Ол түгэн уораана…. Арчылан

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Ол түгэн уораана… - Арчылан страница 1

Автор:
Жанр:
Серия:
Издательство:
Ол түгэн уораана… - Арчылан

Скачать книгу

урдук курас. Сытыы сааскы тыал – эркин эрэ, туох эрэ диэн иҥнибэккэ – эргэрэн эрэр дьиэни курдары үрэн кэбиһэргэ дылы…

      – Эһиги «Сонуннар» киэһээҥҥи таһаарыыларын истэҕит. Улуу Кыайыы 57 сылыгар анаммыт хайыһар походугар Дьокуускай куорат 1-кы нүөмэрдээх училищетын үөрэнээччилэрэ турунуохтара. Онно бэлэмнэнии утумнаахтык…

      Миитэрэй оҕонньор аҕылыы-аҕылыы, тайаҕар тэптэрэн кэлэн, бакыр тарбахтарынан араадьыйаны саба тутан кэбистэ. Эркиҥҥэ өйөнөн, тыын ыла түһээри, чочумча турбалыы түстэ. Онтон уҥа ытыһын холбоччу тутан кулгааҕар даҕайда уонна, арааһа, араадьыйаны буоллаҕа буолуо, иһиллиирдии тутунна.

      Им-ньим. Арай оһох барбах таһырҕаан ылаттыыр уонна таһырдьа тыал хардьаны кыыкынатара иһиллэр. Күн, бу өйдөөн көрдөххө, биллэ уһаабыкка дылы эбит. Туох да бэйэлээххэ кыайтарыа суох курдук баары эрэ барытын тоһута тоҥороору буугунаан күрдьүөтэммит Дьыл оҕуһун моонньоох баһа түһүөхчэ буоллаҕа. Бээ, арба, бүгүн хаһыс этэй?

      Миитэрэй абына-табына намылыйбыт туртаҕар бытыгын имэринэн ылла уонна кыараҕас харахтарын симириктэтэ-симириктэтэ халандаарын диэки көрбөлөөтө.

      Тууй-сиэ! Халандаарын лииһин эмиэ көтөхпөккө хаалбыт дуу, хайа үөдэн дуу? Кырдьар – кырыыс, сорсуйар – сор диэн, дьэ, итини этэн эрдэхтэрэ.

      Урут – этэргэ дылы, ойуур отун-маһын тардыалаан көрөр эрдэҕинэ – Миитэрэй халандаар лииһин быһыта тардан быраҕан иһэр этэ. Ол бэйэтэ билигин тоҕо эрэ оннук гыныан санаата буолбат, бэл айыырҕыыр да курдук, онон ааспыт күннээх лииһи тиэрэ быраҕан, эрэһиинэҕэ туттаран иһэр.

      Даа, кутуйах хаамыытынан да буоллар, сынтарыйар диэни билбэккэ утумнаахтык чыбырҕатыы диэн бу буоллаҕа ээ. Онно холоотоххо, биһиги дьон оннук буолуохпут баара дуо?..

      Миитэрэй аргыый үөһэ тыынан баран, оһоҕун диэки сүдьүҥнээтэ. Тиийэн, чыыппаанынан оһоҕун аанын арыйда уонна, таһырдьаттан тоҥон-хатан киирбит киһи курдук, тарбахтарын саратан уот суоһугар сырайда. «Ыч-ча-аа!.. Тоҥоро тоҕо бэрдэй?!» – аны көхсүн аста.

      Суох, туһалаабат. Баатыгарын, сылааска кэлэн тоҥмутун ордук биллэ. Били чыс кутуйах түүлэннэҕинэ ордук тоҥор диэбиккэ дылы. Ис-иһиттэн тахсар бүтэй тымныы сиһин иэниттэн саҕалаан, тоноҕоһун хас биирдии уҥуоҕун ааҕа хаарыйар.

      Бу дьиэ уорааннаммыта тоҕо бэрдэй?!

      Быһаҕас түспүт уотугар хас да хардаҕаһы эбии укта уонна, оһоҕун аанын саба да сатаабакка, кыра олоппоско нүксүччү түһэн олорон, кып-кыһыл тылларын онон-манан былтаҥнатан иҥсэлээхтик салаан барбыт уоту биир кэм тонолуппакка одууласта…

      Кыыһа Даайа уолун көрдүү диэн ааттаан барыаҕыттан кини итинник идэлэннэ. Киэһээҥҥи барык-сарыкка оһоҕун иннигэр олорор уонна арааһы эргитэ саныыр. Саныыр былыргыны – былыт саппытын, саныыр аныгыны – айыы арыйыахтааҕын.

      Киһини санаа кулута дииллэр да, Ньукулай бэрт хойукка диэри санаа-оноо ыарыга диэни билбэтэҕэ. Оннук соло да суох курдуга: үлэ, үөрэх, сэрии, онтон эмиэ үлэ, үлэ… Быар куустан тиэрэ түһэн сыппыт дуу эбэтэр көрү-нары батыһан аралдьыйа сылдьыбыт дуу күнүн тоҕо эрэ өйдөөбөт. Баҕар, ол иһин даҕаны, аҕыс уон үс сыл уутун-хаарын быһа кэһэн, ардаҕын-толонун санныгар уулларан-куурдан баччаҕа тиийбитэ буолуо… чэ, ону айбыт бэйэтэ билэр… Тимири дьэбин, киһини санаа сиир диэн мээнэҕэ этиллибэтэҕэ чахчы.

      Ама, Баһылай Бырдьахаанап, били истибит эрэ кутун туттарар «Ньургуһуннар» курдук кэрэ ырыаны суруйбут барахсан, «кыһыл буурҕа аттаах» Эллэй бэйиэти эппитигэр дылы, араас санааны-оноону «таһаҕас оҥостор дириҥ уйулҕата суоҕа» буолуо дуо?..

      «Тас!» үөл хардаҕас түбэстэҕэ буолуо, уоттаах чох көтөн тахсыбытыгар Миитэрэй санаата, үргэммит ньуолах түүнү күүстээх тыал үрбүтүн курдук, биирдэ үрэл гынан хаалла. Дьиэтин-уотун өрүһүйэр айдааныгар, бэл, кэнники кэмҥэ бүтэй дьиэ бөҕө буоларга күһэйбит аҕыс уон аҕыс араас суол араахымалара умнулларга дылы буоллулар. Уот түспүт бөҕүн-сыыһын тимир тарыйарынан бэрт дьороҕойдук күрдьэн ылан, оһох иһигэр төттөрү ыһан күдээриттэ. Ол кэннэ, оһоҕун аанын син биир саппакка, олоппоһугар лах гына түстэ.

      Уот диэн, дьэ, итинник. Сыыһа туттарыа кэрэх, баары эрэ барытын ньимси ыйыстыа, өссө салбанан эрэ хаалыа турдаҕа. Уот маҥалайа туолбута диэн суох ини. Аанньаран, өбүгэлэрбит аһыыр-аһыыр топпот баар үһү диэн таабырыннаабыттар үһүө…

      Кээс-кээс! Айыыны ыатаран бардым. Уота суох сатаммаккын ээ. Аал уот барахсан баар буолан, иэгэйэр икки атахтаах төрөөн-үөскээн, дьиэ-уот тэринэн, сир-уот оҥостон орто туруу дойдуга тараан буолан тарҕаатаҕа эбээт. Алаһа дьиэни иччилиир аал уот барахсаны оттон туохха тэҥниэҥ буоллаҕай?!

      Аал уот арай дьалаҕай быһыыны сөбүлээбэт. Аал уот булгуччу иччилээх-араҥаччылаах буолуохтаах. Иччитэ суох уот умуллар эбэтэр, кыыл баран, хаһан уодьуганнаныар диэри иэдээн бөҕөнү төлү тардар…

      Миитэрэй оҕонньор бачча сааһыгар диэри кыра да, улахан да уоттары көрдө ини, көрбөтө ини. Уонна хаһан даҕаны, илиитин сиэбигэр уктан баран, туораттан көрөн турбатаҕа. Бэйэтин да былдьата сыспыт

Скачать книгу