Киһи биирдэ олорор. Софрон Данилов

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Киһи биирдэ олорор - Софрон Данилов страница 4

Жанр:
Серия:
Издательство:
Киһи биирдэ олорор - Софрон Данилов

Скачать книгу

style="font-size:15px;">      Аргыылап, уоһун иһигэр “утуйан оҥторбут” хамначчыты, “түүннэри түбүлээбит” түөкүнү үөхсэ-үөхсэ, тиэтэлинэн этэрбэһин анньынна. Тахсан иһэн кэргэнэ, суорҕанын саба тардынан, оронугар хоройон олорорун көрөн аһарда. Харбыалаһан аан тимир күрүчүөгүн булла. “Кимҥиний?” диэн тахсыахча буолбут саҥатын төттөрү ыйыһынна. Ыйытан да диэн, сөбүлээбэт киһигин киллэрбэт кыахтааххар дылы. Билигин саалаах барыта тойон. Күрүчүөгү үөһэ эстэ. Тымныы аҥылыс гынна. Үллэҕэр саҕынньахтаах киһи ааны бүтүннүүтүн киэптээн иһирдьэ киирдэ.

      – Дорооболоруҥ! Маннык кэмҥэ утуйаргыт кытаанаҕа сүрүн!

      Аргыылап оҕонньор сэрэхэчийэн, дьиксинэн тилигирии мөхсө турбут сүрэҕэ тохтоон хаалбыкка дылы буолла. Тыынын кыайан ылбатахтыы кэлэҕэйдээтэ:

      – Бэ… Бэлиэрий?..

      – Мин. Мин, аҕаа, – тоҥмут, кэһиэхтээх куолас хардарда. – Суондаҥ ханнаный? Баар дуо? Тоҕо үнтү тэбиэлээн туруорбаккын?

      Таһыттан киирбит киһи испиискэтин “сыр” гыннарда. Аан ороҥҥо саҥардыы уһуктаары ыҥыранан эрэр киһиэхэ дьулуруйан эрдэҕинэ, аҕата сиэҕиттэн тарта.

      – Кэбис… аны… – диэн ботугураата оҕонньор уонна бэйэтэ ороҥҥо тиийдэ. – Суондаа, Суондаа! Бэлиэрийбит кэллэ! Туран оһохто отун!

      – Барыттан бары куттанан… – диэн кыбдьыгырыы-кыбдьыгырыы, саҕынньахтыын сылдьар Валерий уҥа үллэрэҥнээн кэлэн төгүрүк остуолга турар ыһыырынньыгы уматта.

      – Чэ, тукаам, сыгынньахтаныый… – Аргыылап уолун саҕынньаҕын сыппатын төлүтэ тардыталаата. Түүтэ бурҕалла сылдьар таба саҕынньаҕы атыҥырыы көрдө. – Бу хантан кэллиҥ?

      – Ньылхантан.

      Саҕынньахтарын мадьыктаһан саҥардыы устан эрдэхтэринэ хаппахчыттан ырбаахытын анньыммыт Ааныс таҕыста уонна туох да саҥата суох уһуутаабытынан уолугар саба түстэ. Төбөтүн кини тымныы түөһүгэр анньан, икки илиитинэн хайа түбэһиэх кини сиэҕин, бүлгүнүн, саннын туппахтыы-туппахтыы, көрбүтүгэр бэйэтин бэйэтэ итэҕэтэ сатыырдыы, үрүт-үрдүгэр ботугураата:

      – Тоойуом… сыччыый… тоойуом…

      – Чэ-чэ, мин-мин, – эдэр киһи сөбүлээбэтэхтии тоҥуйдук хардарда итиэннэ ийэтин халбарыччы аста.

      – Киһини сыгынньахтат эрэ бу! – оҕонньор бордурҕаата. – Хата бар, чаанньыккын оргута оҕус. Оҕоҥ итии киллэриэ этэ. Тоҥноҕо буолуо.

      Ааныс кумуччу туттан тас аан аттынааҕы хаппахчыга сукуҥнаата.

      Валерий, сонун ньылбы баттаат, тарбаҕын сараппытынан күөдьүччү оттуллубут көмүлүөккэ барда. Кини оһох аттыгар турар Суонда диэки, киһи баар диэн, хайыһан да көрбөтө.

      Аргыылап оҕонньор, сону ыйыы-ыйыы, уолун батыһа көрдө. Куруҥ хардаҕастары хабан күөдьүйбүт көмүлүөк сырдыгар Валерийын киэбэ-таһаата ойуулана түспүтүн хайгыы одууласта. “Барахсан, дыраллан, саха оҕотугар үчүгэй уол. Ийэтэ биһикки соччо үрдүгэ суохпут да, икки намыһах киһиттэн өгдөс уҥуохтаах киһи син төрүүр эбит. Сахаҕа улахан киһи, – диэн астына санаата кини. – Уҥуоҕа

Скачать книгу