Таайыллыбат дьикти күүс. Огдо

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Таайыллыбат дьикти күүс - Огдо страница 5

Таайыллыбат дьикти күүс - Огдо Кістμбэт эйгэ кистэлэІэ

Скачать книгу

диэн Маайа, кырдьан олорон, кэпсээбитэ. Аны ити саас, харалдьык тахсыыта, Сөдүөччүйэлээх Сэмэн утуу-субуу батысыһан бараахтаабыттар. Көмүс уҥуохтарын холкуос дьоно олохторун үрдүгэр баар томторго кистээбиттэр. Маайа битэ-билгэтэ туолбута: оҕо-уруу, сүөһү-ас ииттэн, сиэн бөҕөнөн бэлэхтэнэн, нэһилиэгэр биир бастыҥнар ааттарыгар киирэн, толору дьоллоох олоҕу олорон бараахтаабыта. Сыанаттан түспэт ырыаһыт, тойуксут, оһуохайдьыт аатырыан аатырбыта. Үйэтин тухары үрүҥ илгэни үрүлүтэн, борооску бөҕөнү төлөһүтэн, бочуоттаах сынньалаҥҥа атаарыллан да баран, ыччат дьоҥҥо настаабынньык буолан, Булгунньахтаах сайылык хаһаайката аатырыан аатырбыта.

      Мария Барашкова

      Көрбүөччү

      Сырылатан, куйаас күн үүммүт. Дьэ, чахчы, сайыммыт кэлэн, бары да сүргэбит көтөҕүллэн сылдьар. Кыралыын-улаханныын таһырдьаны былдьаһабыт. Таас дьиэҕэ хаайтаран олорбут киһи, мин эмиэ тиэтэйэ-саарайа таһырдьа тахсан, оҕолор оонньуур былаһааккаларыгар тиийэн, ыскаамыйа баарыгар олордум. Аттыбар оҕо-аймах саҥата чугдаарар. Дьэ бэһиэлэй дьон диэтэҕиҥ.

      Сайын кэлбититтэн, ордук оҕолор үөрэр курдуктар. Күнү быһа таһырдьа оонньоон, киэһэ буолбутун сороҕор билбэккэ да хаалаллар быһыылаах. Бу бүгүн эмиэ сүүрүү-көтүү, үөһэ-аллара ыттыы тиһигин быспат.

      Оттон мин куолубунан оҕолору одуулуубун. Илдьэ тахсыбыт хаһыаппын тэнитэн, ааҕыах курдук буолан иһэн, төттөрү хомуйа туттум.

      Аттыбынааҕы ыскаамыйаҕа уончалаах уолчаан бэйэм курдук оҕолору көрөр, атахтарын хатыйа тутан салгыҥҥа биэтэҥнэтэр. Күн уотуттан симириктиир, сотору-сотору умса көрөр.

      – Хайа, доҕоор, оттон эн тоҕо олороҕун, тоҕо оонньообоккун? – уолга хайыһан ыйытабын.

      Уолум мин диэки көрбөккө эрэ:

      – Ээ, бэйэм, – эрэ диэтэ. Ити курдук иккиэн саҥата суох чочумча олордубут. Сотору буолаат, киһим мин диэки көрөн ылаат, сөмүйэтинэн иннин диэки ыйан:

      – Ол киһини көрөҕүн? Бүгүн эмиэ күнү быһа итинник туруоҕа, – диэтэ. Мин уол ыйар сирин диэки көрө сатаатым да, ким да баарын булан көрбөтүм.

      – Кими этэриҥ эбитэ буолла, ким да баарын көрбөппүн ээ, – диибин.

      – Оол турар дии… Күн аайы наар итинник биир сиргэ турар, – уол дьиэ инниттэн хараҕын араарбат.

      Мин дьиибэргээн, соһуйан, туох диэн эппиэттиэхпин билбэппин. Халлааҥҥа харбаспыт үрдүк мэндиэмэннээх дьиэ иннигэр киһи турара көстүбэккэ дылы. Арай, эриэн ыт, ханна эрэ ыксаабыттыы, соруктаах аҕайдык сүүрэн ааспытын көрүмүнэ хааллым. Чочумча буолаат:

      – Хайа, киһиҥ билигин да турар дуу? – диэн уолбуттан, мүчүҥнүү-мүчүҥнүү, ыйытабын.

      – Турар. Эн кинини көрбөккүн дуо?

      – Суох.

      – Тоҕо эрэ дьон бары көрбөттөр дии. Оттон миэхэ көстөр ээ, – диэт, уол өрө тыынна. – Кини күн аайы оҕотун көрө кэлэр. Подъезд иннигэр көрөн баран турар.

      Мин кыра доҕорум боччумнаах сирэйин

Скачать книгу