«Кэпсиэ» кэннэ аһаҕастык. Наталья Михалева-Сайа
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу «Кэпсиэ» кэннэ аһаҕастык - Наталья Михалева-Сайа страница 5
Кэҕэһэлээх кэпсээниҥ
Киэһэ-сарсыарда дьыбарга
Кэй чуор кулгаахпынан
Кэпсиэн ааһар буолла…
(«Таҥхаһыт»)
Оттон «Ордугу булаары олоҕун алдьаппыт» кэпсээҥҥэ Алампа дьоруойдара «кэпсээ» буолбакка, «кэпсиэ» дииллэрин хас да холобурун булуохха сөп: «Дьэ эрэ, кэпсиэ, – дии-дии, хаана ыгыстан кытарда, сиргэ сытар маһы ылан кыспыта буола олордо…»
Онон, биэриим аатын сөпкө тобуллум диэн (урут Сунтаарга үлэлии сылдьан, «Сонуннары» итинник ааттаан таһаара сылдьыбыттаахпын) эрэллээхтик сананан үлэбин саҕалаабытым. Бу биир чаастаах биэрии быһа эфир быһыытыгар-майгытыгар барара тэрилтэ уопсай үлэтигэр-хамнаһыгар, ороскуотугар чэпчэтиини киллэрэр: өскө суруллан (бастаан устуллан, онтон таҥыллан) баран ыытыллара буоллар, икки-үс бүк элбэх үлэлээх, элбэх киһи кыттыылаах буолуохтаах, элбэх ороскуоттуур матырыйаал (устар кассеталар, уот-күөс туттуллуута, о.д.а.) бараныахтаах этэ. Тоҕо диэтэххэ, ол түгэҥҥэ биэриигин барытын баҕаҥ хоту тохтото-тохтото, хас эмэ төгүл сатаныар диэри хаттаан саҥара-саҥара уһулаҕын, онтон ону көрөҕүн, ордугун-хоһун, сатамматах өрүттэрин быһан таҥаҕын, төһө кыалларынан тупсараҕын, музыкалыыгын, тыастыыгын-уустуугун, онтон дьэ биирдэ эфиргэ биэрэҕин. Эппиккэ дылы, «ньалҕаарыччы тараан-тараан, оҥороон-оҥорон, киэргэтэн-тупсаран» баран. Оттон быһа эфиргэ тахсыы – туох кэлээхтиэй, биирдэ кэлэҕэйдээбитиҥ, биирдэ сөтөллүбүтүҥ хайдах баарынан көрөөччүгэ тиийээхтиир буоллаҕа. Онон тэрилтэ ити өттүгэр сүүйэр. Оттон көрөөччүлэр иннилэригэр биир бииргэ тахсар ыытааччыттан уонна биирдэ саҥараат онтун көннөрөр кыаҕа суох майгыга уһуллар ыалдьыттан улахан бэлэми, хомуллууну, дьоҕуру ирдиир.
Киин тэлэбиидэнньэҕэ уонна омук хампаанньаларыгар, биллэн турар, итинник биэриилэргэ үлэлиир ааттаах-суоллаах ыытааччылар гонорардара куйаар буолар дииллэр. Бу ыытааччыны тула үлэһиттэр халыҥ аармыйалара: продюсердар, режиссердар, кэрэспэдьиэннэр, редактордар, администратордар, стилистэр, көстүмүөрдэр солото суох түбүгүрэллэр.
Оттон биһиги саҕалыырбытыгар НВК-ҕа хайдах этэй? Биир киһи редактор, ыытааччы, кэрэспэдьиэн, администратор, ардыгар продюсер эбээһинэстэрин соҕотоҕун толороро. Сирэйи-хараҕы оҥостууну, таҥаһы-сабы көрүнүүнү эмиэ бэйэтэ тобулара. Биир режиссер биэрии сюжеттарын устууну, таҥыыны, устуудьуйаҕа барар үлэни, эфир кэмигэр дирижер курдук хас да оператор, ыытааччы, аппаратнай үлэһиттэрин салайыыны барытын соҕотоҕун толороро. Ол аата – икки киһи. Билигин, туох кистэлэ кэлиэй, быһа эфирдэри бүтүн хамаанданан: устуудьуйаҕа иккилии ыытааччы буолан, өссө «салайааччы» диэн, экраҥҥа көстүбэккэ сылдьан кинилэри дьаһайар-бэрийэр соло-
лоох туспа үлэһиттэнэн, сюжеттары устарга анал кэрэспэдьиэннэнэн, анал сыһыарыллыбыт администраторданан, биэрии кэмигэр ыйытыылары тутааччы туспа ноутбуктаах киһилэнэн олороллорун көрдөхпүнэ, үөрэ даҕаны уонна кыратык… ордугурҕуу саныыбын. Ол ити эфир хайдах сыранан тахсарын эттээх тириибинэн билбит киһиэхэ бааламмат