Тэпсиллибит сибэкки. Хотойук Айгыына

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Тэпсиллибит сибэкки - Хотойук Айгыына страница 7

Жанр:
Серия:
Издательство:
Тэпсиллибит сибэкки - Хотойук Айгыына

Скачать книгу

дабайбыппын сэрэйбитим, кыра оҕолордоох ийэҕэ бу улахан ситиһии этэ. Ол эрээри биири булаары, атыны сүтэрэҕин дииллэрэ чахчы. Биэс сыл кэтэхтэн үөрэнэр кэммэр оҕолорум барахсаттар аймахтарбытын кытта хаалаллара. Биллэн туран, ахталлара, мин өрүү оҕолорбор кэһии аҕаларым: кинигэ эбэтэр оонньуур, онно үөрээхтииллэрэ. Ол гынан, арыгыһыт эр суох буолбута, чуумпу олох кэлбитэ. Син оҕолорбунаан бэйэбит буккуруһан олорбуппут. Ол арахсар санааны бүтэһиктээхтик ылынарбар, улахан оҕобуттан, хайдах эрэ кини сүбэтэ күүс-көмө буолуо дии санааммын, ыйытан көрбүтүм. Оччолорго оҕом барахсан 16-лаах этэ. Биирдэ сарсыарда мин үлэбэр, кини оскуолаҕа аргыстаһан бардыбыт, ол баран иһэн этэбин: «… Алгыс, мин аҕаҕытын кытта кыайан олорор кыахпыттан таҕыстым, наһаа иһэн сордуур, сылайдым, хайдах гынабыный, арахсыахпын баҕарабын…» – диэтим. Онуоха оҕом, боччумнаах баҕайытык: «Араҕыс. Маһы, мууһу бэйэбит да кыстыахпыт, бэйэбит да олоруохпут, биһиги баарбыт дии…» – диэтэ. Мин соһуйдум даҕаны, үөрдүм даҕаны уонна оҕом улааппыт эбит, киһи эрэнэр, санаатын этэр киһитэ буолбут диэммин наһаа үөрдүм. Ол кэпсэтии түмүгүнэн мин быһаарыныы ылбытым, оҕом эппитин курдук, ыал улахана буолан, балыстарын көрсөрө, барытын үлэлиирэ.

      Онон, дьиэ кэргэҥҥэ үөскээбит быһыыны-майгыны улахан оҕоҕун кытта кэпсэтэр, сүбэлэһэр наада, оҕо буола турар балаһыанньаны эмиэ билиэхтээх дии саныыбын. Оттон оҕолор кыра буоллахтарына, биллэн турар, ийэ бэйэтэ быһаарыныы ылынан, эппиэтинэһи сүгэр.

      Арахсыы тирээн кэлэр, өскөтүн дьиэ кэргэҥҥэ таптал сылааһа сойбут буоллаҕына, оҕоҕо чуумпу олох тосхойбот буоллаҕына, арыгы баар буоллаҕына. Инники кэскил туһугар оннук олоҕу тохтотуохха наада. Оҕо охсуу ылбатын наадатыгар арыгыһыттан тэйиччи буолар ордук. Бэйэни да, оҕону да арыгыһыт буорту буолбут тылыгар киллэрбэккэ, оҕо кутун алдьаппакка эрэ, эрдэтинэ…

      Тулуур диэн эр киһиэхэ эрэ буолбакка, дьахтар, ийэ киһиэхэ эмиэ олус наада. Эт-хаан тулуйара өй-санаа туругуттан, кыаҕыттан буолара дуу… Тулуур диэн бэйэҥ уонна оҕолоруҥ тустарыгар дьайыы, хардыы оҥоруута буолар. Ытыы-соҥуу, аймана олордоххо, туох да туһа тахсыбат. Ким да кэлэн өрүһүйбэт, туох барыта бу олоххо киһи тус бэйэтиттэн эрэ саҕыллар, арыллар, тутуллар.

      Сүбэлиэм этэ, туохха барытыгар тулуурдаах буолуҥ, өйдөһүүгэ, өйөһүүгэ, алаһа дьиэҕитин тэриммит буолларгыт харыстааҥ, оттон олох кыаллыбат, кыайтарбат буоллаҕына, аһыы утахха эрэ түһүмэҥ, ол кэриэтэ эрдэ-сылла арахсыҥ, арыгы оборчото дьахтар киһини бүтүннүү оборон ылыан сөп. Биһиги ханныгын да иһин олоҕу тыынныыр, олоххо кэрэни саҕар дьон буоллахпыт. Онон, эр киһи мөлтөөтөҕүнэ кытаатан биэриҥ, оҕолоргут, инникилэрин тустарыгар.

      Тоҕо?

      Таня үлэтиттэн икки суумкалаах, дэлби сылайан кэлэн дьиэтигэр нэһиилэ киирдэ. Бүгүн күнү быһа ыарыһахтар таҥастарын сууйан, өтүүктээн сиһэ бүттэ. Дьиэтигэр кэлбитэ киһитэ көрсүө баара дуу, оҕолор оонньуу бардахтара буолуо, кыра

Скачать книгу