Ийэм кэпсиир… (1 чааһа). Семен Маисов

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Ийэм кэпсиир… (1 чааһа) - Семен Маисов страница 9

Жанр:
Серия:
Издательство:
Ийэм кэпсиир… (1 чааһа) - Семен Маисов

Скачать книгу

Элэбэһиэтэ уонна кини сурдьа Ыстапаан. Элэбэһиэтэлээх убайдара таайбыныын араа-бараа саастаах Көстөкүүн – холкуос суотчута. Бүөтүрү кытта Алааска ардыгар аргыстаһан бараллар-кэлэллэр.

      Эһэм отчуттар бүтэн барбыттарын кэннэ, хойут, эбэ уута тартаҕына, күөл кыламанын киирэн охсор. Тарбыйахха бэлэм охсуллубут оту сүгэн үлэбит чэпчиир. Оҕонньор өссө холкуос отчуттарыгар балыктыыр, онтутугар көлөһүн күнүн аахсар. Сыраны-сылбаны быһар күүстээх үлэҕэ сылдьар дьон «харата» суох хайдах да сатамматтар.

      Ыалбыт эмээхсин Оппуруоһа эмиэ, чугас эргиннээҕи өтөхтөрү кэрийэн, сыта-тура тыыппалаһан, биирдии-иккилии сыарҕа от оҕотун онно-манна томтотолуур. Онтун күһүн сүөһү хотоҥҥо киирбитин кэннэ, сыарҕа халыйар хаара түһээтин, оҕуһунан тиэйэн аҕалан сиэтэр. Эбии аата эбии, эмээхсин оттообут ото мэнээк барсар.

      Мискээйэп Ньукулай сиһинэн ыалдьан оттообот. Хата балыктыыр, ону Харбалаах уонна Күүлэлээх отчуттарыттан күн өрүү-өрүү оҕустаах оҕо кэлэн тиэйэн барар. Мискээйэптэргэ киирдэхпинэ, Хахалдьыйа сирэй оһоҕун иннигэр талах олоппоско аргынньахтаан сиһин угуттуу олорор буолар. Сиһи уокка угуттуур сүрдээх үөрүйэхтээх. Ньукулай оҕонньор көхсө түөрэтэ түөн онно чэринэн чөҥөрүйэ ойууламмытын көрөн салла саныыбын. Эдэригэр бэйэтин харыстаммакка харса суох түһүөлээн эрдэ сорсуйбут киһи диэн кэпсэтэллэрин истэрим.

      «Хайа баҕарар үлэни нэмин табан, күүскэр, кыаххар холоон сөбүн көрөн, сатабыллаахтык, судургутутан, ол эрэн туппут илиигин араарбакка үлэлээтэххинэ эрэ үлэҥ үтүө түмүктээх, таһаарыылаах буолар», – диэн эһэм сүбэлиир. Кырдьык да оннук, аҥаардас хара күүһүнэн харса суох хабытайданар көдьүүһэ кыра, эт-сиин алдьанара дөбөҥ, чөлүгэр түһэрэ уустук. Ийэм да, таайым аах да маҥнай окко киирдэхтэринэ, бастакы икки-үс күн олус түһүнэн кэбиспэккэ, эттэрин-сииннэрин үөрэтэн, сөп-сөп тохтоон, сынньанан тыын ыла-ыла охсоллоро. Балаҕаннарыгар тахсан, сойо түһэн баран, биирдии чохоол кыыймыт арыы иһэллэрэ уонна иттэннэри түһэн сыталлара, өссө нуктаан, утуйан ылаллара. Оччоҕуна ол испит арыылара, бэйэлэрэ этэллэринэн, систэрин этин сааһынан бычалыйан тахсан, эттэрэ-сииннэрэ көһүйбэтин курдук сымнатара үһү. Күн аайы эптэр-эбэн үлэлэрин тэтимирдэн, устунан хатан, кииллийэн хаалаллара. Үчүгэй хатарыылаах киһи тыына-быара кылгаабат, тэптиргэ курдук сылдьар. Оннук дьон омурҕантан омурҕан ыккардыгар ууну букатын испэттэр. Омурҕаҥҥа да үчүгэйдик сойон, эттэрин суоһун аһарынан баран биирдэ эрэ утахтаналлара. Оттон тулуура суох киһи сойбут ууну иһиккэ соһо сылдьан харса суох иһэр, устунан сыыстаран уруттуур. Уруттаабыт киһи уҥаайы, ис-иһиттэн сэниэтэ суох, наар тыын ылан сынньаныан, утахтаныан эрэ баҕарар, хара аһы аанньа аһаабат, биир үксүн ол да иһин күүһэ-күдэҕэ эстэр, үлэтин түмүгэ эмиэ ол курдук.

      Мин сайын балаҕан ис-тас үлэтигэр түбүгүрэрим, оҕолору кытта оонньуурум таһынан, доҕотторум туохха эмит солото суох буолан тардылыннахтарына, наар эһэбин батыһан саппай уопса сылдьабын. Сээкэй кыраны

Скачать книгу