Өтөх иинэ оспот. Татьяна Находкина
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Өтөх иинэ оспот - Татьяна Находкина страница 7
– Ийээ, уолгун наһаа ньирэмситимэ эрэ. Чэ-чэ, барыаҕыҥ. Баһылаастаах күүтэн эрдэхтэрэ. Эһэҥ күүтэн иэдэйдэҕэ. Кэрэчээн кыыс Киристиинэ да ол диэки иҥээҥнээн эрдэҕэ, – Миитээ быраатын дьээбэлээн күлэрин быыһыгар эйэҕэстик мичээрдээн кэбиһэр.
Маарыйа оҕолоро хараҕыттан сүтүөхтэригэр диэри батыһан көрөн хаалла. Уола кэлэригэр-барарыгар кыһаммат бэйэтэ тоҕо итинник уйадыйан ылбытыттан бэйэтэ да сонньуйа санаата. Хараҕа сиигирбитин кистии-саба хаһыйа соттон кэбистэ. «Аҕабыт Ыстапаан тоҕо хойутаата? Уолун олох да көрсүбэккэ ыытта. Ый аҥаарынан кэлэр оҕоҕо эмиэ тугун баҕайытай? Хата, киэһээҥҥи күөскэ тугу бэлэмниэх баҕайыбыный? Киэһэ Вера кэлэрэ буолуо. Миитээтэ суох буоллаҕына тэһийбэт. Манна хонооччу».
Кинилэр дьиэлэрин диэки Мачыана иһэрин көрөн, дьиэтигэр киирбэккэ, тохтоон, кирилиэһигэр күүтэн олордо. Дьахтар бэҕэһээҥҥи татыакаламмыта ханна да суох. Хаампытыттан икки иэдэһэ тэтэрэ кыыспыт, ыас хара баттаҕын өрө тараанан баран, кырабыайканан туттарбыт. Былаачыйата тэлээрэн олорор, илиитигэр бөтүөннээх.
– Дорообо! Хаарчахха бүгүн барбатыҥ дуо? Эйигин бардаҕа диэн сарсыарда кэлэ сылдьыбатаҕым. Сугулааҥҥа бэҕэһээ орпут кымыһы үллэстэннэр, онтон тиксэн иһэбин. Эн ылаҕын дуо?
– Ылбат инибин. Бэҕэһээ оҕонньор эбии ылбыт этэ. Кыра Ыстапааммын атаардым. Олор, сонунна кэпсээ, – Маарыйа сыҕарыс гынан биэрэр.
– Ээ, ол да иһин Баһылаастаах тастарыттан икки аттаах киһи бардылар. Кэһэ сылдьар кэпсээн, соһо сылдьар сонун суох. Ыһыах этэҥҥэ ааста диэн дьон астыммыт. Эдэрдэр түүнү быһа оонньоотулар быһыылаах. Сайылыкпар киэһээҥҥи ыамҥа тиийиэҕим. Оҕонньорум күүтэн эрдэҕэ.
– Күүппэккэ. Эн манна күүлэй тэбэ сылдьаҕын, – Маарыйа дьүөгэтин сирэйин-хараҕын дьээбэлээхтик көрөр.
– Чэ, ээх. Эн уолаттардаах киһи мүһэ бөҕө сиэн абыраммыт киһигин.
– Уйбаан да мүһэ ылан эрэр быһыылааҕа. Бэрт үчүгэйдик көрсөр этигит дии.
– Ол мэник-тэник эдэр саастааҕы тапталбыт быдан дьыллар мындааларыгар, урукку дьыллар уорҕаларыгар саспыта ыраатта. Мээнэ солуута суоҕу саҥараҕын. Тэрэнтэйим иһиттэҕинэ иэдэйэр буоллаҕа. Онто да суох оҕолоргуттан эрэ тардыһан миигинниин олороҕун диэн тыллаах, – Мачыана сибилигин күлэ-үөрэ олорбута ааһан, сирэйигэр санаарҕабыл толбоно түспүтүн Маарыйа бэлиэтии көрөр.
– Оонньоон этэбин. Хата, киирэн мүһэтэ амсай. Ыһыах аһа элбэх. Ыстапаан билигин кэлэрэ буолуо. Чэйдиэххэ, – дьахталлар уку-сакы туттан дьиэҕэ киирэллэр.
Бэс ыйын 22 күнэ 1941 сыл. Сарсыарда саҥа тахсыбыт күн түннүгүнэн сардаҥаларын ыспахтаан тахсарын кытта Маарыйа уһуктан, араастаан утуйа сатаан эргичийэн көрдө да кыайан утуйбата, дууһата кураанахсыйбыт курдук. Тоҕо тулата барыта тулаайахсыйбыт курдук санааҕа кэлбитин кыайан өйдөөбөккө, таалан сытта. Ыстапаана сүрдээх холкутук утуйан сурдургуурун уһугуннарымаары, тыаһа суох