Саха саарына Тэрис. Группа авторов
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Саха саарына Тэрис - Группа авторов страница 7
Л.А. Афанасьев-Тэрис үлэлэрэ күн сирин көрүүлэрэ, дьон-сэргэ болҕомтотун ылыылара, биhирэниилэрэ, үөрэх буолан систиэмэлэниилэрэ, тустаах тэрилтэлэр нөҥүө бигэргэниилэрэ соҕотох эрэ киhи сыратын түмүгэ буолбатаҕа. Ити ситиhиилэр Л.А. Афанасьев-Тэрис тумустаах «Кут-сүр» холбоhук, «Бичик» национальнай кыhа, о.д.а атын тэрилтэлэр, общественнай холбоhуктар күүскэ үлэлээбит түмүктэрэ буолар. Оччолорго Ил Түмэн депутаттарын истэриттэн «Кут-сүр» холбоhук үлэтин өйдөөбүт, өйөөбүт элбэх этэ. Орто үөрэхтээhин эйгэтин салайааччыларыттан саха оскуолаларыгар үөрэх салаатын нөҥүө Айыы үөрэҕин олуктара киирэллэригэр туруорсубут эмиэ аҕыйаҕа суоҕа.
Кэлин ити хамсаныылары хабан ылааччы элбээбитэ. Төрүт итэҕэли быhаарсааччы, туруулаhааччы араҥата үөскээбитэ. Сир-сир аайы ким өйдөөн, ким өйөөн, ким дьарык гынан, төһө билэллэринэн, аахпыттарынан, истибиттэринэн, билгэлэммиттэринэн, көрүүлэммиттэринэн араас ыстатыйалары, кинигэлэри суруйан да, суруйтаран да барбыттара. Сорох айдарыылаах өттө норуокка араас бөлөхтөрүнэн саха итэҕэлин сөргүтэр оскуолалары тэрийбиттэрэ. Ол курдук, биллэр оскуолалаахтарынан, эмтиир дьоҕурдаахтарынан биhирэммиттэрэ В.А. Кондаков уонна Сайыына. Кэккэ элбэх эмчит, алгысчыт идэтин баhылаабыт дьон тахсыбыттара. Ордук дьон-сэргэ билиниитин айылҕаттан айдарыылаах Эдьиий Дора ылбыта. Онтон да атын көрбүөччүлэр, эмчиттэр, билгэhиттэр, алгысчыттар тэнийбиттэрэ. Кыhалҕалаах ыарахан кэмҥэ олортон сорох өттө харчылаhар, идэ оҥостор баҕаттан, сороҕо билээри-көрөөрү, сороҕо аат-суол оҥостор соруктан. Ол эрэн, тустаах органнар кигиилэринэн, этиилэринэн араас бөлөхтөр, оскуолалар тэриллиилэрин күөртээччилэр