Эɮэрдэлэр. Баɮа санаалар. Анабыллар. Клара Ксенофонтова

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Эɮэрдэлэр. Баɮа санаалар. Анабыллар - Клара Ксенофонтова страница 5

Жанр:
Серия:
Издательство:
Эɮэрдэлэр. Баɮа санаалар. Анабыллар - Клара Ксенофонтова

Скачать книгу

сөп. Кини үлэлээбитэ-хамсаабыта манан бүппэт, муҥур уһуга суох. Ол курдук «Бичик» кыһатыгар таһаартарбыт кинигэтин ахсаана омуна суох элбэҕин сэргэ, дьоҥҥо-сэргэҕэ олус туһалыыр остуол кинигэтигэр кубулуйда.

      «Ыал – ийэтинэн» дииллэр. Ол тэҥэ эн дьиэ кэргэҥҥэр асчыт мааныта, тапталлаах кэргэн, истиҥ ийэ буоларгын билэбит. Олоҕуҥ аргыһыныын Степан Яковлевичтыын үс бэртээхэй оҕону иитэн, киһи-хара гынныгыт, кинилэр эһиги тэлбит суолгутунан тыл үөрэхтээҕэ, техникаҕа сыстаҕас дьон буолан, үөрэнэ, үлэлии-хамсыы сылдьалларыттан биһиги эмиэ тэҥҥэ үөрсэбит.

      Күндү кыыспыт, туллар тутаахпыт, кэрэ киһибит! Олоҕуҥ орто омурҕанынан, бу өрөгөйдөөх күҥҥүнэн, алгыс баһын сыалаатахпыт буоллун! Саха тиит маһыныы чиргэл доруобуйаны, өрүү бүгүҥҥүҥ курдук эдэр, кыраһыабай сылдьаргар баҕарабыт! Айар-тутар аартыгыҥ аана тэлэччи арылыннын, ыарахаттартан чаҕыйбакка, өссө өрө бар, инниҥ диэки дьүккүй! Чугас дьонуҥ, үөрэппит-такайбыт ыччатыҥ үөрүүгүн үксэтэ, өрөгөйгүн үрдэтэ турдуннар!

      Тэрилтэ бэтэрээн үлэһитигэр

      Эйигин 75 сааскын туолар кэрэ-бэлиэ күҥҥүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит! Бу күн эйиэхэ баҕа санаа баһаамын барҕалыырбытын, алгыс баһын сыалыырбытын көҥүллээ!

      Өр сылларга үтүө суобастаахтык үлэлээн, билигин сынньалаҥҥа да олордоргун кэлэ-бара сүбэ-ама биэрэ сылдьаргыттан, биһигини умнубаккыттан үөрэбит. Киһи, төһө өр үлэлиириттэн тутулуга суох, убанар-убаммат, ылынар-ылыммат дьонноох буолар. Оттон биһиги кэккэбитигэр үлэлээбитиҥ тухары эн, аҕа саастаах киһи быһыытынан, дириҥ толкуйуҥ эдэр дьон уустук кэмнэригэр ыллыктаах санааны угара саарбаҕа суох. Бука барыбыт өйүгэр-санаатыгар умнуллубат кэрэ өйдөбүллэри хааллардыҥ.

      Олох араас түһүүлэрин-тахсыыларын мүччү көтөр модун санааҥ уҕараабакка өрүү, бу бүгүҥҥүҥ курдук, инники хардыылыы тур! Ыарыы

      ыалласпатын, тумуу тумуннун, оҕолоруҥ, сиэннэриҥ үөрүүгүн үксэтэ, саргыгын салайса турдуннар!

      Ыал буолбут үбүлүөйгүтүнэн

* * *

      Дьоллоох дьоро күҥҥүтүнэн! Үөрүүгүтүн, хомолтоҕутун тэҥҥэ үллэстэн, куруук эйэлээх, бэриниилээх дьиэ кэргэн буолуҥ! Кулуннаах биэ, саптаах иннэ курдук өрүү бииргэ үөрэ-көтө илигирэһэ сылдьыҥ! Үчүгэй өрүккүтүн сайыннарсыҥ, өйдүүн-санаалыын биир буолуҥ! Хараххытынан хайҕаһыҥ, сүрэххитинэн сөбүлэһиҥ!

* * *

      Күөрэгэй чыычаах курдук

      Күндү көмүстэргитин

      Күнүстэри-түүннэри

      Көрөн-харайан, оҕолоон,

      Күн сирин киэҥ киэлитигэр

      Көччөх гынан көтүттүгүт,

      Киһи буолбут аналгытын,

      Кэскиллээх иэскитин толордугут.

      Отут сыл олорбуккут бэлиэтэ —

      «Оҕом», «тоҕойум» дэһэргит

      Үтүө холобур буолуохтун

      Үүнэр көлүөнэ ыччакка.

      Көрсүһэр үөрүүгүт, сыллаһа сылдьаргыт,

      Кыыһырсары билбэт холку майгыгыт

      Эдэр дьоҥҥо иитиэхтин

      Эрэли, уостубат тапталы!

      Кыһыл

Скачать книгу