Ол түгэн уораана…. Арчылан
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Ол түгэн уораана… - Арчылан страница 2
Субу түһүөхчэ адаарыспыт хардаҕастары бобо кууспутунан уончалаах Дьулус киирэн кэлэн, бокуойа суох оһох диэки дэдэрийдэ. Тиийээт, тыас-уус бөҕөнү таһааран, онтун төлү тутан кэбистэ. Онтон бэрт улаханнык илистибит киһи быһыытынан тыын ылаат, хараҕар саба түспүт бэргэһэтин көннөрүннэ.
– Тукаам, бэйэҥ кыаххынан көрөн ылыаххын, – Марыына сиэнин аһыммыт уонна таптаабыт хараҕынан көрө-көрө, сэмэлээн дуу, сүбэлээн дуу унаарытта.
– Бэргэһэм дии, барыта… – уол хардаҕастары сааһылыы сылдьан, кырдьыгын таһаарына оҕуста.
– Оттон ол бэргэһэни эн төбөҕөр ким кэтэрдибитэ эбитэ буолла?! – Марыына суос-сымыйанан мунаарбыта буолла. – Ыксалыҥ бөҕө…
Дьулусхаан буруйдаммыттыы кэтэҕин куучур-хаачыр тарбанна.
Чэй иһэн бурулата олорор Миитэрэй ону иилэ хабан:
– Оттон били муултуктарбыт-киинэлэрбит атахтанан куотан хаалыахтара турдаҕа эбээт. Бу киһи аны кэтэҕин тэһэ тарбаары гынна. Чэ, кэл, хата, итинник өлө-тиллэ үлэлиир көмөлөһөөччүбүн, ньымааттаһа таарыйа, кэмпиэтинэн күндүлүү оҕустахпына сатаныыһы, – дии-дии хаадьылаан мүчүҥнээтэ.
– Ити киһиҥ бүгүн эйигиттэн көрдөһүүлээх кэлэн турар. Миигиттэн ыйыталаһа сатаабыта да… – Марыына илиитинэн сапсыйан кэбистэ. – Туһа мэлигир. Онон, Миитэрэй Ыстапаанабыс, Дьулуһуҥ көрдөһүүтүн истээр эрэ. Мин хотоҥҥо таҕыстым.
– Дьэ эрэ, доҕор, ол туох көрдөһүүлээххин? – Миитэрэй саалаҕа алтахтаан киирэн, дьыбааны ойоҕолуу турар кириэһилэҕэ дьобуччу түстэ. – Итиннээҥҥи уоту саба тутан баран, манна кэлэн олор.
– Учууталбыт Инаара Дьууровна Дьыл оҕуһун туһунан дьоҥҥутуттан билэн кэлээриҥ диэбитэ. Ону эбэм Миитэрэй Ыстапаанабыстан ыйытаар диир дии, – уол мин онно сыһыаным соччо суох диэбиттии, түннүгүнэн боруктуйан эрэр таһырдьаны көрүөлээбитэ буолла.
– Чэ, оччоҕо иһит, – оҕонньор бра уотун арааран тас гыннарда, – маннык кэпсэтиини имик-самыкка олорон ыыттахха тиийимтиэ буолааччы. Бу номоҕу мин эмиэ эн курдук уончалаах сылдьан истибитим.
Хас сыл аайы саҥа кэлэр дьыл анал оҕустаах буолар дииллэр[1]. Ол оҕустар бары ыраас хаар курдук мап-маҥан, сири сиппийэ сылдьар уһун түүлээхтэр үһү. Күн уота түүлэрин быыһыгар, хаар кыырпаҕар кылабачыйа оонньуурун курдук, киһи хараҕа саатар гына сытыытык күлүмүрдүүр, дьиримниир эбит, ол иһин кинилэри көннөрү киһи ханна да, хаһан да илэ бэйэлэрин таба көрө илик. Ол тымныы тыыннаах көстүбэт оҕус кутуругунан оонньоотоҕуна, халлаан оройугар диэри араас өҥнөөх сардаҥалар сырдьыгыныы-сырдьыгыныы сырсаллар эбит. Оттон, атыыр оҕус мөҥүрүү-мөҥүрүү буору хаһарын курдук, хаары хаһан бурҕаҥнаттаҕына – хаардаах тымныы силлиэ ытыллар, сылайан сыттаҕына, тохтоон уоскуйдаҕына – сылаас, сымнаҕас күннэр кэлэллэр.
Күһүн кэлиитэ хоту диэкиттэн хоҥнон, сайыҥҥы от-мас быыһыгар саһан-хорҕойон, сииккэ-симэххэ силигилээн, наһаа хойдубут быртаҕы-быдьары, үөнү-көйүүрү тымныы тыынынан
1
Дьыл оҕуһун туһунан Анатолий Кривошапкин суруйуута «Туймаада» хаһыаттан ылан туһанылынна, киниэхэ барҕа махтал.