыр, дуоска үрдүгэр сыҕарыйардыы чиҥ-чиҥник охсуоланар. «Ол-бу буола сытыма, тоҕо тыаһатаҕын?» – диэн Тимофей дьаҕырыйбыт. «Кээс, доҕор, бэйэҥ тыаһата-тыаһата, балыйа сытыма», – диэн хардарбыт биирдэрэ. Иккиэн бэйэ-бэйэлэрин балыйсан, буойсан баран син тохтообуттар. Тыастара эр ылбыттыы өссө улаханнык таһыгыраабыт. Туран саахыматтарын фигуратын, биирин

Скачать книгу