Иччи. Сибиэн. Абааһы. Народное творчество
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Иччи. Сибиэн. Абааһы - Народное творчество страница 8
Хонуктар ааһан испиттэрэ. Этээстээх оскуола тутуутугар үлэлиир Андрей Алексеев биһигини кытта олорор буолбута. Саҥа дьыл чугаһаабыта. Каникул саҕаланан, дьиэбитигэр барарбыт бу кэлэн, олус үөрэ сылдьарбыт, көһүтэрбит. «Дьэ, абааһы, бу киэһэ кэлэр инигин, биһиги сарсын дьиэбитигэр барабыт», – диэн көмүлүөк оһох иннигэр туран саҥаран чап гыннарбыппын бэйэм да өйдөөбөккө хааллым. Тимофей уонна Сергей миигин мөхтүлэр: «Туох буолан оруо маһы ортотунан саҥараҕын, эйигин соҕотохтуу булара буолуо», – диэбиттэриттэн олус кэмсиммитим иһин хайыамый, этиллибит тыл төттөрү хомуллубат. Арай саҥабын истибэтэр ханнык дии санаатым.
Бу киэһэ, били мин сэтэрээбиппиттэн буолуо, биир айдааннаах киэһэни аастыбыт. Утуйан эрдэхпинэ пуус гынар сыыгынас тыас аантан уҥа остуол диэки халбарыйда. Сотору буолаат, куһаҕан баҕайы сыт саба биэрдэ. «Ким утуруктаата?» – Миитэрэй улаханнык ыйытта. Улахан киһи Андрей бэйэтигэр ылынан, кыыһыран туран кэллэ уонна уҥа орон устун таҥаһын сыҕарытан утуйда.
Кыыһырса сыһан тохтообут кэннэ тытыгыратар, кылыгыратар тыас дьиэ эркиниттэн үөһээнэн-аллараанан сүүрэкэлии сырытта. Тыас оһох кэннигэр түһэр, эмиэ орон аннынан айанныыр, үөһэ кыйа сүүрэр. «Айа! Андрей киһи суорҕанын тоҕо саралыыгын?» – Миитэрэй өрө хабылла түстэ. «Иирдиҥ дуу, эн суорҕаҥҥын тыыппаппын», – тэйиччи сытар киһи хардарда. Онтон Миитэрэй курун тыаһа сыыбырҕаан иһилиннэ. «Тугу охсоҕун?» диэн ыйыттыбыт. «Суорҕаммын тардыалыырын иһин охсобун да, табыллыбат быһыылаах». Миитэрэй соҕотоҕун охсуһан тахсыбыта, биһиги истэ сыппыппыт. Тыас-уус тохтообот этэ. Урукку курдук туран уот уматан, таһырдьа сылдьан баран утуйбуппут. Эмээхсин аһынар кыраһыына хаһан умулларын, ким умуруорарын билбэт этим, туоһуласпат да этим. Ити курдук утуйан тураат, үөрэнээт, уһун өрөбүлгэ дьиэбитигэр тарҕаспыппыт.
Дойдубутугар тиийэн, оҕолор быһыыларынан, туох буолбутун кэпсээн күппээрдии буолбута. Сотору сир-дойду туолбута. Дүлээйэптэри дьукаах булбут диэн сурах тарҕаммыта.
Өрөбүл бүтэн барбыта. Биһиги дьоммут ыалбытын уларыппатахтара. Биһиги да уларытыҥ диэбэтэхпит. Кини кэлбэт бириэмэтигэр дьиэбитигэр олус тэһийэр этибит. Сергейдиин тиийэн кэлбиппит, уолаттарбыт