Эр киһи уонна дьахтар. Егор Неймохов

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Эр киһи уонна дьахтар - Егор Неймохов страница 15

Эр киһи уонна дьахтар - Егор Неймохов Билиҥҥи кэм прозата

Скачать книгу

тыыныы диэки төбөтүн хамсатаат, саҥа тыллыбыт ньургуһуннуу кыысчаан киниэхэ сыстыаҕынан сыстан, утуйан буккуруу сытарыттан сүрэҕэ үлүскэн үөрүүнэн туолла. Түүлүгэр туох эрэ үчүгэйи көрөн, мичийэ сытар кыыһы уһугуннарымаары, илиитэ көһүйбүтүн үрдүнэн адьаһын хамсаабакка сытта. Аттынааҕы талахтарга чыычаахтар чырыптаһаллар, ырыых-ыраах мотуор кыҥкыныы ыллаан ааста.

      Балаакка таһыгар атах тыаһа сырдырҕаан кэллэ, онтон Көстөкүүн саҥата: «Эдэр ыаллар, туруҥ! Күн ыраатта, хомунуоххайыҥ, илимнэрбитин эһэн баран дьиэлиэ этибит, аны куоракка айанныыргыт баар дии», – диэтэ. Кыыс саҥаттан уһуктан кэллэ уонна кинини көрөн мичээрдээтэ. Бэргэн кыыһы уоһуттан уураан ылла, көһүйбүт илиитин араарда, туралларыгар тиийэллэр – хайыаҥ баарай, туох барыта, ол иһигэр үчүгэй эмиэ, бүтэр уһуктаах, ааһар аналлаах…

      Туран таһырдьа сыыллан тахсыбыттара, ардах кэнниттэн сууммут-тарааммыт курдук күөх окко-маска, иирэлэр сэбирдэхтэригэр сиик кылбачыйа чаҕылыйар, хомо мэндээркэй иэнэ чэрэниилэ өҥүнүү көҕөрө суһумнуур.

      – Дьэ быйыл түһэ илик күүстээх ардах сиҥнэн ааста, ити – өҥ-быйаҥ бэлиэтэ, эһиги дьоллоох-соргулаах ыал буолуоххутун кэрэһилээтэ, – диэтэ Көстөкүүн сис туттан маадьаллан туран.

      Инчэҕэй оту кэһэн, үүтээннэригэр баран иһэн, Бэргэн биир дойдулаах аҕа табаарыһыгар махтанарын биллэрэн илиитин ыга тутан ааста. Сып-сап аһаат, үһүөн күөллэригэр баран, илимнэрин көрдүлэр, төннөн бултарын үллэһиннилэр. Муҥха, илим балыктарыттан Көстөкүүн солуурчахха инчэҕэй муох быыһыгар аста уонна: «Куоракка киириэххитигэр диэри дьүдьэйбэккэ сибиэһэйдик тиийиэҕэ», – диэтэ. Балааккаларын, илимнэрин, муҥхаларын хомунан, оҥочолоругар киирдилэр.

      Көстөкүүн собуоттуур быатын эрчимнээхтик төлө тардарын кытта мотуор бирилии түстэ, үөскэ киирэн оҥочо суптугур тумса ууну таарыйбакка өрө хоройон, хараҥаччылыы дайдылар. Кыыстаах уол күүскэ сирилиир тыалы утары нөрүччү туттан, хардары-таары бииллэриттэн куустуһан олордулар, оҥочо хайыппыт долгуннара өрүтэ кыынньан, ыһыахтыыр бырдаҥалара күн уотугар күлүмүрдүү оонньууллар, мотуор бэҕэһээҥҥиттэн быдан сэргэхтик, дьол-соргу ырыатын өрөгөйдөөхтүк дьиэрэччи тардарга дылы. Сотору сүрүн үөскэ киирдилэр, эбэ кэтит-киэҥ иэнигэр да долгуннар улаатан, арҕастарыгар олорсон, оҥочо өрүтэ көтөн ыла-ыла, түгэҕинэн уу урсунугар охсуллан лаҕырҕаата.

      Дьиэҕэ кэлэн тиэтэйэ-саарайа аһаатылар. Көстөкүүн уоппуска киһитэ буолан, ханна да ыксаабакка, анал улахан чааскытыттан чэй иһэн бурулата-бурулата баһаарыйар:

      – Хайдах сырыттыбыт дии санаатыгыт, убайгытыгар хом санааҕыт суох ини?

      – Тыый туох диэн эттэххиний, – Бэргэн хайдах махтаныан билбэккэ, эттэ: – Олус бэркэ сынньанныбыт, убайбытыгар барҕа махтал!

      – Дьэ бэрт оннук буоллаҕына, – Көстөкүүн үөрэр, – арба да куоракка уопсай дьиэҕэ бэйэҕит хостооххут дуо?

      – Оо, суох, оннугу толкуйдуу да иликпит, уопсайга миэстэ адьас тиийбэт,

Скачать книгу