Эр киһи уонна дьахтар. Егор Неймохов

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Эр киһи уонна дьахтар - Егор Неймохов страница 6

Эр киһи уонна дьахтар - Егор Неймохов Билиҥҥи кэм прозата

Скачать книгу

үлүгэрдээх дойдуну кэпсээтиҥ дии, оччоҕо миигин кытта барыс, эйигин, эксээмэннэрин туттаран туос иллэҥ сылдьар киһини, ама ким сүтүктүө буоллаҕай?

      – Ол ханна илдьээри гынаҕын?

      – Таайым аах манна бааллар…

      – Эс, кэбис, барбаппын, хайдах билбэт ыалбар тиийиэмий?

      – Куттаныма, ким да суох, бары ыһыахтыы тыаҕа тахсыбыттара, хаһаайын мин эрэ.

      – Оо, дьэ, ким билэр, хайдаҕа эбитэ буолла?

      – Бардыбыт-бардыбыт, – кыыс саараабытын көрөн, Бэргэн бэрт сорунуулаахтык кимнэ, – эксээмэннэриҥ бүппүттэрин быһыытынан билигин сынньанар буоллаҕыҥ дии. Мин туох да куһаҕаны оҥоруом суоҕа.

      Кыыс саараан, хаппыт лабаа асфалька сытарын түүппүлэтин тумсунан хаһыйбахтыы умса туттан турда, онтон быһаарыы ылынан, хонос гынна:

      – Чэ, буоллун.

      Оптуобуһунан айаннаан, куорат киин уулуссатын тохтобулугар тахсан, онтон соччо ырааҕа суох таас дьиэҕэ баралларыгар аара маҕаһыынтан аһылык ылан аастылар. Маҥнайгы этээскэ баар квартира ааныгар диэри аҕыйах үктэли дабайдылар. Уол дьиэҕэ киирэн, хаһаайын курдук туттан-хаптан, ваннайга илиитин суунна, кыыска ону көрдөрдө уонна остуолга ас тарда оҕуста, магнитофону холбоото – Кола Бельды бэркэ тэбэнэтирэн, уһук хоту дойдуга, туундараҕа илдьээри, кэрэ кыыһы ыҥырар, табаларынан сарсыарда эрдии-эрдэ айаннатан, хаар саһарҕа ортотугар көтүтэн түһэриэх буолар.

      Бэргэн холодильниктан шампанскай таһаарбытын кыыс сөбүлээбэтэ:

      – Ээ, итини аһыма, мин испэппин ээ.

      – Тыый, Ксенья, көрсүһүү туһугар хайдах көтөхпөт буолуохпутуй, – аһан «пөс» гынарда уонна кырылыы кыынньар утаҕы бакаалларга кутуталаата.

      Ксенья бакаалы уоһугар эрэ тириэрдэн баран төттөрү уурда:

      – Баһыыба.

      Бэргэн соҕотоҕун иһэ олоруон бэркиһээтэ быһыылаах, биир бакаалынан бүттэ, бытыылканы холодильникка төттөрү уурда. Ити кэнниттэн буолары-буолбаты, сайын кэлэн таһырдьа куйааран эрэрин, төрөөбүт дойдуларын уратытын, киһи кэрэхсиирэ туох баарын ботур-итир кэпсэтэ олордулар. «Как упоительны в России вечера!..»

      Балачча олорбуттарын кэнниттэн Бэргэн турда уонна хоско киирэн, гитара тутуурдаах таҕыста:

      – Ксенья, ыллыахха эрэ.

      – Оо, мин ырыаһыппынан мөлтөх буоллаҕым, чэ, эн саҕалаа, мин батыспыта буолуом.

      – Пахай, мин да ырыа таһаарааччы буолбутум диэн, – Бэргэн кэмчиэрийдэ, ол да буоллар: «Хара сир устун саас маҥнай…» диэн ыллаан барбытын кыыһа хатан куолаһынан тэҥҥэ түһэристэ. Ыллаан бүппүттэригэр уол гитаратын «тап» гына охсон баран, муннукка туруорда:

      – Биһиэхэ Аскалон, Егоровтар, Бүөккэ Бөтүрүөп, «Чолбон», «Айтал» чугас буоллахтара, күн-дьыл ааһыа, кэнники көлүөнэлэр бэйэлэрэ сүгүрүйэр атын ырыаһыттардаах буолуохтара, оттон дьиҥнээх ырыа хаһан да өлбөт-өспөт, иһиттиҥ дии – пааркаҕа нууччалыы романстары. Итилэр сүүһүнэн сылларга ылламмыттара буолуо да, эргэрбэттэр,

Скачать книгу