Олох оҕо оонньуута буолбатах. Татьяна Находкина

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Олох оҕо оонньуута буолбатах - Татьяна Находкина страница 4

Жанр:
Серия:
Издательство:
Олох оҕо оонньуута буолбатах - Татьяна Находкина

Скачать книгу

көрөрүм дуу? Онтон атын ханнык да сылтаҕым суох. Сима аны бэйэбэр иҥээҥнээн киирэн барар дуу? Чэ, мин киниэхэ табаарыстыы сыһыаннаахпын билэр, онон өйдүүр ини. Нарыйа хомойон бараахтаата. Тас көрүҥүнэн, киһи быһыытынан, үлэһитинэн дэгиттэр үчүгэй кыыһы Сергей таба көрдөҕө. «Салалтаҕа тахсыан сөптөөх специалист, олох тутуохха баар этэ», – диэн оскуола дириэктэрэ профком мунньаҕар хайҕаан эрэрэ. «Кэм кини кулгааҕа бүөлэнэн биэрэр», – дьахталлар кистии-саба күлсэн эрэллэрэ… Иккиэн үчүгэйдэр, хайаларын да киһи мыыммат кыргыттара».

      Кыыһа оронуттан турар тыаһын истэн саҥата суох кэтэһэн олордо. Марина ытаан сирэйэ-хараҕа салбаҕырбыт, ыһыллыбыт кылгас баттаҕын көннөрөн өрүтэ аспахтыыр, остуол аттыгар турар олоппоско ыараханнык олордо. Айыына дьүөгэтин диэки ыйытардыы көрөн олордо.

      – Сергей секциялаахпын диэн спортзалтан тахса да соруммата. «Барыахха» диэн этэн баран учительскайга кэтээн олордум. Оҕолор сэрэйдилэр быһыылаах. Хаһааҥҥа диэри олоруохпунуй, үс чаастан учууталлар да кэлитэлээн бардылар, – Марина титирэстээбит куолаһынан кэпсиир. – Бары мин сирэйбин-харахпын көрөллөр. Кинилэргэ сип гыммыты ситиигэ тиһэр, сап гыммыты сапка тиһэр дэриэбинэ сонуна буоллаҕа. Көрөр харах, истэр кулгаах, этэр тыл оҥостон эрдэхтэрэ.

      – Бииргэ үлэлиир дьоҥҥун тоҕо итинник куһаҕаннык саныыгыный? Сергейдиин биир тылы булбатаххытыгар ким да буруйа суох. Нарыйаны даҕаны сыыһа буруйдуугун, – Айыына, иһигэр төһө да дьүөгэтин аһыннар, кытаанахтык саҥарарга быһаарынна. Бу түбэлтэҕэ аһыммыта буола оонньоотоҕуна, кыргыттарын эриирдээх-бутуурдаах боппуруостарын эбии күүркэтэн, дириҥэтиэн эрэ сөбүн чуолкай өйдөөтө. Күннээҕи кыһалҕа эрэ курдук сыһыаннастаҕына табыллыыһы.

      – Нарыйа атаҕастаммыт-баттаммыт буолан барда дуу? Хоойго сытар холоонноох доҕордоох эрээри, тоҕо сокуоннайынан холбоспотуй? Сөбүлээн хоонньосто ини, – Марина хараҕын уутун сотторун быыһыгар бииргэ үлэлиир үөлээннээҕин быһа-хото саҥарарын тохтоппото.

      – Чэ, бэйэҕит быһаарсыҥ. Мин дьон тус олоҕор орооһуо суохпун дии санаатым. Нарыйа билигин кыыһыран, хомолтотун этэн барда. Этэр эттэҕинэ эмиэ да сөп курдук. Оскуолаҕа үһүөн сылынан быысаһан кэлбиппит. Дьиҥинэн, үлэҕэ, үөрэххэ, олоххо, кэлин тиһэҕэр тапталга, бэйэ-бэйэбитигэр тирэх буолуохтаах этибит. Онтон биһиги көмөлөсүһүөхтээҕэр утарыта турдубут. Бөһүөлэккэ наар биһиги кэпсээммит буолла. Дьон киэһээҥҥи аһылыктарыгар кэһэ сылдьар кэпсээннэрэ, соһо сылдьар сонуннара буоллубут. Бары «хайдах буолаллар» диэбиттии, сирэйбитин-харахпытын кэтииллэр, – Айыына кыыһыран-абаран саҥарарын быыһыгар дьүөгэтин эмиэ да аһыммыттыы көрөр.

      – Онон туох диэри гынаҕын? Бары миэхэ хараххытын аалбыт буоллаххытына, мин барыам, күн сарсын дириэктэргэ сайабылыанньа суруйуом. Сергейи итинник көтүмэх буолуо дии санаабатаҕым буруйум үһү дуо?

      Эриэн ыт элэгэ, күөрт ыт күлүүтэ оҥордо, – дии-дии, кыыс тохтоло суох сүүрэр хараҕын уутун соттор.

      – Ытаама,

Скачать книгу