Эр киһи уонна дьахтар. Егор Неймохов

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Эр киһи уонна дьахтар - Егор Неймохов страница 5

Эр киһи уонна дьахтар - Егор Неймохов Билиҥҥи кэм прозата

Скачать книгу

лоппорутталлар. Уол таһырдьа тахсан баран, аан иннигэр маска ыйаммыт дьоҕус кумааҕыны көрөн, туох кэнсиэркэ сылдьыбытын дьэ өйдөөтө, кумааҕыга хара кыраасканан тардыалаан бадьыалаабыттар: ВЕЧЕР РОМАНСА

      – Хайа, эһиги училищелар, үөрэххит бүттэ дуо? – диэн Бэргэн кыыс кыараҕас хардыытыгар сөп түбэһиннэрэн, атаҕын тэҥҥэ уурталаан иһэн ыйытта.

      – Бүтэн, аныгы нэдиэлэҕэ дьүөгэлэрбининиин Симферопольга көтүөхтээхпит, ону кэтэһэ сылдьабын.

      – Хаарыаны эһиги буолбут киһи баар ини! Оттон миигин дойдубар отум үлэтэ эрэ күүтэр, онтон атыны билбэппин, Симферополь, Севастополь диэннэри олоҥхо дойдуларын курдук саныыбын.

      – Эс, кыһыҥҥы, сайыҥҥы каникулларыгар студенческай билиэтинэн төлөбүр аҥаарыгар устудьуоннар соҕуруу, үксүн Москванан, Ленинградынан мэлдьи айанныыллар дии, оттон биһиги Хара муораҕа барардыы быһаарынныбыт.

      – Путевкалааххыт дуо?

      – Суох.

      – Оттон дьүөгэҥ, биһигини кытта ыаллыы хоско олорор Дина барсар дуо?

      – Кини барсыбат, этэн көрбүтүм да, ийэм күүтэр диэбитэ. Оттон биһиги Кырыымҥа аҕыйах хонукка ыалга түһэ сылдьыахпыт, оннук ордук чэпчэки дииллэр.

      Уоллаах кыыс хаамсан истэхтэринэ чугастан, бэс чагда кэтэҕиттэн, эрчимнээх музыка ньиргийдэ.

      – Хайыы, үҥкүү саҕаламмыт дии! – Ксенья сэргэхсийдэ, үҥкүүлээн илиитин быластыы быраҕан биир сиргэ эргичийэн ылла. – Бэргэн, эн үҥкүүгэ сылдьааччыгын дуо?

      Уол үҥкүүлүөн улаханнык баҕарбатар да, бачча айылаах өрүкүйбүт кыыһы хомотуон баҕарбакка, сэниэтэ суох сэҥээрдэ:

      – Ээ.

      Хайысхаларын уларытан, үрдүгэр «касса» диэн суруктаах хаптаһын хоспохтон билиэт ылан, үҥкүүлүүр болуоссааккаҕа киирдилэр, мас муостаҕа хобулуктар тыастара бап-бачыгырас, бип-битигирэс, хаптаһынынан оҥоһуллубут сцена курдук үрдэлгэ турар уһун баттахтаах уолаттар музыка имэҥирдэр ухханыгар ылларан, төбөлөрө, сүһүөхтэрэ босхо баран, баттахтара сахсаҥнаһан, гитараҕа оонньууллар, төгүрүк тимирдэри охсоллор, турбаны үрэллэр, соҕотох кыыстара ионикаҕа оонньоон, кылгас дьууппаны тиирэ киэптээбит самыыларынан мускуллумахтаан ылар, бэйэтэ бокуойа суох эккирээн, дьороҕор суон сотолоро тохтоло суох мөхсөллөр, музыканнар иннилэригэр солистара – саһархай ырбаахылаах уол микрофонун ыйыстан кэбиһиэхтии айаҕар ыксары тутан баран, биир сиргэ бэдьэйэ-бэдьэйэ, ыһыы-хаһыы аҥаардаах ыллыыр, эчи ньиргиэр тимир тыаһын ортотугар ырыатын ис хоһооно да иһиллибэт.

      Кыыстаах уол дьон быыһыгар киирэн, уокка оҕустарбыт дьоннордуу санныларын имиллэҥнэтэн, илиилэринэн эһиэхтэнэн, муостаны эрчимнээхтик тиҥилэхтээн үҥкүүлээбитинэн бардылар. Ити курдук хас да үҥкүү ааста, оннук саҥа ууларыгар-хаардарыгар киирэн эрдэхтэринэ дьон ортотугар улахан аймалҕан буолла, ким эрэ кими эрэ атаҕын үктээбит дуу, анньыалаабыт дуу – соҕотохто ыһыы-хаһыы, сырбатыһан силлиргэтиһии саҕаланна, кыргыттар часкыйдылар, уолаттар маатыралыыллар, үҥкүүлүү

Скачать книгу