Эр киһи уонна дьахтар. Егор Неймохов
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Эр киһи уонна дьахтар - Егор Неймохов страница 10
– Дорооболоруҥ! Кэлимээри гыннылар дуу диэн ыксыы сыстым, чэ, бэрт, манна хоноҕут дуу эбэтэр эбэҕэ киирэбит дуу?
– Ээ, киирэн буоллаҕа дии, сарсын төннөбүт, Ксенья соҕуруу барыахтаах, – дии оҕуста Бэргэн.
– Һок-сиэ! – Көстөкүүн сөҕөн баһын быһа илгиһиннэ, – уот ылардыы сырыылаах дьон буоллугут, ол да буоллар кэлбиккит бэрт, тоойуом, эн аатыҥ Ксенья диэн дуу?
– Ксенья, – кыыс улаханнык кыбыстан умса туттан турда.
– Мин эйиэхэ боростуой таҥас-сап булан биэриэм, ууну-хаары ортотунан сылдьарга мааны былаачыйанан сылдьар сатаммат.
– Уларыттар таҥастаахпын ээ… – диэтэ Ксенья арыычча иһиллэрдик.
– Оччоҕо үчүгэй, чэ, дьиэҕэ киириэҕиҥ.
Таһырдьа куйаарбытыгар холоотоххо, дьиэ иһэ лаппа сөрүүн эбит, ким да суоҕун дьиктиргээн, Бэргэн атаһыттан ыйытта:
– Хайа, оттон кэргэниҥ?
– Ээ, дойдутугар ыһыахтыы барбыта, кини – Мэҥэ Хаҥалас, иккиэн араас оройуоннарбыт эрээри, манна дьолбутун булан олордохпут. Чэ, туох баарынан аһааҥ, киэһэ ууттан тахсыбытынан балыгы мииннээн иһиэхпит.
Сонун астан күөрчэх баарын уоллаах кыыс килиэби булкуйа-булкуйа сиэн, начаас миискэ түгэҕин көрдүлэр, аһаан бүтэн, айанныырдыы тэриннилэр. Көстөкүүн уоллуун хоско киирэн таҥастарын уларытыннылар, оттон хаһаайын ыйан биэрбит атын хоһугар Ксенья киирэн, былаачыйатын оннугар спортивнай көстүүм кэттэ. Кини хостон тахсыбытын көрбөхтөөн баран, Көстөкүүн саҥата суох таҥас ыйыыр ыскаап аннын хасыһан, дьоҕус бириһиэн сону кытта ыстааны уунна:
– Маны куормаҥ таһынан кэтэн кэбис, эмээхсиним таҥаһа, эйиэхэ сөп буолуо, төһө да бөһүөлэккэ итии курдугун иннигэр эбэҕэ чэлгиэннээх буолааччы, тоҥуоҥ.
Ксенья тугу да саҥарбакка, сонноох ыстааны туппутунан эмиэ хоһугар элэс гынна уонна сотору олору дьыраччы анньынан таҕыста.
– Дьэ бу бэрт, дьиҥнээх балыксыт бодотун ылыммыккын, – Көстөкүүн кыыһы хайҕаата.
Үһүөн таһырдьа таҕыстылар, хаһаайын үрүксээк сүгүүлээх, эрдиилэри кытта бензиннээх канистры тутта, Бэргэҥҥэ муҥханы сүктэрдэ. Туруору сыыры түһэллэрин кытта иннилэригэр өрүс улаҕата-уорҕата биллибэт киэҥ иэнэ нэлэһийэ түстэ, кыратык да тохтоон ылбакка мөхсөн дьирбиилэнэ оонньуур эрэһэ долгуннар