Киһи биирдэ олорор. Софрон Данилов

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Киһи биирдэ олорор - Софрон Данилов страница 8

Жанр:
Серия:
Издательство:
Киһи биирдэ олорор - Софрон Данилов

Скачать книгу

быһыах чинчитэ биллибэт. Оҕонньор ол иһин да куһаҕан көлөнү миинэр миҥэ оҥостуо дуо? Хата кыһыҥҥы түүн уһуна абырыыһы. Сарсыарда чугаһаан эрэр да, халлаан кэм да хабыс-хараҥа. Бу ойоҕос суол сотору айан суолугар холбоһуохтаах. Улахан суолунан икки көс кэриҥин айаннаабыт кэннэ хаҥас туоруур суол кэлиэхтээх. Ол устун аҕыс-сэттэ биэрэстэни бардахха, ыал баар буолуохтаах. Аҕата оҕонньор былыр-былыргыттан иэс-күүс биэрэн сыл таһаарар ыала. Валерий онно тиийэн атын сынньатыа, бэйэтэ утуйуо. Киэһэ хараҥарыыта эмиэ суолугар турунуо. Кыһыл да, үрүҥ да ол туора үрэх баһыгар тугу сии тахсаллар үһү – онно тиийбэттэрэ чахчы.

      Бытарытан тымныыта сүрдээх быһыылаах. Хараҥата да бэрт. Сир-дойду оттуун-мастыын, ыас хара халлаанныын бүтүннүү эпсэри тоҥон хаалбыкка айылаахтар. Көлөһүннэммит ат самыыта, маҥан кырыанан бүрүллэн, биллэ-биллибэттик турталдьыйар. Төһө да тымныы буоллар, Валерий тоҥуох чинчитэ биллибэт, кыараҕас суол ойоҕоһунааҕы тииттэри, сирэйгэ-харахха анньыллар лабаалары аһара сатаан, мөхсөн хата дэлби тириттэ.

      Кырдьыга, Солобуда чугаһа улахан сэрэхтээх сир. Сирин-уотун, тумнар суолун билбэт киһи тоһуурга кэтиллэ түстэҕинэ да көҥүлэ. Кыһыллар кэтэбиллэрэ сылдьар сирдэрин ааһа көттүм ини диэн эрэнэ санаан, Валерий эҕэ-дьэҕэ буолла. “Чэ, дьоллоохтук айаннаа, Ийэ дойдугун коммунистар диктатураларыттан босхолоһор үрдүк миссияҕын чиэстээхтик толор!” – диэбитэ Пепеляев генерал арахсарыгар уонна уҥа-хаҥас иэдэһиттэн үстэ уураан ылбыта. Билиҥҥитэ генерал сорудаҕа туолуох курдук: бачча ыраах сири үчүгэйдик кэллэ, мантан да антах этэҥҥэ буолар ини. “Үрдүк миссия…” Чахчыта оннук. Аҕам оҕонньор эрэйдээх, былыргы киһи сиэринэн, тэлгэһэтиттэн тэйиччини кыайан эргитэ санаан көрбөт ээ. “Эйигиттэн атын киһини булан ыыппаттар үһү дуо?” – диэхтиир. Талан-талан, сүүмэрдээн-сүүмэрдээн ыыттахтара дии. Ону өйдөөбөт. Дьиҥинэн кини киэн туттуон сөп этэ. Кэлин өйдүөҕэ. Кэлин, Дьокуускайга үрүҥ былааһа туругурдаҕына, Саха сирин бүтүннүүтүн биһиги бас биллэхпитинэ. Онно дьэ көрүллүө: Саха сирин салалтата ким илиитигэр киирэр? Ким бу барҕа баай хотугу кыраай аҕа баһылыга буолар? Оччоҕо, баҕар, Валерий Аргыылап үтүөтэ-өҥөтө, ордуга ахтыллар кэмэ кэлээрэй? Төһөтүн да иһин билигин дьон кэннигэр сөрүөстээччилэри, былааһы үллэстэр кэм кэллэҕинэ, тэргэн тэбиитин да саҕа сиргэ чугаһатыллыа суоҕа. Дьаһабылы охсуһуу уотун ортотунан ааспыт, өлөрү-тиллэри көрбүт дьон бэйэлэрин илиилэригэр ылыахтара. “Кэлин бэйэбит былааспыт туругурдаҕына, бу күчүмэҕэй күннэргэ ким хайдах быһыыламмыта, тугу-ханныгы гыммыта бэски хараҕар ыйаныаҕа, – диэбитэ саха үрүҥ этэрээтин командира Мэхээлэ Артемьев. – Кыайыы кэнниттэн бэлэмҥэ мээтиргиэм диэн ким даҕаны саарамматын!” Оннук буолуохтаах. Онтон атын буолуон сатаммат”. Генерал даҕаны Валерийы кытта кэпсэтэригэр эмиэ оннук санааны быктарбыта. “Саха сирин кэскилэ бу эһиги буолаҕыт. Саха сирин эһиги дьаһайыаххыт”, – диэбитэ. “Онон, оҕонньоруом, саарбаҕалаама: тиитин охтордорбут эрэ, тииҥин бэйэбит ичигэстиэхпит! Ол-бу ВЯОНУ* тойотторун, уобалас “управляющайа” Куликовскайдары эҥин үрдүгэ ытыарар биллибэт…”

      Итини таһынан Валерий иһигэр чып кистэлэҥ былааннаах: Пепеляев Дьокуускайы сэриилээн киирэрин

Скачать книгу