Өтөх иинэ оспот. Татьяна Находкина

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Өтөх иинэ оспот - Татьяна Находкина страница 11

Жанр:
Серия:
Издательство:
Өтөх иинэ оспот - Татьяна Находкина

Скачать книгу

үлэлии тахсыай? Оскуолаҕа аччыктаан нэһиилэ сүөдэҥниир оҕолору үөрэтэр эмиэ ыарахана. Киэһэтин кыыһа утуйдаҕына, ийэлэрэ Маарыйа имитэн, быһан биэрбит куобах тириитинэн кээнчэ, үтүлүк, бэргэһэ тигэр. Сороҕор, кыыстара кыҥкыйдаабатаҕына, сарсыарда 4 чааска диэри олорооччулар. Вера хас үтүлүк тойон эрбэҕэр «этэҥҥэ сулууспалаан кэлэллэригэр» баҕаран, сурук сыыһа кыбытара уонна Саха АССР диэн баран, илии баттаан эриллэҥнэтэрэ. Санаатыгар Миитээбэр биир эмэ тикпит үтүлүгүм эбэтэр кээнчэм тиксиэ диэн эрэнэрэ. Миитээтиттэн үстэ сурук тутан, соҕотохсуйдаҕына, сыттыгын анныгар укта сылдьар үс муннуктаах суруктарын аахтаҕына, тапталлааҕынаан кэпсэппит курдук сананан, уоскуйа быһыытыйар. Миитээ биир суругар кыыстаммытыттан үөрбүтүн, кини саҕа дьоллоох киһи суоҕун суруйбут этэ.

      Маарыйа Мачыаналыын хотонтон быһа сугулааҥҥа бардылар. Улуустан боломуочунай кэлэн: «Тугу барытын – фроҥҥа!» диэн ыҥырыынан оборона пуондатын хаҥатыыга заем облигациятын атыылаһалларыгар, итии бэргэһэ, куобах кээнчэ, үтүлүк курдук итии таҥастарынан, ыаллартан алтан сылабаардары, чугуун иһиттэри хомуйан көмөлөһөллөрүгэр, этинэн, арыынан нолуок түһэриллэрин туһунан кэпсии турара. Холкуостаахтар бүтэһик сүөһүлэриттэн илии соттоллоро төһө да ыараханын иһин «Кыайыы» туһугар тугу баҕарар толук биэрэллэрин кэрэйбэттэрэ.

      Мунньах бүтүүтэ боломуочунай холкуос бэрэссэдээтэлигэр Алексей Васильевичка, Ньукулай Торговкиҥҥа уонна Баһылайга бэбиэскэ туттартаабыта. Маарыйа уолун аатын истээт, сүрэҕин туттуммута, хараҕа хараҥаран ылбыта. Мачыана дьүөгэтин туругун өйдүү охсон, санныттан ыга кууһан, бэйэтигэр сыһыары тарпыта.

      – Онтон оччоҕо холкуоспутун ким дьаһайар? – биригэдьиир Махсыым ыйыппыта.

      – Нэһилиэк, холкуос олоҕо барыта быстах кэмҥэ Готовцев Бүөтүр Бөтүрүөбүскэ сүктэриллэр. Бары биир киһи курдук үлэлиэхтээххит. Балаһыанньа ыарахан. Сэрии маҥнайгы ыйдарыгар Кыһыл Армия чугуйан, дойду арҕаа уобаластарыгар үгүс дэриэбинэлэр, куораттар өстөөх илиитигэр киирдилэр. Сэрии уһуннук барар чинчилээх. Онон чуолаан Сибиир, ол иһигэр сэрииттэн ыраах да олордорбут Саха сирэ эмиэ, фрону аһынан-таҥаһынан, сэрии сэбинэн хааччыйар бөҕө тыыл буолабыт. Бары биир киһи курдук туруннахпытына эрэ хаан тохтуулаах, ыар сүтүктээх фашистскай Германияны кыайыахпыт.

      Мунньах бүтэн, күннэри-түүннэри «сэрии» диэн ыарахан тыл таһаҕастаах кырдьаҕастар, дьахталлар, оҕолор нүксүччү туттан тахсар аан диэки баран истэхтэринэ, Бүөтүр Бөтүрүөбүс бүтэҥи куолаһынан Маарыйаны ыҥырбыта.

      – Маарыйа, бэттэх кэл эрэ. Олор, – олоппоһу ыйбыта. Дьахтар сэбиэтин көрүҥүн көрөн, туох эрэ көннөрүллүбэт алдьархай буолбутун сүрэҕинэн сэрэйэн, байааттаҥнаан ылбытын Мачыаната өйүү туппута.

      Дьөгүөрэптэр дьиэлэригэр ыар сүтүк илдьитэ үс муннуктаах «хара сурук» кэлбитин ийэ титирэс илиитигэр туттарбыттара. Кыра Ыстапаана Сталинград куораты көмүскүүр кыргыһыыга өлбүтүн туһунан биллэрии этэ. Аҕыйах

Скачать книгу