Нимкакич. Платон Ламутский
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Нимкакич - Платон Ламутский страница 7
Чибдэбил:
Дьэ, уолум, эн иһит эрэ,
Биир силискэ үүммүт
Түөрт мас бииргэ эмэҕирэр.
Ону эрдэ араартаатахха,
Сонно үргүлдьү өлөр-хатар
Диэн ыччакка этиллэр.
Өбүгэ дьүүлэ кытаанах,
Күүһүлэниэхтээҕэр үүрүллүөҥ!
Ону өйдүүгүн дуо, адьарай?
Өйиндьэ:
Дьэ бу кынчарҕан кэнники
Сири кыаратар ини.
Ох саа кыырайан тиийбэт
Сиригэр дьүгэлийбит ордук.
Чибдэбил:
Хаан уруугуттан тэскилээн
Син кырыыска бараҕын!
Үйэлээх сааскар удьуоргун
Харахтаабат гына андаҕай!
Ол өбүгэҥ бастакы дьүүлэ.
Мас эмэгэт иннигэр
Өйиндьэ андаҕайар.
Барыларын иннилэригэр
Өйиндьэ тыла өрөлөһөр:
Өйиндьэ:
Ньөлбуни каган түөһүгэр
Сүгүрүйүөм кэриэтин
Дьоммуттан арахсан быралыйыам,
Ыт курдук киэр үүрүллүөм!
Ийэлээх аҕаттан арахсар
Ыараханын да иннигэр
Уол оҕо санаата биир —
Ол кэриэтэ буруйум иһин
Абааһы аймах аргыстаныам.
Өйиндьэ өбүгэ дьүүлүн
Күтүр киҥигэр ыллаҕа.
Аҕа-ийэ кэриэһэ диэни
Төрүт билбэккэ бардаҕа.
Орочон дьоҕус аймаҕын
Хаан уруутуттан араардаҕа,
Ахтыһыы-ытаһыы муҥун
Бастакы бу биллэҕэ.
Нанахай диэн убайдара
Урут Амары таҥнарта.
Ол амыдай туохтан оннук
Дьүгэлийтин билбэппин.
Кини кур суолун суоллаары
Өйиндьэ соруммут этэ.
Икки улахан удьуор
Туора хааман биэрдэ±э.
Ити кэнниттэн сотору
Каганнар каганнара тэгмэр
Аатын ылбыт аҕа Чибдэбил
Таҥараҕа барбыт диэн аатырда.
Холботун үс салаалаах
Адам тииккэ ыйаатылар.
Уолаттар аҕаларын
Кэриэстээн андаҕайдылар.
Удьуору бүтүн хаалларарга,
Бииргэ ханыыны түмэргэ,
Туора ыал күһэлтиттэн,
Бүтүн хаалар туһуттан
Ыраах дьаадьыйан биэрэн,
Бүччүм сири булан баран,
Олохсуйарга баҕардылар.
Ньөлбуни баһылык буолла,
Каган титулун ылла,
Саатын-саадаҕын иилиннэ,
Дойдутун үстэ эргийдэ.
Кинилэр эрэйдээхтэр
Быстан-ойдон тиийэн,
Амар Сэрэндьэтин,