Киһи биирдэ олорор. Софрон Данилов
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Киһи биирдэ олорор - Софрон Данилов страница 10
Соҕуруулуу илин тииттэр быыстарынан кыһыҥҥы күн кытара дьэлтэйэн тахсыыта Валерий улахан айан суолуттан туораата. Туораабыт суолунан өтөрүнэн тыынар тыыннаах сылдьыбатах, бүтэйэ оһон хаалбыт. “Үчүгэй эбит, – Валерий үөрэ көрдө. – Оҕонньордоох бэйэлэрэ эрэ бүгэн олордохторо”. Өр гыммата, от үрэх сүнньүгэр сыстыбыт кыракый чоҥолох алааска айаннатан сирилэтэн кэллэ. Уҥуоргу тыа саҕатыгар турар туруору балаҕаҥҥа чугаһаан иһэн хайдах эрэ дьиибэргии көрдө. Балаҕан үөлэһиттэн буруо тахсыбат. Далга сүөһү-ас чинчитэ биллибэт. Тэлгэһэ хаара күрдьүллүбэтэҕэ ырааппыт.
Валерий, атын көнтөһүн сэргэҕэ эрийэ быраҕаат, балаҕаҥҥа барда. Ааны аспытыгар халҕан хаахынас тыаһа иччитэх тоҥ дьиэ түгэҕэр тиийэ эҥсилиннэ. Валерий ааны ыһыктан кэбистэ, тула көрүннэ. Оҕонньордоох кыстаан иһэннэр сэрииттэн дьаадьыйан көстөхтөрө. Кыс мастара турар. Кыбыыга от тобоҕо көстөр. “Туй-сиэ! Ичигэскэ сынньана түһүөм диэбитим бу баар!” Валерий кыһыйан сиргэ силлээтэ. Утуйбатаҕа иккис түүнэ. Кыратык нуктаан ыллаҕына сатаныыһы. Ата даҕаны илиһиннэҕэ. Билигин, бачча күрүлүүр күнүс, айанныыра табыллыбат. Киэһэ хараҥа буолуор диэри манна тохтууругар тиийэр. Итинник санаат, Валерий атын дьиэ күлүгэр, тилийэ хотон аанын чугаһыгар тартарда. Булгуппата, хомуутун, сэдиэлкэтин быаларын эрэ холкутатта. Туох билэр, баҕар, эмискэччи тэбиннэрэр кыһалҕата тириэҕэ…
Хаһыапка сыарҕатын дьааһыгын аһаат: “Оо, оҕонньор барахсаны!” – диэн үөрэн саҥа аллайда. Бу аһы-үөлү: лэппиэскэни, алаадьыны, арыыны, эти – ийэтэ укпут буолуохтаах этэ да, тоҕо эрэ ийэтин ахтыбата, аҕатыгар махтанна.
Мас көтөҕөн киллэрэн, көмүлүөгү күөдүччү отунна. Чаанньыгын оргута уурда. Бэйэтэ уокка сыламнаан, халтаһалара силбэһэллэрин кыатана сатыы олордо. Кэнникинэн нухарыйан барда. Оһохтон кыһыл чох ыстанан ытыһын көхсүн аһыппытыттан уһугунна. Чэйэ оргуйан күрэҥ паарынан аҕыластаабыт. Сылыта уурбут алаадьыта, буспут этэ онон-манан кэриэртэлээбиттэр. Чэй куттунан аһаан барда. Куруускаттан хойуу чэйи омурдан иһэн: “Били дьэдьэннээх сүөгэйи ылбаккабын, сыарҕаҕа сытыа этэ буоллаҕа”, – диэн кэмсинэ санаата. Тотон, ирэн-хорон таһырдьа таҕыста. Кыбыыттан от көтөҕөн аҕалан атыгар биэрдэ. Анньыыга маарынныыры көрдөөн булбата, инньэ гынан эргэ туос ыаҕайалары, былыргы үйэтинээҕи мас кэлиини булан киллэрэн холумтаҥҥа кэккэлэтэн хаар уулаата: барарыгар атын уулатаары. Итиэннэ аанын хатанан, саатын кыбынан оһох иннигэр мас адарайга сытта. Сытта да төбөтө туймааран барда… Ол туймаархай уутун быыһынан: “Кыһыллар кэллэхтэринэ, ааммын аспакка эрэ, хотонунан аппар ыстаныам”, – дии санаан аһарда.
Киэһэ хараҥарыыта эмиэ айаҥҥа турунна. Иккилии көс кэриҥэ бара-бара, атын хаптарда. Бэйэтэ эмиэ тоҥ буспут этинэн, алаадьытын