Эр киһи уонна дьахтар. Егор Неймохов

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Эр киһи уонна дьахтар - Егор Неймохов страница 11

Эр киһи уонна дьахтар - Егор Неймохов Билиҥҥи кэм прозата

Скачать книгу

омоонунан от-мас быыһынан барбахтаан истэхтэринэ, эмискэ иннилэригэр дьоҕус үүтээн арылла түстэ. Иннигэр аргы мас, онтон бэттэх буорга батары көмүллүбүт чуурка атахтардаах хаптаһын остуол, лааппы, аттыгар умайбыт чох ыһыллыбыт, хаптаччы барбыт кэриэрбит баанка кытыытыгар сытар кулуһун онно.

      – Дьэ бу мин бас билэр фазендабар кэллибит, – Көстөкүүннэрэ иннин диэки даллах гынна, – баһаалыста, ийэҕит-аҕаҕыт дьиэтигэр кэлбиттии сананыҥ.

      – Наһаа үчүгэй дии! – Ксенья тулатын көрө-көрө үөрэн саҥа аллайда, – куоракка олорон маннык үтүө айылҕа баарын умнан да ылабыт.

      – Дьэ бэрт, астыммыт буоллаххытына бэрт, – Көстөкүүн муҥханы ылан аргыга намылычы бырахта уонна үүтээнтэн илимнэри тутан таҕыста, – Бэргэн, манан арыыга күөл баар, эн биһикки киирэн илимнэ үтүөххэ, киэһэрэн балык кытыыга аһыы тахсыыта муҥхалыахпыт, оттон Ксенья, уотта отто, чэйдэ өрө тур.

      4

      Киэһэ муҥхаларын сүкпүтүнэн ууга киирдилэр, оҥочолорун мааҕыын адьас кытыыга, ууга биэтэҥнии турардыы хаалларбыттара кумахха балачча үөһэ тахсыбыт.

      – Оок-сиэ уубут түһэр эбит ээ, – диэтэ Көстөкүүн уонна кумахха дьурулас суолу хаалларан, оҥочону ууга анньан киллэрдэ, тумсугар үөһэ муҥханы сааһылаан уурда:

      – Эһиги кытыынан миигин көрө-көрө, ыксаабакка аа-дьуо хаамсыҥ, мин эрдинэн ол тумулга тахсыам, – диэтэ. Кыыстаах уол муҥха кытыы кынатын бэчимэ быатын туппутунан кумах кытылга хааллылар, Бэргэн кедаларын устан, тобугар диэри ууга киирдэ, күн устата сылыйбыт хомо хамсаабат уута бөтөҕөтүн сымнаҕастык кууспахтаата, Ксенья үөһэнэн, кураанах сиринэн, барар буолла. Көстөкүүн эрчимнээхтик эрдиилэрин тардыалаан, үөскэ дьулуста, эрдиилэр салбахтара ууга батары түһэ-түһэ, чөҥөрүйэ эргичийэр иилэри үөскэттилэр, муҥха кыната субуруйан түһэн барда.

      Уол балыгы үргүтээри быатынан ууну таһыйбахыы-таһыйбахтыы бытааннык хааман истэҕинэ, кыыһа: «Бэргэн», – диэн сипсийдэ, кини диэки хайыспытыгар Ксенья: «Ууну охсума», – диэн сөмүйэтин уоһугар туттарын көрөн мичик гынна:

      – Ксенья, соруйан ууну тыаһатабын, ити аата балык кэннибитигэр баран хаалбатын, куоппатын диэн куттуур быһыым, – диэтэ.

      Лаппыныахтаах муҥха ийэтэ кэлбитигэр Көстөкүүн оннуттан туран, быраҕан күдээриттэ уонна оҥочотун кытыл диэки эргитэн, күүскэ түһүөлээн эрдинэн барда. Кыыстаах уол муҥхаларын кынатын тарда-тарда, киниэхэ утары тиийдилэр, Көстөкүүн оҥочото чычаас сиргэ кэлэрин кытта ыстанан түстэ уонна икки илиитинэн хардары-таары үөс кынаты бэйэтигэр уунаҥната тардыалаабытынан уоллаах кыыс диэки нөрүччү туттан хааман тиийэн, икки кынат аллара таастыганнаах эҥээрин холбуу тутан самахтаата, эдэрдэр муҥха икки эҥээрин хомуйа субуйдулар. Долгуннарга күөрэҥнии-күөрэҥнии лаппыныах тимиҥнээн ылла. Сотору муҥха ийэтин кытыыга соһон таһаардылар – хас да балык өрөҕөтө үрүҥ көмүһүнэн туртаҥнаата, хаайыыга түбэспит сордоохтор күүскэ мөхсөн, ууну ыспахтыы лаһыйдылар. Балыгы таһаара охсоору

Скачать книгу