Эр киһи уонна дьахтар. Егор Неймохов

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Эр киһи уонна дьахтар - Егор Неймохов страница 4

Эр киһи уонна дьахтар - Егор Неймохов Билиҥҥи кэм прозата

Скачать книгу

иһэн баран, таһырдьа баар буолла уонна Ойуунускай уулуссатын устун сирэйин хоту мээнэ баран иһэн, биирдэ өйдөөн тулатын эргим-ургум көрдө: «Бэйи, бу ханна баран иһэбиний? Хайа диэки хайыһыах баҕайыный, куоракка таайа Јлөксөйдөөх бааллара да, ыалынан бары тыаҕа ыһыахтыы барбыттара, дьиэбитин көрө-истэ сылдьаар, сибэккигэ уута кутаар диэбиттэрин бэҕэһээ сылдьыбыта, бүгүн өрүүр санаалаах…»

      «Баһа ханна салайарынан» диэбиттии, Киров уулуссатын устун хааман, Лермонтов уулуссатын быһа охсуһуутугар тиийэн, паарка аанын көрөн баран: «Ээ, пааркаҕа билигин көр-нар үгэннээн эрдэҕэ», – дии санаат, онно харса суох сабаата. Стадиону кыйа асфальт суолунан баран, ааркалыы быһыылаах паарка ааныгар үктэллэри дабайан, бэс чагда иһигэр киирэрин кытта, тута саҥа көҕөрбүт мастартан мутукча дыргыл сыта муннугар саба биэрдэ. Сүрүн аллея устун хаамта уонна дьон Күөх эстрадаҕа киирэллэрин көрөн, таһынааҕы киоскаттан билиэт ылан, кинилэри батыста. Бэргэн иһирдьэ ортоку соҕус ыскамыайка кытыытыгар сэрэнэн олорон баран, киэһээҥҥи тыа чэбдик салгынын түөһүн муҥунан эҕирийбэхтээтэ. От-мас суугуна, тыллыбыт мутукча сыта, чараас таҥастаах кыргыттар, хоп-дьип көстүүмнээх уолаттар… Эдэр сааһы кытта айылҕа саҥа тиллэр, уһуктар кэмэ олус да дьүөрэлии буоллахтара эбээт! Эмиэ саас, эмиэ сайын эргилиннилэр… Тоҕо үчүгэйэй, бу курдук күн сиригэр күөгэйэр күннэргэ үөрэ-көтө сылдьартан ордук үөрүүлээх туох кэлиэ буоллаҕай?!

      Ити кэмҥэ иннигэр чараас маҥан былаачыйалаах кыыс олороору ыскамыайкаҕа хаһыат тэлгэтэн, сыыдамнык тутта-хапта, сэргэхтик көрө-истэ турара хайдах эрэ үрүҥ үрүмэччи сибэккигэ түһээри, сииктээх эминньэххэ түһүөхчэ-түспэккэ салгыҥҥа битийиктэнэ турарын санатта. Бэйи эрэ, бу кыыһы ханна эрэ көрбүтэ ээ, ханна? Онтон хантан эрэ ыраахтан, уу түгэҕиттэн курдук улам чуолкайданан тиийэн кэллэ – Сэргэлээх уопсай дьиэтигэр сааскы күн көрсүһүү, кинигэ уларсыы, ким этэй аата, хайдах эрэ көннөрү Маарыйа, Даарыйа буолбатах, дьиибэ соҕус этэ дии?.. Арба-арба, Ксенья! Уопсай дьиэ хоһун аанын айаҕар кэпсэтиэхтэриттэн ыла биирдэ да көрсүбэтэҕэ, арай кэлин Дина уларсыбыт кинигэлэри төттөрү биэрэригэр: «Дьүөгэм Ксенья ыытта», – диэбиттээҕэ.

      Ксеньяны арыт-арыт санаан ааһара эрээри, куорат тыһыынчанан дьонун ортотугар хантан булуоҥуй бу тырымнас харахтаах кэрэ кыысчааны? Хата бу дьылҕа бэлэҕэ дуу – илэ бэйэтинэн иннигэр кэлэн турар! Уол оннуттан ойон туран, инники ыскамыайканы үрдүнэн атыллаан, кыыһы кытта сэргэ олорунан кэбистэ.

      – Ксенья, дорообо, хайа, билбэтиҥ дуу?

      Онуоха кыыс дьик гынан, кинини көрө түстэ уонна тэрэҕэр тэллэхтээх соломо сэлээппэ анныттан хара харахтар тырымнаһан ыллылар, ньимиспит уостара килбик мичээртэн сэгэһэн, үрүҥ тиистэрэ сандаарсан аастылар.

      – Дорообо, сахалыы ааттаах Бэргэн, – диэтэ дьээбэлээхтик.

      Кыыс кинини эндэппэтэҕиттэн, эгэ-дьаҕа көрсүбүтүттэн үөрэн уол оонньоһо былаан кэпсэтэн эрдэҕинэ, кураанах сценаҕа конферансье устан тахсан, ырыаһыты ааттаан баран: «Романс «Калитка», – диэн биллэрдэ. Түгэхтэн хараҥа кыһыл

Скачать книгу