Олох оҕо оонньуута буолбатах. Татьяна Находкина
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Олох оҕо оонньуута буолбатах - Татьяна Находкина страница 9
Эмискэ массыыналара нэксиэлээх суолга иҥнэл-таҥнал барбытыгар пассажирдар үөһэ-аллара түһэн ыллылар. Нарыйа санаатын ситимэ быстан хаалла. Тыыллаҥнаамахтаан, бэл, дьааһыйан ылла.
– Хайа, Нарыйа, туох санаатыгар-оноотугар киирэн тылгыттан маттыҥ? Биһигини кытта кэпсэтимээри утуйбута буолан ыллыҥ дуу? – кыыстан икки хас сыл аҕа солбуйар редактордара иннигэр олорон хараҕын араастаан чыпчылыҥната-чыпчылыҥната ыйытта.
– Бүт эрэ. Николай эмиэ үөҥҥэ тилиннэ, – Нарыйа эрэдээктэрин көхсүгэ охсон «тап» гыннарда.
– Нарыйа, эйигиттэн биири ыйытыахпын баҕарбытым ыраатта эрээри, тоҕоостоох түгэн түбэспэккэ ыйыппакка сылдьыбытым, – биир идэлээҕэ, корреспондент Сэмэн күлэн мүчүҥнүү-мүчүҥнүү ыйытар.
– Сэмэн, тугу ыйытаары гынаргын сэрэйэбин.
– Атын улуус уолугар кэргэн тахсан эрэр, өссө уол кэлэ сылдьыбыт үһү диэбиттэрэ.
– Баҕар, тахсыллыа даҕаны, онно туох баарый? Ол аайы 16–17-лээх кыыс буолбатахпын. Эһиги ыйытаргытын кэтэһэ сырыттахпына, сотору кырдьан сорсуйар инибин.
– Оо, кэм биһиги буоллахпыт, сыарҕабыт бытаарбыт, – уолаттар хаадьылаһан күлсэн ылаллар.
Бөһүөлэккэ киирэн, суол икки өттүн саҥа өҥөҥнөһөн эрдэхтэринэ, массыыналара эмискэ хорус гына тохтообутугар иннилэрин диэки күүскэ баҕайы дьүккүс гынан, эдэр дьон эбии күлсэн күйгүөрэн ыллылар.
– Оҕолоор, түһүҥ. Хонтуораҕа кэллибит. Хаһыаккытын үчүгэйдик аҕытаассыйалааҥ. Элбэх киһи суруйтардаҕына, хаһыаппыт тирааһа үрдүө этэ, – суоппардара Кирилэ мөтөллөн олорон күлэн күһүгүрэттэ.
Быйыл ардахтаах күһүн буолла. Сир-дойду барыта уунан туолан турар. Улахан техникалар хаһан кэбиһэннэр, суол олох суох. Сарсын улуус киинигэр оскуола хамаандата күһүҥҥү спартакиадаҕа күрэхтэһэ барыахтаах этэ да, оптуобустарын суоппара кыккыраччы аккаастанан кэбистэ. «Дэриэбинэттэн да кыайан тахсыахпыт суоҕа», – диир. Эбиитин оскуолаларын тыраахтардара алдьанан турар. Саппаас чаас суох. Сергей Николаевич оҕолорун сатыы илдьэр санаалаах этэ да, көдьүүстээх күрэхтэһии тахсыа суоҕа диэн куттанар, саатар бэҕэһээ, биир күн эрдэлээн барбыттара буоллар, сынньалаҥ күннээх буолуо этилэр. Онтон билигин айаннаатахтарына, сарсын буолар чааһыгар тиийэр кыахтаахтар.