Өрө тыгар хатыҥнар. Сочинения. Том 3. Михаил Тимофеев

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Өрө тыгар хатыҥнар. Сочинения. Том 3 - Михаил Тимофеев страница

Жанр:
Серия:
Издательство:
Өрө тыгар хатыҥнар. Сочинения. Том 3 - Михаил Тимофеев

Скачать книгу

көтөҕө самыырынан

      Күлүмнүү тохтон, ыһыллыаҕым.

      Оҕолорбор,

      Ууһаан-тэнийэн иһиэх,

      Олоҕу тупсарыах сиэннэрбэр,

      Кэмчи миэнэ кэриэһим:

      Сүүрбэһис үйэ

      Иккис аҥаарын

      Сахалыы хаһыаттарын

      Арыйталаан көрөттөөрүҥ:

      Онно эһиги – аймахтарым —

      Сылы, ыйы көтө-көтө,

      Биирдэ эмэ булуоххут

      Үүт-үкчү бэйэм курдук,

      Мин ыллам ырыаларбын,

      Мин кылгас хоһооннорбун.

      Оччоҕо, мин эһигинниин,

      Үүнэр, кэхтэр көлүөнэлиин,

      Син биир киһилии кэмэлдьилээх,

      Сирэр, таптыыр нохтолоох,

      Туох эрэ дьоллоох, үөрүүлээх,

      Туох эрэ туспа хомолтолоох

      Саҥа үйэ сайдам дьонун

      Илиигитин ыга тутуоҕум,

      Иккистээн төрөөбүт үөрүүттэн,

      Ирэ-хоро кэпсэтиэҕим…

      Мин кэпсиэм: иккиэйэх эрэ

      Миллиард саастаах эдэркээн сири

      Киэргэтээри дьөлүтэ үүттээбиттэри…

      Хаһан үөскээбитэ биллибэт,

      Хабаҕала, өһүөтэ билгэлэммэт

      Халлааны хайыта суруйбуттары…

      Ис дьаҥын, сүрэх ыарыыларын…

      Икки атах атын да адьынаттарын…

      Күн сырдыгын «тэҥҥэ» үллэстээри, —

      Күнү хараардар кыргыстары,

      Күөдьүйэ умайар көрдүгэннэри…

      Уонна мин аргыыйдык

      Арахсарбар сипсийиэҕим:

      «Охсуһан дьолу сиппэтэх,

      Аһыылаах, абалаах эрэйдээхтэр;

      Эбэтэр сири киэргэппэтэх

      Уодаһыннаах сидьиҥ дууһалар,

      Кэлэйэн эбэтэр өһүрэн,

      Кэриэс этэн хааллараллар.

      Аймах дьонум, эһиги,

      Оннук кэриэс кээһимээриҥ…

      Хаалларымаҥ бу Сиргэ

      Кэнэҕэһин кэнэҕэс

      Кэнчээрини кэҕиннэрэр,

      Ийэ-аҕа ууһун эһэр,

      Илбиһирэн иэстэһии

      Хааннаах өһүөн кэриэһи!..»

1962

      БҮГҮН БҮЛҮҮ – МОДУН ТҮЛЛҮҮ

      «Бүлүү ГЭС» тутааччыларыгар

      Хара суордар халаахтааннар

      Хайыһардаах булчуттары

      Күөйэ көппүт түбэлэрэ, —

      Күн-Ый ытыыр-соҥуур сирэ,

      Чуумпу муннук Бүтэй Бүлүү,

      Тугун бэрдэй бүгүн түллүүҥ!..

      …Тайылҕаннаах тайҕаларгар

      Чаачар саалаах сахалартан

      Тайахтарыҥ, табаларыҥ

      Таһы бааччы куоталларын —

      Ой дуораанын сатарытан,

      Орулуу-күлэ хааларыҥ.

      …Дүлүҥ тыылаах балыксыты

      Түөрэ охсон муҥнаабытыҥ,

      Хатыыс, сордоҥ балыктаргын

      Харыстыырыҥ, ымсыырдарыҥ.

      Аччык киһи сорун-муҥун

      Анаарбакка долгуҥнууруҥ!

      …Чернышевскай эн биэрэккэр

      Лаппаакылаах хаампыт дииллэр.

      Хааллан сыппыт сүүрээннэри

      Хорон ыыппыт түгэннэрин

      Эдэрдэргэ кырдьаҕастар

      Иэйэн кэпсиир буолааччылар…

      Бүгүн, Бүлүү, муода буоллуҥ,

      Биэрдиҥ дьоҥҥо баайгын-дуолгун…

      Саарбаҕынан, саһылгынан

      Саха дьонун сураҕыртыҥ!

      Айхал, Мирнэй алмааһынан

      Аан дойдуга аарыгырдыҥ!..

      Бүгүн Бүлүү, Бүтэй Бүлүү, —

      Модун тутуу, өрө түллүү…

      Быһыттанан, тэһиин кэтэн,

      Сылгы курдук сыһыйыаҕа,

      Сыыдам уораан сүүрүгүттэн

      Сырдык уоту сандаардыаҕа!..

1965

      «Дьикти кэм баар буолар айылҕаҕа…»

(Мустай Каримтан)

      Дьикти кэм баар буолар айылҕаҕа —

      Тыал астыа, сэбирдэх хамныы туруоҕа.

      Күн киириэ күкүр хайа кэтэҕэр,

      Кэриигэ түһүөҕэ быстах саһарҕа.

      Бу кистэлин арый миэхэ, айылҕам,

      Күннэбиттэн, муҥ саатар, маҥнай утаа, —

      Быһа охсуллубут ырыаларым

      Хамныы, тыаһыы, сырдыы сылдьыахтарын.

1970

      ХОҺООННОР, ПОЭМА (1971—1972)

      «Ыт иччитэ бултуйдаҕына …»

      Ыт иччитэ бултуйдаҕына —

      Үөрэн эккэлиир,

      Өрүтэ ыстаҥалыыр,

      Оонньуур илин атаҕынан.

      Мин эмиэ оннукпун,

      Туспа

Скачать книгу