Байанайдыын көрсүһүү. Валерий Андросов

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Байанайдыын көрсүһүү - Валерий Андросов страница 6

Жанр:
Серия:
Издательство:
Байанайдыын көрсүһүү - Валерий Андросов

Скачать книгу

rel="nofollow" href="#n8" type="note">[8] диэки. Уу чуумпу буолан үрэрэ ыраахха диэри иһиллэр. Эдэр ыты көмө буоллун диэн ыыттым, убайа үрэрин хоту ыстанна. Төһө да ыксаатарбын, быһа ыркыйа-лааҥкыта бэрт буолан, бытаан соҕустук иһэбин. Айыыларбыттан ааттаһабын, куоттарбатын эрэ диэн, эбиитин тиит маска таһаарбыт буоллун диэн.

      Кэлбитим, өлүү түбэлтэлээх, улахан, киһи кыайан кууспат хойуу да хойуу лабаалардаах үрдүк харыйаҕа таһаарбыттар быһыылаах. Ыстанан тахса-тахса үрэллэр. Тиритэн-тиритэн баран, аны тоҥоору гынным. Харыйаны тула хаама сылдьан көрө сатыыбын да, саарба баара көстүбэт. Хантан көстүөй, бу үлүгэр хойуу лабаалар быыстарыгар кирийбит кыыл. Баҕар сиргэ, дүлүҥҥэ киллэрбиттэрэ буолаарай диэн суолларын көрө сатаатым да, барытын үлтү тэпсибиттэр.

      Хараҥарда, ол гынан саарбабын быраҕар санаа суох, кыһыыта да бэрт. Ыйдаҥа да ааспыт кэмэ этэ, тымныы дьыбар күүһүрдэ, арай мииннэрим эрэ кыһаллыбакка утуйа сытар, охтоохтообут. Эмискэ убайым барахсан сүбэтэ өйбөр көтөн түһэн абыраата: «Улахан кутаа уотта арыый тэйиччи оттор буол, оччоҕо ол сырдыгар саарбаҥ харахтара көҕөрөн көстөн кэлиэ», – диирэ. «Уот оттору баҕас!» – диэтим да, чохорооммун хостоон мас кэрдэн бардым. Улахан үрдүк кутаа уот отууну отуннум, тула өттүм сырдыы түстэ, харыйабын одуулаһабын. Ыттар сүрэҕэлдьээтилэр дуу, сылайдылар дуу, харыйаларын анныгар сыталлар. Кырачаан олох да утуйбут.

      Толкуйдуу түһээт, харыйа нөҥүө өттүгэр эмиэ уот отуннум. Бу сырыыга син өр бадьыыстастым, сырдыкка даҕаллыбыт харах хараҥаҕа балайданна. Төһө бириэмэ барда эбитэ буолла, хаптайан моонньум ыарыйда, одуулаһа сатаан баран, хонорум дуу диэн санаа көтөн түстэ. Ол мөхсө сылдьан эмискэ харыйа ортотун соҕус диэки лабаалар быыстарыгар икки харах кылбачыйарын көрдүм. Үөрдүм аҕай, араастаан чугаһаан да, тэйэн да көрүтэлээтим. Адьас кини харахтара быһыылаах, саарбачаан.

      Уот сырдыга түспүт саһархай хаары саабынан кыҥаан көнөтүк туппутунан саарбабын кыҥыыбын. Мушкам да, целигым да саам уоһугар көстүбэт. Саабын санаабар көнөтүк туппутунан туох баар билэр-билбэт айыыларбар үҥэн баран ытаары оҥоһуннум. Биир эрэ түгэн, биир эрэ ытыы, биир эрэ буулдьа. Сыыһарбын саныахпын да баҕарбаппын, атыннык ылар кыах суох уонна бу саарбаны. Ыттым, тозовка «тас» эрэ гынна, таптым дуу, сыыстым дуу, кылбайар да харахтар көстүбэттэр, саарба өлөн түһэрэ да көстүбэт, ыараан ырдьыгыныыра да иһиллибэт. Төбөбөр туох да суох, туох да толкуй киирбэт. Мэлэччи көрөн иһиллээн турабын эрэ, арай икки мөлтөөн эрэр отууларга мас умайар тыаһа иһиллэр.

      Тоҕо эрэ ыттар да үрбэттэр. Иһиллии турабын. Сиирэ-халты ыппытым буоллар, соһуйан өрө сүүрэн тахсар тыаһын ыттар истэн үрүө этилэр. Суох. Туох да суох.

      Чэ, аны кэлэн харыйабын кэрдэр эрэ хаалла. Саа туһата бүттэ, чохороонум үлэтэ саҕаланна. Дьэ кини баҕас үлэттэн куттаммат. Ууга да түспүт бурааны хостуур, түүннэри хонугулуур маһы да кэрдэр, ыркыйга саҥа суол да солуур, чоҥкуну тоһута охсон силии да сиэтэр уол оҕото буоллаҕа.

      Эттээх-сииннээх сымнаҕас

Скачать книгу