Олох оҕо оонньуута буолбатах. Татьяна Находкина
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Олох оҕо оонньуута буолбатах - Татьяна Находкина страница 7
– Оччоҕуна ханна бараҕын? Кыргыттарга илдьэбин дуо?
Сергей Николаевич кэннин хайыһан, аһыммыттыы көрөн олорон ыйыппытыттан кыыс кыйахана санаата.
– Суох, ханна да барбаппын. Барытыгар бэйэм буруйдаахпын. Аанньа ахтыбакка, олоҕунан онньообуппар Григорий буруйа суох, итинтэн атыннык бэйэтин кыһыытын этэр кыаҕа суох буоллаҕа… Билигин ити киһи бардаҕына, таһаҕаспын хомунан, улуус киинигэр киириэм. Дириэктэргэ сайабылыанньабын хаалларыам, – Нарыйа уолга атаахтаабыт куолаһынан саҥарбытыттан бэйэтэ да соһуйа санаата. – Оскуола оҕолоро бары көрдүлэр. Билигин хас ыал ахсын киэһээҥҥи аһылык сокууската буоллаҕым.
– Күрүөйэх курдук хайдах мээнэ баран хаалыаххыный? Григорий охторон сытыаран тэбиэлээбитигэр эн кыырпах да саҕа буруйуҥ суох. Биһиги түбэспэтэхпит буоллар, туох буолара биллибэт. Кырбанан баран, хата, Григорий кырдьыгын таһаара олороҕун дуу?
– Көмүскэспэппин. Боруоста кинилиин өссө төгүл сибээстэһиэхпин баҕарбаппын. Хаһан эрэ быһаарсыахтаахпын сэрэйэр этим эрээри, илиитинэн киириэ диэн санаабатаҕым. Кырбаабатаҕа буоллар, биир ыйы тулуйуом этэ. Аны… тулуйар кыах суох. Бу дойдуга иккиһин эргиллэр санаам суох… – Нарыйа кистии-саба хараҕын уутун сотунна.
Кэлииккэ аанын тоҕо тэбэн, Григорий байааттаҥнаан тахсыбытыгар уолаттар үрүө-тараа сырсан хааллылар. Эр киһи массыынаны балачча көрөн турбахтаат, үөхсэ-үөхсэ иннин диэки суксугулдьуйа турда.
– Барар да буоллаххына үөрэххин түмүктээн баран киһилии бар. Билигин күрээн бардаххына, ааккын-суолгун түһэрэр күүркэтиилээх сурах үөрэх управлениетыгар тиийэ тарҕаныа. Мин эйигин улуус киинигэр массыынанан киллэрэн атаарбытым туһунан эбэ-эбэ өссө тугу кэпсииллэрэ биллибэт. Онон дьиэҕин хатаа эрэ, кыргыттаргар бүгүн хонон уоскуйа түс. Чэ, бардыбыт, сөп дуо?
Нарыйа, балачча саҥата суох олорбохтоон баран, сорунуулаахтык массыына аанын тутааҕын аллараа баттаата.
– Кыргыттарга барбаппын, дьиэбэр хаалабын.
– Соҕотоҕун хааларгыттан куттаммаккын дуо? – Сергей Николаевич кыыс сирэйин-хараҕын одууласта.
– Ааммын хатаныам буоллаҕа. Сергей Николаевич, эйигиттэн көрдөһөбүн, миигин көрсө сатаама. Уонна… аны кэлэн… күнү-дьылы төттөрү эргитэр кыах суох. Бу дойдуттан букатыннаахтык барыам, – кыыс туттуна сатаабытын үрдүнэн хараҕын уута иэдэһин устун тохтоло суох сүүрэр.
Уол кыыһы уоскутаары илиититтэн ылбытыгар, Нарыйа, Сергей илиитин күүскэ баҕайы садьыйаат, массыынаттан түргэн үлүгэрдик тахсан барда.
Дьиэтигэр киирээт, долгуйара бэрт буолан, аанын балачча уһуннук бодьуустаһан туран хатаата. Григорий атаҕастаан барбытынааҕар, Сергей Николаевич киниэхэ болҕомтотун уурбутуттан ордук долгуйбутун сүрэҕинэн сэрэйдэ. Үөрэҕин бүтэрээт сааһа ырааппытын курдук санаммыта. Кини уоппускаттан тоҕо хойутаан киирбитэй? Сергейи аан бастаан көрөөт «һык» гыммыта.