Иччи. Сибиэн. Абааһы. Народное творчество

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Иччи. Сибиэн. Абааһы - Народное творчество страница 9

Жанр:
Серия:
Издательство:
Иччи. Сибиэн. Абааһы - Народное творчество

Скачать книгу

ааныгар илдьэн уурда. Үс буолан тутуспутунан таһырдьа тахсан киирэн ыһыырынньыкпытын уматтыбыт. Иккис күнүгэр, эрдэттэн кэлэрин билэр буолан, ыты дьиэҕэ хоннорбуппут, утуйан тахсыбыта. Үлүгэрдээх тыаска уһуктубат, хата, түһээн үрдэҕэ буолан мух-мах саҥарарын абааһы көрөн таһааран кэбиспиппит. Ити бириэмэҕэ кэтээн көрөн быһаарбыппыт: абааһы уоттан куттанар курдук гынар, ыһыырынньыгы уматтахха тыас-уус тохтуур. Уонна абааһы биһиэхэ биэрэр «сеанса» уон икки чаас диэки уурайара. Ол иһин буолуо, сарсыарда уубутун ханан, куттаммыппыт ааһан, үөрэнэ барар буоларбыт. Куһаҕана суох үөрэнэрбит. Сергей биһикки орто этибит, оттон Тимофей Тимофеев оскуола бастыҥ үөрэнээччитэ, холобурга сылдьар оҕо этэ.

      Учууталлартан абааһыны итэҕэйэн, тылы тарҕаталлар диэн улахан сэмэни ылбыппыт. Ордук үчүгэй үөрэнээччи Тимофей кыһарыллыбыт этэ. Ол иһин аны туохха да түбэспиппит иһин кимиэхэ да кэпсиэ суох буолан сүбэлэспиппит.

      Хонугунан ааҕан абааһыбыт хаһан кэлиэн быһа холоон таайар буолбуппут. Бу бириэмэҕэ үс уол олоҕор биир куһаҕан уларыйыы тахсыбыта. Уолаттарым киэһэ оскуолаҕа барбыттара, мин лэппиэскэ оҥосто хаалбытым. Дьиктитэ баар, бу дьиэбитигэр олус тэһийэр этибит, куттана сылдьыбаппыт, кэллэҕинэ эрэ ыксыыбыт. Киэһэ уолаттарым тиийэн кэллилэр: Сергей сирэйэ-хараҕа сөллүбүт, кыыһырбыт, дэлби хаар буолбут. Билбитим, оскуолаттан тахсан үтүлүгүнэн сэриилэһэ оонньуу сылдьыбыттар. Онно Демьян Попов диэн мааны, баай ыал оҕото Сергейгэ кыыһыран тиэрэ охсон түһэрэн баран, кытаанах баҕайы төбөлөөх хаатыҥкатынан көхсүгэ тэбиэлээбит. Сергей айаҕынан хаана барбыт, ытаабыт, хаанынан ыһыахтана-ыһыахтана охсуһа сатыы сылдьыбытын, Тимофей Миитэрэйдиин быыһаабыттар. Уолбут онтон ыла санаата түспүтэ, ыарытыйар буолбута, урукку көрө-нара сүппүтэ.

      Сити бириэмэҕэ өлүү түбэлтэлээх били абааһыбыт уочараттаах кэлиитин оҥорбута. Биһиги бу сырыыга тоҕо эрэ утуйар миэстэбитин уларыппыппыт, хаҥас быыһы бата икки ыарахан орону холбуу тардан үс буолан сыппыппыт. Мин улаҕа, Сергей ортоку, Тимофей уот диэки сыппыта. Ол курдук чөкө, бэйэ-бэйэҕэ чугас курдук буолар этэ.

      Утуйан эрдэхпитинэ эмиэ кэлэр сиринэн, суол аанынан, тыаһаан барда. Идэбинэн, соҕотох буолуом диэн куттанан, суорҕаммын бүрүннүм, онтон уолаттар утуйа иликтэрин билэн, үөһэ тыынным. Үһүөн бииргэ эрэйи көрөр чэпчэки курдук эбит этэ. Тыаһаан-ууһаан, тытыгыраан-татыгыраан дьиэни эргийэ аймаан баран, оһох кэннигэр тиийэн тимири тимиргэ аалар, киһи тииһин кыйар курдук тыаһы таһаарар буолла. Кылыгыраан-халыгыраан, хатан тыаһы таһаара сырытта. Бу уруккутааҕар саҥа тыас этэ. Тыаһаан-ууһаан барарыттан биһиги куттаммат буола үөрэммиппит эрээри, утуйан биэрбэт этибит. Ону-маны кэпсэтэн ыларбыт. Ол сыттахпытына, тыас түп гына түстэ да, Тимофей: «Айа, киһини тоҕо охсоҕун?» – диэн саҥаран хабылла түстэ.

      – Суох, мин охсубатым, абааһы оҕуста дии, – диэн хардарда Сергей.

      – Ама, доҕор, хайдах кырбаталаан барыай? – диэн

Скачать книгу