Ол түгэн уораана…. Арчылан
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Ол түгэн уораана… - Арчылан страница 10
Айыбын даа! Дьэ, дьоһун хартыына!
Алаастыырап ньыкыччы туттубутунан сэрэхтээх сири кытыытынан кыйан мүччү түһээт, кэлээри туран, ыалыттан ыйдарбыт хатыйыы үөт күрүөлээх тэлгэһэтин ааныгар хаамар-сүүрэр ыккардынан тиийээт, дьэ, биирдэ өрө тыынна. Сиэбиттэн болотуогун таһааран, сүүһүгэр бычалыйан тахсыбыт көлөһүнү туора-маары сууралаата уонна илиитигэр тута сылдьар сэлээппэтин кэтэн кэбистэ.
Сатана оҕуһа! Киһи сүрэҕин хайыта сыста дии…
Даайа күүтэн олорбут эбит. Үс атахтаах остуолга ас бөҕөтө тардыллыбыт. Иҥэ имнии тэтэрэн, тэри-тэрбэгэр сыры-сымнаҕас харахтара сандаара тырымнааннар, урут көрбүтүнээҕэр өссө ордук тупсубукка дылы буолбуттар.
Өссө кыыс сылдьан хайдах эрэ буолла?.. Били силбиэтэммит оҕуһум ханна дьөлү түһэн хаалла?! Ити сырдык кыымынан ыһыахтанар харахтар эйиэхэ эрэ анаан сыдьаайа тырымныыллара, кырдьык, дэлэлээх үчүгэй буолуо дуо?! Сорох ол минньигэс түгэни үрүҥ түүлүгэр да билэрэ саарбах. Машата бу санаатын биллэҕинэ – иэдээн!
Алаастыырап сэмээр мүчүк гынна.
Туох да диэбит иһин, Миитэрэй сүрэҕин үйэ саас тухары туттарыан туттарбыт эрэ дииргэр тиийэҕин.
– Чэ, остуолга аас. Түннүкпүтүн арыйа сатыыбыт да, оһох оттулунна да дьиэбит өрүкүйэн хаалар. Итии буолуо. Бинсээккин ол көхөҕө ыйаа, – Даайа, таһыттан соччо биллибэт да, балайда долгуйбут быһыылаах (хаһан суруйааччыны күндүлээбитэ баарай?!) – Сотору ыалым Мэхээлэ киирэ сылдьыах буолбута, эн кэлэр сураххын истэн. үнүрүүн кулуупка буолбут көрсүһүүгэ тугу эрэ ыйыппакка хаалбыппын диир этэ. «Хотугу Сулуска» бэчээттэнэ сылдьар айымньыгар сыһыаннааҕы. Бастаан уларсыһа сылдьан ааҕа сатаан баран, тэһийэн-тулуйан көһүтүспэккэ, элбэх киһи сурунаалга суруттарда ээ, быһыыта.
Алаастыырап түөһүн киэн туттуу тиирэ тэбиэхчэ буолбутун сабыта баттаат, сүөгэй үрүҥнээх итии чэйи сыпсырыйан ылла уонна утары быыска ыйанан турар хаартыскалаах арааманы тонолуппакка одуулаата.
Араама ортотуттан сырдык сэбэрэлээх, иҥнэри кэппит пилоткатын ойоҕоһуттан баттаҕа будьуруйбут саллаат кинини эмиэ көрөн олорор эбит. Киэҥ эрилкэй харахтарыгар туох эрэ түгэҕэ биллибэт санньыар саспыт курдук.
– Ити мин Ньукуум… – Даайа ах баран олорболуу түстэ, онтон санныгар саба быраҕына сылдьар былаатын муннугунан эр-биир харахтарын сотунна. – Биһиги бииргэ улааппыппыт. Бука, Миитэрэй кэпсээтэҕэ буолуо. Оскуолаҕа олус үчүгэйдик үөрэммитэ, олус сайаҕас этэ. Ол эрээри