Өлүү-тиллии икки ардынан. Прокопий Чуукаар

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Өлүү-тиллии икки ардынан - Прокопий Чуукаар страница 11

Жанр:
Серия:
Издательство:
Өлүү-тиллии икки ардынан - Прокопий Чуукаар

Скачать книгу

далыгар көстүбэт буолла. Куруппааскы баар буолуох курдук. Ыйы быһа кэнсиэрбэнэн үссэнэ сырыттым. Онтубут да дьоҕуһаата быһыылаах. Эн тугу эмит аҕаллыҥ дуо?

      – Бурдук манна ыскылаакка баар үһү. «Холбостон» суруктаах кэллим. Ас арааһа тиийбитэ дэһэллэр. Оҕолорго эрэ ону-маны ыллым.

      – Тугу да бултаабакка сылдьан хайдах ытыспытын тоһуйуохпутуй? Сатаатар килиэп аҕалбатыҥ дуо? Наһаа ахтыбыппын.

      – Килиэби дуу, миигин дуу?

      – Хайаҕытын даҕаны… Арба, муорабыт тааҥнаары гыммыт. Мин тиийдим да, төттөрү охторум буолуо. Өйдүүр эрдэххэ, ол суругу билигин миэхэ биэрэн кэбиһиэҥ этэ. Аһы-үөлү Тароторин ойоҕо дьаһайар быһыылаах. Сатаатар оҕолорбутугар сгущенка мүччү ыһыгыннарыллыа.

      – Халлаан сырдаан үчүгэй баҕайы. Ол туох тэлимниирий?

      – Этэрикээни туоруур бэлиэм. Ылтаһыны ураҕаска саайбытым.

      – Оттон тоҕо тэлимниирий? Былаах курдук дии.

      – Ити дьэргэлкэн «хамсатар». Өссө да туундара дьиктилэрин көрдөртөөн иһиэҕэ.

      – Хайа, ханна? – дии түһэллэр им-дьим испит оҕолор ону истэн.

      – Арба, доҕор, саабыт куһаҕан диэн туоһапка көрдөһөн ыллым.

      – Онон тугу бултаары гынаҕын?

      – Эн ыраата бардаххына, доҕор оҥостуом. Доруоппут биир эрэ дии. Хата ытарга үөрэтээр эрэ.

      – Сайын сааны эспэккэ бултуохпут.

      – Хайдах?

      – Илиминэн.

      – Оччоҕо куруппааскыларга эмиэ илим үтүөххэ.

      – Куруппааскыны илимнээбиттэрин истибэтэҕим, боруобалыахпыт даҕаны. Оттон саарбыт куһу илиминэн бултуур сурахтаахтар.

      – Оо, хаһан саас буола охсор?!

      – Байылыат олох кэлэрэ чугаһаата. Икки ыйы хайдах эмэ гынан мүччү түспүт киһи.

      САП САҔАТТАН САЛҔАНАН…

      Уйбаан дьоннорун дьиэлэригэр үҥүлүтээт, иһирдьэ киирбэккэ таһынан сылдьан аҕалбыт малларын-салларын хахханы буллартыыр, ыттарын бэрт барбах өл хаптарар уонна бэйэтэ, аара айаннаан иһэн аһыам диэн, балык кэнсиэрбэтин хоонньугар уктар. Тааҥ балачча кэҥээбит этэ, ону дьонугар эппэтэҕэ. Хайдах эмэ гынан Киһилээхтэн аҕыйах куул бурдугу аҕалар баҕалаах. Чэпчэки таһаҕастаннаҕына, суукка аҥаарынан эргиллиэн сөп. Оччоҕо эрэ кус-хаас кэлэригэр тиийэр кыахтаахтар.

      Ыттара муҥ кыраайынан ойон иһэн, туох эрэ көстүбэт истиэнэҕэ кэтиллибиттии, хорус гына түһэллэр. Кутуруктарын купчутан илэ-чахчы туохтан эрэ олус куттаммыт көрүҥнэммиттэр. Уйбаан, соһуйбут омунугар, ойон турарыгар сыарҕатын түҥнэри көтөн кэбиһэр. Бэриэччитигэр тиийбитигэр ыта ыйылыы-ыйылыы мууһу сытырҕалыыр. Үрүҥ эһэ сытын ыллахтара, өссө чугас быһыылаах. Хантан эрэ муус халҕаһатын быыһыттан кэтээн сыттаҕа дуу? Бэл күнүс үрүҥ тунахха балыйтаран көстүбэт аарыма кыыл бу айылаах балай хараҥаҕа субу да саба барыйан турдаҕына көҥүл. Бэрт чугас буолан ыттар сыт ыллахтара. Сыарҕатыгар сыҕарыйар-сыҕарыйбат сыылыҥхайдаан тиийэн саатын сүөрэр. Бэл табаны хотуппат баҕайы үрүҥ эһэни хайыа эбитэй. Тирээн туран ыта сатаан көрөрө дуу. Аны ыттара

Скачать книгу