Киһи биирдэ олорор. Софрон Данилов
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Киһи биирдэ олорор - Софрон Данилов страница 15
Бастакыта, урукку ыраахтааҕылаах Россия уһуктан уһук, хаалыылаахтан хаалыылаах колонията – Саха сирэ Советскай Автономнай Республика буолбута.
1922 сыллаахха тохсунньу 21 күнүгэр РК(б)П Киин Комитетын Политбюротун чилиэннэрин санааларын ыйыппыттарыгар Владимир Ильич Ленин:
– Саха автономнай уобалаһын буолбакка, Саха Автономнай Советскай Социалистическай Республикатын тэрийиэххэ. Ол туһунан Политбюро уурааҕын бырайыагын ылыныахха, – диэн саарабыла суох быһаарыылаах, ыйааһыннаах тылын эппитэ итиэннэ сахалар автономнай государстволара социализм сардаҥалаах суолунан барҕара сайдыа диэн бигэ эрэлин биллэрбитэ.
Олунньу 16 күнүгэр М.И.Калинин председателлээх Бүтүн Россия Киин Ситэриилээх Комитетын Президиума Саха Автономнай Советскай Социалистическай Республикатын тэрийэр туһунан уураах ылыммыта. Советскай Россия правительствота бу историческай сабыытыйаҕа анаан таһаарбыт Манифеһыгар, саха норуотун истиҥник уруйдаан-айхаллаан туран, маннык кэрэ-бэлиэ тыллары суруйбута:
“Саха бырааттарбыт!
…Аан дойду үрдүнэн арай суос-соҕотох Советскай былаас эрэ норуоттары национальнай өттүнэн баттыыр-атаҕастыыр политикаттан аһаҕастык уонна чиэһинэйдик аккаастанна. Аан дойду үрдүнэн арай суос-соҕотох Советскай былаас эрэ бүтүн Россия биир сомоҕо федерациятыгар көҥүл өттүнэн түмсүбүт тус-туспа народностар автономнай тутулларын идеятын аһаҕастык уонна чиэһинэйдик олоххо киллэрэр…
Туругурдун Советскай былаас знамятынан норуоттар босхолонуулара!
Туругурдун көҥүл норуоттар эйэлэһиилэрэ уонна бырааттаһыылара!
Туругурдун Автономнай Саха Советскай Республиката!”
Саха АССР тэриллиитэ Улуу Октябрьскай социалистическай революция өлбөт-сүппэт идеялара күнтэн күн олоххо киирэн иһиилэрин дьэҥкэ кэрэһитэ этэ, В.И.Ленин сирдьиттээх Коммунистическай партия национальнай политиката кырдьыктааҕын чаҕылхай холобура этэ. Дьон бииһэ дьолго дьулуспут сүүһүнэн, тыһыынчанан сыллаах историятын устатыгар төһө үгүс бөлөхтөр, партиялар омук-омугу барытын охтубат соргулуох, улахан оҥоруулуох буолан айаҕаламмыттара буолуой! Төһөлөөх үгүс мүөтүнэн чалҕарыйар минньигэс, албын тыллаах деятеллэр “көҥүлү”, “тэҥ быраабы” биэриэх буолан түөстэрин охсуммуттара, эрэннэрэн айдаарбыттара буолуой! Ол барыта күүгэннии уостан сүппүтэ, күл-көмөр буолан көппүтэ. Бары кыра да, улахан да норуоттар ити сырдык дьулуурдарын, истиҥ баҕаларын арай Октябрь революцията үөскэппит Советскай былааһа эрэ, арай Ленин сирдьиттээх Россия Коммунистическай партията эрэ толорбуттара. Хаһан даҕаны, хойутун хойут даҕаны, дьон бииһэ ханнык баҕарар үрдүк чыпчаалларга ыттыбытын иһин, бу улуу чахчы күлүмүрдэс килбиэннээх сырдыга