Киһи биирдэ олорор. Софрон Данилов

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Киһи биирдэ олорор - Софрон Данилов страница 43

Жанр:
Серия:
Издательство:
Киһи биирдэ олорор - Софрон Данилов

Скачать книгу

дьиэтэ сайыҥҥы чаҕылхай күн күлүмүгэр кылбаһыйан хараҕар субу көстөн кэллэ. Итиэннэ ити кылбаҕар дьиэ сибэккилээх түннүгүнэн ийэтин эҥээркэй саҥата субу унаарыйда: “Эра-ас-ти-и-к!..” Соболев соһуйан “дьик” гынна. “…ас-ти-ик!.. Кинилэри бэйэлэрин… Кини-лэ-ри-и!..” Соболев төлө туппут браунина орон улаҕатынан муостаҕа лаһыгыраата.

      Хараҕын аста. Сибэккилээх түннүгү кытта бииргэ эҥээркэй куолас сүтэн хаалла. Чох хара түүн. Мууһурбут түннүк биллэр-биллибэттик туртайар. Муннукка кутуйах кумааҕыны хачыгыратар. Оһоххо таракааннар сырдьыгынаһаллар. Соболев сымыһаҕын быһа ыстаата: “Бу тугуй, иирэн эрэбин дуу, тугуй? Кэбис… Точка…” Кини орон улаҕатынан илиитин уган харбыаласта. Ол харбыалаан иһэн кулгааҕар эмиэ истэн кэллэ: “Кинилэ-ри-и бэйэлэри-ин…” “Хайдах? – илиитигэр түбэспит бачыыҥка сэмнэҕин туппутунан тохтуу түстэ. – Хайдах? Кимнээҕи “кинилэри бэйэлэрин”? Кимнээҕи? Ах даа, кинилэри… “Кинилэри бэйэлэрин…” Бэйи-бэйи… Ах чорт!.. Хайдах хайдаҕый? Арай кырдьык даҕаны?.. Мин тоҕо кинилэри харыстыыбын? Урууларым дуу, оҕолорум дуу? Кинилэр миигин харыстыыллар дуо? Харыстаамыналар. Сүүстэ харыстыахтара… “Бэйэҕиттэн бэйэҥ хоргутаар. Сэрэтэбин…” Тыын тыыҥҥа харбас… Буоллун!.. Оччоҕо мин уорбалааһынтан быыһана түһэбин. Кинилэргэ көмөлөспүт, кинилэргэ булан биэрбит киһини ама тоҕо тыытыахтарай? Хата хайгыахтара. Сөп! Быһаарылынна. Азиат! Дикарь! Соболевынан оонньоомоҥ! Соболев бэйэтин өссө көрдөрүө! Иэстэһиэхпит диэн сааммыт буола-буолалар! Ким урут кэһэйэрин көрүөхпүт! Хайдах итини эрдэ өйдөөбөтөх бэйэбиний? Ур-раа! Оо, маамам барахсан! Мамочкам… Таҥара, арааһа, баар быһыылаах…”

      Соболев хараҕа сырдаан, холкутук тыына түстэ. Браунинын булан сомуогун түһэрэн остуолга бырахта. Чэпчэкитик ыстанан туран тас таҥаһын уһулла уонна, суорҕанын анныгар киирэн, өтөр утуйбатаҕыныы минньигэстик утуйан хаалла.

      Сарсыарда үлэтигэр кэлэн: “Биир тэрилтэҕэ служебнай наадаҕа бардым”, – диэн этэн баран, Соболев тиэтэлинэн таһырдьа таҕыста. Күүлэ аанынан уулуссаны көрбөхтөөтө. Хайа муҥун, кини аны Такыыраптаах кэтэбиллэрэ баара буолуо диэн куттанна. Уорбалыахха айылааҕы тугу да бэлиэтии көрбөтө. Өтөр-өтөр кэннин хайыһа-хайыһа, ГПУ дьиэтигэр чугаһаата уонна саараҥнаан тохтуу биэрдэ. Сулбу хааман киириэн хайдах эрэ дьулайда. Уулусса уҥуорунан хаста да төттөрү-таары ааһыталаата. Ити курдук биэтэҥнии сылдьан бөлүүҥҥүтүн саныы түстэ уонна дьэ, уҥа-хаҥас өттүн көрүнэ да барбакка, уулуссаны быһа туораан тахсан дьиэ аанын тэлэйэ баттаата.

      ГПУ дьуһуурунайа Соболевы, киһи соччо иилэ хабан өйдөөбөт быһаарыытын истэ сатаан баран, биир хоско ыйан ыытта. Ол хоско олорор эдэр нуучча киһитэ, балачча өр истимэхтээт, ойон турда:

      – Барыах.

      Атын хоско киирдилэр. Бурҕаҥнас табах буруотун быыһыгар киһи төбөтө хараарар.

      – Трофим Васильевич, бу эйиэхэ сыһыаннаах табаарыс кэллэ, – диэтэ эдэр киһи уонна тахсан барда.

      Хостоох

Скачать книгу