Итэҕэл уонна ыраастаныы. Кулан хан

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Итэҕэл уонна ыраастаныы - Кулан хан страница 4

Автор:
Жанр:
Серия:
Издательство:
Итэҕэл уонна ыраастаныы - Кулан хан

Скачать книгу

диэн тыл төрүт, сахалыы суолтатын өйдөөтүн диэн киллэрдим.

      Уһун кэмҥэ христианствоны кытта алтыһаммыт, таҥара «бог» диэн өйдөбүллэнэн хаалбыт. Аҕа таҥара диэн халлаан, Ийэ сир – айылҕа. Кинилэр оҕолоро – орто туруу-бараан дойдуга олохтоох Киһи. Арҕаһыттан тэһииннээх айыы хаан аймаҕа диэн.

      Нууччаҕа «семья» диэн өйдөбүл баар. «Семь Я» диэн алта киһи холбоһон, сэттис киһи мин буолабын диэн ис хоһоонноох. Икки эһэ, икки эбэ, ийэ, аҕа холбоһоннор, мин баарбын диэн. Дьэ ити көрүүгэ-истиигэ улааппыт оҕо толору киһи буолан үүнэн тахсар.

      Саха киһитэ айылҕа оҕото буолан бэйэтин дьонун таһынан сири ийэм диэн билинэр, оттон халлааны, Таҥараны, – аҕам, аал уоту – эһэм, уулары, үрэхтэри, өрүстэри, күөллэри, байҕаллары бука барыларын – эбэм.

      Былыр Мэҥэ ууһун баһылыгар нууччалар кэлэн «таҥара дьиэтин тутуо этибит, сирдэ бэрис» диэн көрдөһүүлэрин тылбаастаан биэрбиттэригэр, «ол бүтүн таҥараны хайдах дьиэлээри-уоттаары гынар баҕайыларай?» диэн улаханнык соһуйбут. Таһырдьа тахсан халлааны көрөн: «Субу көстөн турар таҥараҕа үҥэр-сүктэр буоллахха, тугун эмиэ дьиэтэй-тойой?!» – диэбит.

      Саха киһитэ, Сир Ийэтигэр сүгүрүйэр буоллаҕына, сир дьиэтин тута сатаабат эбээт. Син эмиэ ол курдук былыр-былыргыттан улуу сүдү Халлааннарын субу утары көрөн туран Аҕа Таҥараларыгар үҥэн-сүктэн эрдэхтэрэ. Ол иһин үрдүк сирдэри: булгунньахтары, мырааннары, хайалары – Ытык сир диэн ааттаан, онно тахсан, үөһээ күүстэри кытары кэпсэтэллэр эбит.

      Аны «үҥэр» диэн тылбыт суолтата эмиэ букатын тиэрэ барбыт. Билигин дьон үксэ таҥараҕа үҥэр диэни хайдах эрэ көрдөһөр-ааттаһар курдук өйдүүллэр. Дьиҥэ, түүр төрүттээхтэр хаһан даҕаны көрдөһөрү-ааттаһары өрө туппуттара биллибэт. Көҥүлү, чуолаан ис көҥүлү өрө тутар айылгылаах буолан, өбүгэбит көрдөһүөн-ааттаһыан кэриэтэ олоҕун толук уурарын ордорор буолара. Ордук уол оҕо, эр киһи олоҕо бүгүн баар, сарсын суох да буоллаҕына көҥүлэ диэн өйдөнүллэрэ. Ол да иһин өбүгэлэрбит: «Биир уол оҕо ханна төрөөн өлбөтөҕөй, биир сымыыт ханна сытыйбатаҕай?» – диэн эттэхтэрэ.

      Өлөрүн утуйарга холуур буолан, «наай гыннар биир бэйэбит өлүөхпүт!» диэн холкутук этэрэ. Оттон өлөр өлүүттэн куттаммат – албын буолар кыаҕа суох. Тоҕо диэтэххэ өлүү суолтатын өйдөөбүккэ айылҕа бэйэтин тутулун кистэлэҥин арыйан биэрэр эбит. Ол иһин өбүгэбит, бу сирдээҕи олохтон тутуһан, көрдөһө-ааттаһа сатаабата.

      Үҥк – үҥүлүй диэн. Ол аата, үрүҥ тыыны өрө үҥүлүтэн, куту-сүрү көтөҕүү. Айылҕа оҕото өбүгэтин өйдөөн, Сир Ийэтигэр, Аҕа Таҥаратыгар үтүө тыынын ыытара, махтанара, астынара. Үҥүү сахаҕа үҥкүү, тойук, оһуохай буолан тахсар. Ол билигин суолтатын сүтэрэн оонньуу-көр, дьону сааратыы таһымыгар түһэн хаалаахтаата.

      Билигин дьиҥ бэйэтин төрдүн-ууһун билэ сатааччы ахсаана Арассыыйаҕа элбээн иһэр. Тоҕо диэтэххэ дойдубут баһыйар үгүс өттө түүр төрүттээх истиэп олохтоохторо. Бу дьон түҥ былыргы Таҥара итэҕэллээх (тенгрианство) этибит диэн эмиэ өйдөөтүлэр. Ол итэҕэл сахаларга, алтайдарга уонна эбэҥкилэргэ хаалан сылдьарын этэллэр. Холобур, Татарстан биллэр учуонайа

Скачать книгу