Олох оҕо оонньуута буолбатах. Татьяна Находкина

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Олох оҕо оонньуута буолбатах - Татьяна Находкина страница 8

Жанр:
Серия:
Издательство:
Олох оҕо оонньуута буолбатах - Татьяна Находкина

Скачать книгу

халтаһата ыараан, хараҕа сабыллан барда.

V

      Бөһүөлэк тула кэккэлии үүммүт лагласпыт хатыҥнар, кэрии тииттэр араҕас солко таҥастарын кэтэн наҥнаспыттар. Күһүҥҥү сөрүүн тыал кинилэри оргууй бигиирдии хамсатар. Төһө да ардахтаах силбик күннэр турдаллар, көмүс дуйунан оонньоон, айылҕа саамай үтүө кэмэ үүммүт.

      Нарыйа бадарааны тумнан, балачча уһуннук хааман, дьиэтигэр кэллэ. Дермантин бүрүөһүннээх аанын аста, төрөппүттэрэ төгүрүк остуолларыгар утарыта олорон чэйдии олороллор эбит.

      – Хайа, тоойуом, бүгүн хайаан эрдэлээн кэллиҥ? Командировкаҕа ыыппатылар дуо? – ийэтэ кыыһа эрдэ кэлбититтэн үөрэн, мичээрдии көрүстэ.

      – Суох, массыынабыт алдьанан кыайан барбатыбыт. Оҥоһулуннаҕына эбиэттэн киэһэ барарбыт буолуо, – Нарыйа кэпсиирин быыһыгар остуолга олордо. Оҕо эрдэҕиттэн сөбүлүүр сайыны санатар дьэдьэн ойуулаах кыракый тэриэлкэтигэр өрөһөлүү кутуллубут соркуойдаммыт эти ийэтэ уунан биэрбитин иннигэр уурунна.

      – Ханна туох наадаҕа бардыгыт? – итии аһы аһаан толору сирэйэ эбии кытарбыт аҕата Василий Семенович ыйытар.

      – Түүлээххэ тиийэ хаһыаппытын сырдата, сурутууну тэрийэ барыахтаахпыт эрээри, оччо ыраах тиийбэппит быһыылаах. Саатар Танданан, Тиит-Арыынан сылдьыбыт киһи.

      – Хойутаабыккыт, – аҕата түөһүллэн туран кухоннай үрдүгэр сытар улуустааҕы «Мүрү саһарҕата» хаһыаты ылан хоһугар ааста.

      – Ийээ, Айыына эрийэ сылдьыбата дуо? – кыыс ийэтин диэки ыйытардыы көрдө.

      – Суох, ким да эрийбэтэ. Григорийыҥ кэлбэтэ дии, – Дария Иннокентьевна кыыһын сирэйин-хараҕын мыҥыыр.

      – Кэлбэтин даҕаны. Ким да кинини кэтэспэт, – Нарыйа сирэйэ тыйыһыра түһэр.

      – Антах биир сыл олорбуккун буолбат дуо? Уонна хайдах итинник саҥараҕын? Кэллэҕинэ да кэлэр буоллаҕа. Кэлбит киһини бука эн да буоллар үүрбэтиҥ буолуо, – ийэтэ сэмэлиирдии көрөр.

      – Чэ, ийээ, бүттүбүт. Кэргэн тахсар санаа суох.

      – Нарыйа, массыынаҥ кэллэ быһыылаах. Массыына тохтуур тыаһа иһилиннэ, – аҕатын сөҥ саҥата саалаттан иһиллибитигэр кыыс, остуолуттан ойон туран кириэһилэҕэ бырахпыт тирии сонун, суумкатын харбаат, таһырдьа ыстанна.

      – Дьэ, итинник. Киһини кытта сүгүн кэпсэппэт. Сөбүлээбэт эрээри тугу гынаары бииргэ олорбутай? Төлөпүөнүнэн кэпсэппэт. Биир сыл олорбут да, саатар ыарахан буолбатах. Сааһа ыраатта, – Дария ботугуруурун быыһыгар иһитин хомуйа сырытта.

      Нарыйа, УАЗ кэнники олбоҕор олороот, аргыстарын кытта күө-дьаа кэпсэппэккэ, массыына иҥнэл-таҥнал түһэригэр бигэнэн, утуйардыы оҥостон быар куустан тиэрэ түһэн олордо. Ийэтэ быйыл сайыны быһа Григорийынан иирдэ. От үлэтин саҕана, ийэлэрэ эрэ баарыгар кэлэн барбыт этэ. «Сүрдээх үчүгэй, номоҕон баҕайы уол. Саһарчы көрөн сахаҕа кырасыабай киһи. Үөрэҕэ суоҕа туох буолуой? Кылаабынайа, киһи быһыытынан үчүгэй буоллаҕына сөп. Бииргэ кыстаан баран, тоҕо сураҕа-садьыга суох сүтэҕин? Күһүн билсэ кэлиэх буолбута», – диэн кэпсээннээх тоһуйбута. Аҕата: «Хата, күһүн сыа

Скачать книгу