Ол түгэн уораана…. Арчылан

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Ол түгэн уораана… - Арчылан страница 4

Автор:
Жанр:
Серия:
Издательство:
Ол түгэн уораана… - Арчылан

Скачать книгу

эмискэ баҕайы саба халыйан кэлбит санаатыттан-оноотуттан босхолоно сатаата да, туһа суох. Хаайтаран турбут уу, быыс-хайаҕас буллар эрэ, хайа да бэйэлээх сымара таас быһыты үлтү кумалаан, тоҕу көтөн тахсарыныы, биирдэ ааспыт олоҕун уот ытылҕаныгар баар буолан хаалла.

      Сэрии… Кырыыстаах сэрии…

      Кырдьык, кини армияҕа бэйэтэ тылланан барбыта. Дьиҥэр, тылламматаҕа да буоллар, хаһыс эрэ хомуурга түбэһэн буорах сытын син билиэ эбитэ буолуо?..

      Арай сорохтор курдук хоту түһэн, мүччү көтүө ини?..

      Оччолорго итинник санаа кинини ырааҕынан сылдьара. Оччоҕо олус да ыраас санаалаах, олус да итэҕэйимтиэ эбиттэр… мөлүйүөннэр дьылҕаларын үлтү кумалыыр иэдээннээх сэрии турбутун оччотооҕу Миитэрэй курдук өс киирбэх сүрэхтээх-санаалаах уолаттар уонна кыргыттар хантан таайыахтара баарай?..

      Уонна, билигин кэлэн туох да диэбит иһин, бэйэ норуотунан, бэйэ дойдутунан, кинилэр ситиһиилэринэн дьиҥнээх киэн туттуу баара. Ол да иһин Сэмэн Сүүлүскэй эҥин курдук эр бэртэрэ, фашист адьырҕаны урусхаллааһыҥҥа кыттыбакка хаалаары гынныбыт диэн ыксаан, инньэ Күһүүр курдук сиртэн Ньурбаҕа диэри тоҥуу хаар устун сүүһүнэн көһү хайыһарынан айаннаан киирэн, бэбиэскэ туруорсан ыллахтара… Даа, Миитэрэй көлүөнэтэ оннук көлүөнэ этэ, билиҥҥи дьоҥҥо холоонноох буолуохтара дуо?! Һы-һы, букатын да били Лермонтов поэматыгар баар кырдьаҕас саллаат курдук тыллаһан бардым дуу?..

      Да, были люди в наше время,

      Не то, что нынешняя племя…

      Оонньуута суох, арай Даайа кинини талбыт буоллун – оччоҕо барыта хайдах эргийбит буолуо этэй?

      Даайа… Даайа… Даайа…

      Кинилэр үһүөн биир түбэ оҕолоро этилэр. Бары оскуолаҕа бииргэ киирэн, бииргэ үөрэммиттэрэ. Уонна оннук тутуспутунан бүтэрбиттэрэ. Оччотооҕуга сэттэ кылаастаах үөрэх этэ. Хойутаан оскуолаҕа киирэр буолан, сэттэ кылааһы да сиппит-хоппут дьон бүтэрэллэрэ. Онон ол кэмҥэ Даайалара көрбүт эрэ уол сүрэҕин нүөлүтэ сэлибирэтэр кийиит кыыс бэрдэ буола силигилээбитэ. Субу көтөн хаалыахтыы тырыбыныыр уп-уһун кыламаннаах, эбиитин эдэр саас тэбэнэттээх кыымынан ыһыахтана оонньуур хап-хара хараҕа, отон уутунан сотон кэбиспит курдук кып-кыһыл обуйук уостара, такымынан охсуллар толбоннурар суһуоҕа, мөтөгөркөөн түөстэрэ, быһа тутан кэбиспиттии быакагаркаан уонна имигэстэй бииллэрэ – барыта чочуонай этэ. Оттон күлүүтэ, алыптаах музыка буолан кутуллар лыҥкынас күлүүтэ!

      Холкуос-нэһилиэк дьоно бары кинини сүрдээхтик сөбүлүүллэрэ. Бэл, Мыттыкы оҕонньор: «Даайа кыыс, кырынаас курдук кылыбырыйан, кулуһун курдук дьулугураан аастаҕына, миигинньик бөөхүллэ нохтолоох сүрэҕэ көбөн, толугуруу мөхсөн ханна баарын биллэрээхтиир буоллаҕа!» – дии-дии сүрэҕин туттан, дьону-сэргэни күллэрэн мытталлара.

      Даайаны хоһуйаары, нэһилиэк уон биэһиттэн отутугар диэри саастаах сулумах уолаттара түөрэ бары хоһоон суруйуутунан ыалдьа сылдьыбыттара. Миитэрэй да онтон хаалсыбатаҕа. Ол кэмҥэ кини бастакы уонна бүтэһик хоһоонун суруйбута. Оннооҕор билигин, түлүк түүн да ойутан туруордахтарына, ол хоһоонун биирдэ да кэлэҕэйдээбэккэ

Скачать книгу