Кырыыстаах таас. Тумарча

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Кырыыстаах таас - Тумарча страница 17

Автор:
Жанр:
Серия:
Издательство:
Кырыыстаах таас - Тумарча

Скачать книгу

Кырдал кырыс сирдэр, сууйуллубут күөх сукунаны тиирэ тарпыт курдук, сырдык сибиэһэй өҥүнэн күн сардаҥатыгар көҕөрүмтүйэ толбоннуран көстөллөр. Мас-от тиллэн, симэһинэ ситэн, силигилии симэнэр кэрэ кэмэ кэлэн эрэрин кэтэһэн турардыы, үнүгэһэ үүнэн, хатырыга хаҥаан, сымала сытынан аҥылыйан, сыһыыны, хонууну бүтүннүү тунуйбут. Миитэрэй сөрүүн салгыны түөһүн муҥунан ыйырбахтаан ылла. Наҕыл хаамтарыынан Сиридикээн төрдүнээҕи киэҥ хомо сыырын таҥнары киирдэ. Хомо чычаас налыы уутугар араас кус үөрэ мустан аһыы, көччүйэ сылдьара. Күн уотугар көмүс куорсуннар кустук араас өҥүнэн күлүмүрдэһэ оонньууллар. Элбэх кус уҥуоргу кытыы бадарааныгар тахсан, төбөлөрүн кынаттарын анныгар кистээн утуйа сыталлар. Сорохтор кытыл устун хаамсан түөрэҥэлэһэллэр.

      Миитэрэй хомону кытыытынан кэрийэ хаамтаран үрэҕи өрө барда. Чугастааҕы кустар саҥарса-саҥарса, утары устан бардылар. Миитэрэй кэтириинискэй доруобун ииттэн сүгэн иһэр. Аара халыҥ үөрдээх хаастарга түбэстэҕинэ ытар санаалаах. Саатар, иккини-үһү өлөрөн, кэһии кэриэтэ Барыыскалааҕы күндүлүө этэ. Ол дьоҥҥо тойонун илдьитин илдьэ иһэр. Кэлэ оҕустуннар диэн тиэтэтэр. Сөбүлэстэхтэринэ төрдүөн Уолаҕа түүлээх ыҥырдан киириэхтээхтэр.

      Миитэрэйи үрдүнэн бэрт намыһаҕынан сүүрбэччэ үөрдээх хоҥор хаастар халыкынаһан аастылар. Иһэллэрин ыраахтан көрбүтэ. Арааһа, иккини хаһы түһэриэххэ сөп эбит да, соҕотох иитиитин ытан кэбиһиэн кэрэйдэ. Кини наҕылыччы киирэн, хостоон-хостоон баран, олоххо ытарын сөбүлээччи. Хаастара тиийэн хомону үрдүнэн иккитэ-үстэ эргийэн баран, ньалака уулаах чээл күөх атахха түһүнэн кэбистилэр. «Тууй-сиэ, арыый аһара түһэн хааллым ээ. Сатаналар тэһиилэрэ бэрт дуу. Өссө эргийбэхтээн баран түстүлэр дии». Миитэрэй биэрэстэ аҥаара сири төттөрү барыан кэрэйдэ. Төттөрү-таары тэлбиҥнээн тардыллан хаалсы. Миитэрэй тиэтэйэр быһыынан сулбу соҕус хаамтаран истэ. Алыы ууларын аайы араас кус үөрэ эймэҥнэс. Саҥалара-иҥэлэрэ киһи санаатын уйгуурдуох курдук. Быйыл уута дэлэйдик тахсан, көтөр син кэлбэхтээбит. Аара эмпэрэ аннынааҕы биир кытахха биэс эриэн түөс олорорун аттынан ааста. Мыынна. Күөс быстыҥа холобурдаах айаннаан сирин ортолоото. Кус аймаҕыттан ураты атын киһи хараҕар быраҕыллыахха айылааҕы көрбөтө.

      Миитэрэй бу кыһын ойууннуун ыалдьыттыахтарыттан ыла Барыыскалаахха сылдьа илик. Саас быстаран өлө сыспыттарын Лөкөй быыһаабыт этэ. Бу дьон туох инниттэн бачча чиэски сиргэ кэлэн өлө оонньуулларын Миитэрэй өйдөөбөт. Ханна эмэ кэм дьонноох-сэргэлээх сиргэ, Сэйимчээҥҥэ дуу, Уолаҕа дуу, дьиэ-уот тэринэн, сүөһү ииттэн олоруохтарын тоҕо сатамматый? Бу үлүгэрдээх тымныыга тоҥ буору, тааһы кытта кыһыны быһа хадьырыһар олус да ыарахан, илистиилээх үлэ буолуо эбээт. Аны онтукалара көмүһэ суох буоллаҕына, биир харчыга остуойута суох кураанах эрэй буолар ээ. Бу хомолтотун, кыһыытын хайдах тулуйаллар. Чахчы дьон диэн кииллэрэ, тулуурдаахтара буолан сырыттахтара эбээт. Ити кыһыл көмүстэрэ диэн олус да сыралаах, күчүмэҕэйдэрдээх

Скачать книгу