Эргэ өтөх хоноһото. Иннокентий Сосин
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Эргэ өтөх хоноһото - Иннокентий Сосин страница 5
Дьиэттэн тахсаары туран Уодай: «Дьиэҕитигэр тоҕо биир да эр киһитэ суох ыалгытый?» – диэн ыйыппыт. Онуоха саамай улаханнара: «Биһиги сүнньүнэн булдунан аһаан-сиэн олоробут. Дьоммут бултуу барбыттара да, кэлэ иликтэр. Бу күннэргэ хайаан даҕаны кэлиэхтээхтэр этэ да, өрүү биллибэттэр. Хаһан кэлэллэрэ буолла?» – диэн кэпсээбит. Ону истэн Уодай: «Сотору кэлиэхтэрэ. Туохха эмэ тардыллан хойутаатахтара. Арааһа, бултарыгар үлүһүйэн сырыттахтара», – диэн дьахталлары уоскутардыы саҥарбыт. Ол кэннэ: «Төннөн иһэн хайаан даҕаны, эһиэхэ сылдьан, хонон ааһыам», – диэн барбыт.
Уодай Уйбаан күнү быһа, били үрэҕин өксөйөн айаннаан испит. Ол иһэн: «Барахсаттар, эдэркээн, үчүгэй да дьахталлар. Ордук ортоку кыыс. Киһи эрэ умсугуйуох, таптыах барахсана», – диэн сүрэҕэ сылаанньыйан, дойдутугар хаалларбыт күндү доҕорун Сүөкүччэни санаан, онтукатын баҕа санаатын кыната оҥостон айаннаабыт.
Эмиэ киэһэ лүҥкүрэн тиийэн кэлбит. Сотору иннигэр балаҕан дьиэ оһоҕун кыыма кытыастыбыт. Соһуйуон иһин, бэҕэһээҥҥи кэмигэр, бэҕэһээҥҥи дьиэтин таһыгар турар эбит. «Муммут эбит буоллаҕым», – дии санаабыт, ол кэннэ дьахталларыттан олус кыбыстыбыт. «Дьахталлар сирэйдэрин хайдах таба көрөбүн. Дьокуускай бэрдэ буолан баран, суолу-ииһи билбэтэ тоҕо сүрэй? Туох хараҥа соруктаах буолан, төннөн кэллэҕэй? Эҥин арааһы саныахтарын сөп», – диэн иһигэр эргитэ санаабыт да, тэҥнэһэр кыах суох. Дьиэҕэ көтөн түспүт. Дьахталлар үүт-үкчү бэҕэһээҥҥилэрин курдук, дьиэ иһинээҕи үлэлэринэн түбүгүрэ сылдьаллар эбит.
– Хайа, доҕоор, төннөн кэллиҥ дуу? Хайдах суолгун булбатыҥ? – Дьахталлартан биирдэстэрэ ыйыппыт.
– Ээ, аат көлөтө баара, туохтан эрэ сиргэнэн, эмискэ ыарҕаҕа тахсан сыарҕам сээбэһин быатын быһан кэбиһэн, күнү быһа ону оҥосто олорон, хойутаан хааллым, тиийиэхтээх сирбэр бүгүн тиийиэ суох буолан, субу төннөн кэллим. Холдьохпот инигит.
– Буолар баҕайыта. Холдьохпоппут. Биһиэхэ хас да хон. Дьоммут кэлиэхтэригэр диэри доҕор киһи наада.
Ити курдук, эмиэ күө-дьаа кэпсэтэн, туох даҕаны сибикини билбэккэ, олус үчүгэйдик хонон турбут. Сарсыарда бэҕэһээҥҥи кэмигэр эмиэ айаҥҥа турбут. Бүгүн халлаан сигилитэ уларыйбыт. Били бэҕэһээ ичигэс баҕайы, былыттаах күн, тыалыран тоһуйбут. Сарсыарда эрдэ хаар түспүтэ, күн ортотун диэки тыала күүһүрэн, дьиҥнээх буурҕа түспүт. Суолу-ииһи бүрүйэн, тибэн кэбиспит.
Уодай күнү быһа тыалы кытары күрсэн, тибиилээх суолунан атын батыччахтатан айаннаабыт. Киэһэтигэр эмиэ били бэҕэһээҥҥи балаҕаныгар тиийэн кэлбит. Балаҕана уота-күөһэ кытыастан, эмиэ айан киһитин бэйэтигэр ыҥыра-угуйа турар.
Уодай атын баайа туран: «Суол киһитэ сылайдым. Бу киэһэ дьахталлары кытары арыгы истэххэ сатаныыһы. Сылааны таһаардахха, ол кэннэ уот иччитин кытта аһаттахха табыллыыһы», – диэн ат дьааһыгыттан испиир куттан киирбит. Дьиэҕэ дьахталлар эмиэ уруккуларын курдук түбүгүрэ сылдьаллар эбит. Бу