Саха саарына Тэрис. Группа авторов
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Саха саарына Тэрис - Группа авторов страница 19
Манчаары саспыт томторун булан баран, аны салгыы сабаҕалааһын быһыытынан манна чугас эргин эмэгэт сэргэ баар буолуохтаах диэн, аны ону көрдүү бардыбыт. Өрүүтүн буоларын курдук, эмиэ Вильям Федорович бастакынан булан, сиргэ охтубут эмэгэт сэргэни өйөннөрө турарыгар, ууну тэпсэн, тоҕо анньан тиийэбит. Тэрис бу сэргэ туһунан маннык кэпсээтэ:
– Былыр киһини эмтииргэ маннык эмэгэт сэргэни туһаналлар эбит. Ыал буолуу, доруобуйа, үлэ-хамнас, түмсэн олоруу, билиини ылыы, уһуннук олоруу диэбит курдук, бу тоҕус ойбоммут бары анал ааттаахтар (ыйа-ыйа быһааран кэпсиир). Дьэ, ол билиилэрин туһанан бу тоҕус ойбонунан эмтииллэр. Сылгы түүтүн төкүнүтэн, алгыс этэн баран бу хайаҕастарга угаллар эбит (кырдьык көрбүтүм, сылгы түүтэ угуллубут этэ. – Ааптар). Аан бастаан бу эмэгэти Вильям Федорович хаартыскаҕа түһэрэн аҕалбыта. Онно биһиги көрүүбүтүнэн, бу туочукалар миэстэлэрэ оруобуна индиялар үөрэхтэригэр этиллэр чакраҕа сөп түбэһэр эбит. Онон сахаҕа чакра суох дииллэрэ оруна суоҕа көһүннэ. Сахаҕа, дьиҥинэн, сэттэ буолбатах, тоҕус ойбон баар. Бу алмаастааҕар да күндү булумньу буолар. Киһиэхэ алгыһы эттэххэ, бу ойбоннорунан киирэр. Онон итэҕэлбит саамай төрдө бу эмэгэт сэргэҕэ сытар. Маны суолталыахха наада. Бу эргин баай Попов олорбут буолуохтаах. Саха сиригэр маннык сэргэ суох. Манна суолун оҥорон, күрүөлээн кэбиһиэххэ баар эбит. Бу эмэгэт сэргэ итэҕэл ис хоһоонун барытын илдьэ сылдьар. Ол аата былыр манна революция иннинэ улахан алгысчыт, эмчит, ойуун олоро сылдьыбыт», – диэн түмүктээтэ. Бу сиртэн бүтэн бараары туран, Тэрис салайыытынан сахалыы туом оҥоһулунна.
Бу сылдьыбыт ытык сирдэрбит кэнниттэн дьэ туох түмүк оҥоһулунна. Ол туһунан кылгастык… Быйыл саас Дьокуускайга итэҕэл мунньаҕа ыытыллыбыта. Онно Аан Алахчын сылыттан саҕалаан, Саха сирин улуустарын ытык сирдэригэр сүгүрүйүү (паломничество), айаннарга сылдьыы былаана ылыллыбыта.