Киһи биирдэ олорор. Софрон Данилов
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Киһи биирдэ олорор - Софрон Данилов страница 17
Куликовскайдаах сэбиэскэй Россияттан революция уот буурҕатынан сиппиллибит урукку баайдар, атыыһыттар, араас үрүҥ-хара сэриилэр тыыннаах ордубут одьунаастара түмсүбүт куоратыгар Харбиҥҥа тиийэллэр. Кинилэр онно куорат кытыытыгар, Модягоу диэн оройуонугар, өҥө бараммыт эргэ саһархай түрүкүө шаровардаах, имиллибит толстовка сонноох, кыҥнары соҕус ууруммут бороҥ сэлээппэлээх, ыар санааҕа баттаппыт курдук куруутун умса көрө сылдьар искэл, аҕамсыйбыт киһини булаллар. Ол хаһааҥҥыта эрэ кыһыллартан Пермь куораты ылан “аатырбыт”, көмүс куупалларынан күлүмүрдүүр сүүһүнэн таҥара дьиэлэрин куолакалларын айхаллыыр тыастарынан доҕуһуоллатан Москваҕа киирэргэ санаммыт генерал-лейтенант Пепеляев этэ. Кини билигин Харбиҥҥа оспуоччуктаан айаҕын ииттэ сылдьара.
– Хомуньуустары утары охсуһууну баһылыктаа. Биһиэхэ Саха сирин бассабыыктартан былдьаан кулу. Ол манньатын биһиги эйиэхэ санааҕын ситэргэр бары күүспүтүнэн, кыахпытынан көмөлөһүөхпүт. Саха сирин баайа-дуола барыта эн илиигэр киириэ, – диэн Куликовскайдаах “саха норуотун аатыттан” Пепеляевтан көрдөспүттэрэ.
Хара үлэнэн аһыырын нэһиилэ булуна сылдьар генерал кинилэри өр көрдөһүннэрэ барбатаҕа. Дьоҕойон, саараҥнаабыта буолан, бүк түһэн саҥата суох олорбохтоон баран сөбүлэммитэ. Кырдьыга, ити түгэҥҥэ кини өйүгэр Саха сирин кэскилин туһунан санаа кыыма да кылам гымматаҕа. Бу хотугу кыраай дьылҕата кинини букатын интэриэһиргэппэт этэ. Дьикээрдэр дойдулара, баҕардар, күн сарсын даҕаны үөдэн түгэҕэр түстүн! Киниэхэ Россия наада этэ. Ону сэриилээн ыларга туохха эмэ тирэҕирэргэ тиийиллэрэ. Ол тирэҕинэн бастаан утаа чэ Саха сирин баайа-дуола да буоллун. Генералга ол наада этэ. Ол иһин кини улгумнук сөбүлэспитэ.
Пепеляев оспуоччуктуур толстовкатыгар генерал-лейтенант погоннарын кэппитэ уонна урукку лаҥкынас саҥата дуораһыйбыта:
– Советскай былааһы умсарыан баҕалаахтар бары миэхэ түмсүҥ!
Генерал үрүҥ, күөх дьураалардаах былааҕын анныгар урукку үрүҥ армиялар тобохторо чуоҕуспуттара.
Хаан сытын ыллаҕына, торҕон бөрө бииһэ мустарын кэриэтэ Пепеляевы тула үрүҥ-хара, баай-тойот, атыыһыт-эргиэмсик аймаҕа түмсүбүтэ. Генерал сэриитин саха миллионер эргиэмсигэ Г.В.Никифоров, Дьокуускайга байбыт нуучча атыыһыта П.А.Кушнарев, Уус-Маайа атыыһыта татаар Ю.Г.Галибаров үбүлээбиттэрэ. Саха сирин кылааннаах түүлээҕэ, кыһыл көмүһэ оҕуруктаах өйдөөх омук империалистарын эмиэ үмүрү тардыбыта. Кинилэр, бу хотугу кыраай баайын-дуолун халыырга суоттанан, Пепеляевка эмиэ үрдэ суох кредити аспыттара, саанан-саадаҕынан, аһынан-үөлүнэн хааччыйбыттара. “Олаф Свенсон уонна Ко” диэн Америка фирмата, “Арай-Гуми” диэн Япония фирмата, “Гудзон-Бей” диэн Англия фирмата, бэйэ-бэйэлэриттэн былдьасыһа-былдьасыһа, куотуһа-куотуһа, кыһыл көмүс манньыаттаах сейфэлэрин аанын тэлэйэн биэрбиттэрэ. Онон Пепеляев сэриитэ бу дойду иһинээҕи